Дьокуускайга медицинскэй сиэстэрэлэр куурустарын бүтэрбит эдэркээн кыыс 1940 сыллаахха дойдутугар, Чурапчыга, сэллик балыыһатыгар үлэлии тахсыбыта.
Сотору алдьархайдаах сэрии саҕаламмыта. Кини үлэлиир балыыһата сабыллыбыта. Кыыс Чакырдааҕы медпууҥҥа анаммыта. Аны сэрии иэдээнин мэҥэһиннэрэн сут-кураан ааҥнаабыта. Колхуостар хоту оройуоннарга көһүүлэрэ саҕаламмыта.
1942 сыл сайыныгар Анна Степановна, Чаачыгыйга баара. Көһөн иһээччилэргэ элбэх көмөнү оҥороро. Биир бөлөх дьону Аллара Бэстээххэ диэри арыаллаабыта, онно ыарыһахтары эмтээбитэ, дьахтары оҕолоннорбута.
Нөҥүө сайыныгар фроҥҥа ыҥырыллыбыт бэйэтин биир дойдулаахтарын Забайкальеҕа тиийэ арыалласпыта. Төннөрүгэр ыараханнык ыалдьыбыт икки саллааты бүөбэйдээн дойдуларыгар аҕалбыта. Ол дьон кэргэттэрэ кинини хайдах курдук үлүскэн үөрүүнэн көрсүбүттэрин, ытыы-ытыы махтаммыттарын кырдьаҕас эмчит хойукка диэри улаханнык уйадыйан туран кэпсиирэ.
Ол ыарахан сылларга оройуон аҕыйах ахсааннаах эмчиттэрэ күүстэрин, дьоҕурдарын харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Ыарыы-сүтүү элбэх, эмп-том кэмчи этэ. Оттор мас да көстөрө кытаанах буолара. “Мин нуорма килиэппин маска атастаһарым, онон үксүгэр аччык сылдьан үлэлиирим”, — диэбиттээҕэ кэлин Анна Степановна. Ол да буоллар кыыс санаатын түһэрбэтэҕэ. Кырдьаҕас быраас Т.А. Марчук түүн-күнүс оҥорор эпэрээссийэлэригэр көмөлөһөрө, үөрэнэрэ. Утуйарын умнан туран, түүннэри фроҥҥа анаан итии таҥаһы тигэрэ.
Тус бэйэтин олоҕо эмиэ олус ыарахан буолбута. 1942 сыллаахха аҕата сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Нөҥүө сылыгар түөрт бииргэ төрөөбүттэриттэн маппыта.
Эйэлээх олох саҕаланан эмиэ сыыйа бары-барыта көнөн барбыта. Анна Степановна урукку үлэтигэр төннүбүтэ, аас-туор олох охсуутугар тэнийбит сэллик ыарыыны утары сыламтата суох охсуспута. Кини ити үлэтигэр 27 сыл эҥкилэ суох үлэлээбитэ.
Коммунистическай үлэ удаарынньыга, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ төһө даҕаны биэнсийэҕэ тахсыбытын иһин, таптыыр идэтин бырахпатаҕа, дьон-сэргэ сырдык тыынын араҥаччылааһыҥҥа сыралаһан үлэлээбитэ. Кини кыыһа, Клара Ивановна, ийэтин утумнаан эмиэ эмчит идэтин талбыта, медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлээбитэ.
Анна Степановна Слепцова сэмэй олоҕо, үлэтэ эдэрдэргэ идэҕэ бэриниилээх буолууга, дьон туһугар үтүө суобастаахтык үлэлээһиҥҥэ бэртээхэй холобур.
Сэмэн Жендринскэй