Бүгүн Чурапчы нэһилиэгэр, улуус баһылыга Степан Саргыдаев салайааччылаах үлэ бөлөҕө, нэһилиэктэринэн кэрийэн улуус дьаһалтатын ааспыт 2023 сыллаахха ыытыллыбыт үлэтин билиһиннэрэр, сырдатар, дьон санаатын истэр, этиилэрин сурунар отчуотун түмүктээтэ. Нэһилиэнньэ отчуокка көхтөөхтүк кытынна, “Айылгы” НАДь-гэр 273 киһи мустан иһиттэ.
Отчуокка биирдиилээн дьон тураннар ыйытыктарын кытары этиилэрин тэҥинэн этэн саҕалаатылар.
Бастакынан, 1997 сыллаахха тутуллубут улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин дьиэтигэр өрөмүөҥҥэ наадыйарын эбэтэр кыаллар буоллаҕына атын эбийиэккэ көһөрөр туһунан боппуруоһу бибилэтиэкэр Елена Дьячковская туруорда.
“Куоҕалы” ТОС олохтооҕо Мария Луковцева, 2016 сыллаахтан туруорсар, 1200 үөрэнээччилээх Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын салҕааһын тутуутун өссө төгүл тоһоҕолоон туоһуласта, бу дьиэ олус эргэрбитин, оҕолор, учууталлар доруобуйалара айгырыырын этиннэ, иккис сменэнэн үөрэнэри суох гынары туруоруста. Маны таһынан биллэр уопсастыбанньык “Куоҕалы” быһытын тутуллуутун туһунан ыйытта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Уйбаан Пономарев, отчуот бириэмэтигэр саҕаламматаҕын ыйда, биллэн туран тыа хаһаайыстыбатын чааһыгар бэйэтин көрүүлэрин этиннэ. Бу сырыыга Уйбаан Бөтүрүөбүс, оройуон киинигэр, тыа сириттэн итиэннэ чааһынай дьон бэйэлэрин бородууксуйаларын, оҥорбут оҥоһуктарын хамаҕатык атыылыылларын туһунан ырыынак тутуллуутун туруоруста.
Чурапчытааҕы аграрнай-техническэй кэллиэс дириэктэрэ Василий Гуляев, Нидьили түөлбэтигэр үһүс сылын өрөмүөҥҥэ турар кэллиэс өрөмүөнүгэр, улуус дьаһалтата күүс-көмө, өйөбүл буоларыгар көрдөстө, итиэннэ нэһилиэк биир биллэр киин уулуссатыгар, өрөспүүбүлүкэ бастакы Ил Дархана Егор Борисов аатын иҥэрэр туһунан этиини киллэрдэ.
“Маарыкчаан” ТОС олохтооҕо Ольга Монастырева, Трактовай аатынан уулуссаҕа көтүрүллүүгэ барбыт уопсай дьиэлэр оннуларыгар ханнык эбийиэк тутулларын, тутуу кэмигэр итиннэ олорор дьиэлэр суолларын-иистэрин быспаттарыгар көрдөстө, бэдэрээлинэй тыраасса уота-күөһэ хаһан оҥоһулларын ыйытта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕунан ытыыга биллэр бэтэрээн ыспарсымыан Мария Попова, Нидьили түөлбэтигэр турар стелланы, ыччаттарга анаан бөһүөлэк бэтэрээ өттүгэр көһөрөн аҕалары туруоруста, ону таһынан Кындал учаастагар суол-иис куһаҕанын этиннэ, кыра учаастактары умнууга хаалларбаттарыгар көрдөстө.
Чурапчытааҕы үрдүкү үөрэх кыһатын бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев, улуус баһылыгын отчуотун дойдутугар 21 сыл буолан баран истибитин эттэ, кини манна нэһилиэк иһигэр “Мастер-план” ылыныаҕын диэн дьоһуннаах этиини киллэрдэ уонна нэһилиэнньэни улууспут баһылыгын тула түмсэн, ыытыллар үлэни биир санаанан өйүөҕүн диэн ыҥырда.
“Спортивнай” ТОС биир биллэр уопсастыбанньыга, “Саҥа олох” тутулуга суох уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Владимир Кривошапкин бу да сырыыга “Саҥа дэриэбинэ” илин өттүттэн саҕалаан биэрэгин бөҕөргөтөргө этиннэ.
Нэһилиэк олохтооҕо Евдокия Кривошапкина ыттар боппуруостарын сытыытык туруорда.
Урбаанньыт Екатерина Захарова, 2010 сылтан быһа быһаарыллыбакка турар Трактовай уулуссаҕа 4 кыбартыыралаах дьиэ докумуона ситэтэ суоҕун быһааралларыгар көрдөстө.
Улуус баһылыга Степан Саргыдаев түмүк тылыгар, ыытыллар үлэлэр барыта биһиги Дойдубут бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, СӨ Бырабыыталыстыбатын быһаччы өйөбүллэринэн балысханнык баралларын нэһилиэнньэҕэ анаан өссө төгүл эттэ, кинилэргэ анаан махтал тылларын анаата. Улууспут олохтоохторун инникитин ыытыллар үлэлэргэ барытыгар, харыйаны таҥнары соспокко, сүүрүгү утары өксөйө сатаабакка бука бары тутуспутунан биир тэҥник хамнаннахпытына кыһалҕаларбыт быһаарыллалларын, туруоруллубут сыал-сорук ситэрин эттэ.
Дьэ ити курдук улууспут биир даҕаны нэһилиэгэ хаалбакка, ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэ туһунан иһиттэ. Отчуокка нэһилиэнньэ барыта олус көхтөөхтүк кыттан,бары биир санаанан сөптөөҕүнэн сыаналаан, улуус эдэр салайааччыларыгар ситиһиини баҕардылар, “Чурапчы күүһэ – түмсүүгэ” диэннэр тарҕастылар.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ