Ил Дархан Айсен Николаев: “Чурапчы” ТХПК балаһыанньатын көннөрүүгэ көмөлөһүөхпүт

Айсен Сергеевич бүгүн Чурапчыга сылдьан, үлэни-хамнаһы кытта билистэ. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэлэрин бааһынай хаһаайыстыбаларга туттарда, Хатылыга гаас тардыллыытын, “Чурапчы” ТХПК, таас балыыһа иккис уочаратын, КСК, Ленин аатынан уулуссаҕа тутулла турар саҥа дьиэ тутуллууларын көрдө. Маны таһынан байыаннай дьайыыттан кэлэ сылдьар Эрик Ушницкай  дьиэ кэргэнигэр сырытта.  Улуус дьаһалтатыгар социальнай-экномическай боппуруостар тула мунньахтаата. Күн түмүгэр улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыакка анаан интервью биэрдэ.

  • Айсен Сергеевич, бүгүн Чурапчы улууһун социальнай-экономическай сайдыытын боппуруостарын көрдүгүт. Оройуон хайа хайысхалары тутуһуохтааҕый, туох кэскиллээх суол баарый?

Мин көрдөхпүнэ, улуус сөптөөхтүк сайда турар. Ааспыт биэс сылы ылан көрдөххө, социальнай эйгэ сайдыытыгар, тутууларга Чурапчы өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Ол Чурапчыга кэллэххэ, киһи хараҕар тутатына быраҕыллар. Суолу-ииһи, саҥа дьэндэйбит дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри, гаастааһыны да ылан көрдөххө. Быйыл Мындаҕаайыга саҥа таас оскуола, киин балыыһа иккис уочарата үлэҕэ киириэхтэрэ. Балыыһа саҥа оборудованиенан хааччыллыаҕа. МРТ курдук үчүгэй оборудование турара элбэҕи туоһулуур. Бэрэсидьиэммит Владимир Путин үлэлэтэр национальнай бырайыактара улахан эрэ куораттарга буолбакка, бу кыра дэриэбинэлэргэ тиийэ үлэлиирин бэлиэтии көрөбүт, ол дьону астыннарар.

Улууска саамай сайдыбыт хайысханан тыа хаһаайыстыбата буолар. Өрөспүүбүлүкэбитигэр  6-7 бырыһыан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйата оҥоһуллар. Кэлэр сылларга итини 10 бырыһыаҥҥа таһаарар кыах баар. Онно саҥа ньымалары киллэрэн туһаныахтаахпыт, үлэлиир дьону өйүөхтээхпит. Улуустааҕы “Ийэ сир” бырайыак үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга көмөлөр, сүбэлэр оҥоһуллаллар. Холобур, бүгүн саҥа тиэхиньикэлэри тутан үөрдүлэр.

  • Улууспутугар гааһы киллэрии биһиэхэ улахан үөрүүлээх суол. Үлэ хаамыытын хайдах сыаналыыгын уонна салгыы туох оҥоһуллуоҕай?

Дьон саамай үөрэрэ гаас кэлбититтэн. Ааспыт сылга Чурапчы 546 дьиэни гааска холбоон, өрөспүүбүлүкэҕэ чөмпүйүөн буолбута. Быйыл эмиэ туруоруллубут былааны куоһаран, 500-чэ ыал холбоноро былааннаммытын истэн үөрдүм. Ити – улахан ситиһии. Кырдьык, бу аныгы олоххо дьон табыгастаах, үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтаах. Онон гаастааһын бырагыраамата салгыы үлэлиэҕэ. Быйыл күһүн 9-с пусковой комплекс үлэҕэ киириэҕэ, ону таһынан Хатылыга гаас утаҕа тардыллан, эһиил толору гааска холбонуохтара.

  • Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн уонна сайыннарыы биһиги улууспутугар улахан суолталаах боппуруос. Бүгүн “Чурапчы” ТХПК сырыттын. Туох туһунан кэпсэтии буоллай?

“Чурапчы” ТХПК саҥа салалтатын кытта көрсөн кэпсэттим, балаһыанньаны үөрэттибит. Кистэлэҥ буолбатах, кэнники сылларга кэпэрэтиип сылтан сыл иэһэ-күүһэ элбээн, билигин бааннар да, бүддьүөт да иннилэригэр иэһэ улаатта. Салгыы маннык түгэн салҕанан бардаҕына, бу кэпэрэтиип эстэр кыахтаах. Ол иһин биһиги билигин сөпкө анаалыстаан, сыыһаларын көннөрөн, сөптөөх быһаарыныыны ылыахпытын наада.

Бэйэм өттүбүттэн өрөспүүбүлүкэ көмөлөһүөҕэ диэн этэбин. Өрөспүүбүлүкэҕэ баар иэстэрин реструктуризациялыыр да, сотор да кыахтаахпыт. Ол гынан баран, биһиги кэпэрэтиип кэлэр сылларга хайдах сайдарын, туох ситиһиилээх буоларын  көрүөхпүтүн баҕарабыт. Төһө үүтү-аһы, халбаһыны, полуфабрикаттары оҥорон таһаарыай, нэһилиэнньэни төһө хааччыйыай диэҥҥэ чуолкай эппиэттэри күүтэбит. Ону таһынан үбэ-харчыта хайдах буоларый,  барыска хаһан тахсыай, ночоотторун хаһан сабыай диэҥҥэ кэпэрэтиип салалтата, улуус дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта анаалыстаан, докумуоннарын киллэрдэхтэринэ, сөптөөх быһаарыныыны ылыныахпыт диэн этэбин.

  • Чурапчыга балыыһа, култуурунай-ыспартыыбынай комплекс, саҥа дьиэлэр тутуллаллар. Бу бөһүөлэк сайдыытыгар улахан суолталаах. Эн санааҕар Саха сирин нэһилиэктэрэ билиҥҥи олоххо хайдах буолуохтаахтарый?

Биһиги нэһилиэктэрбит олоххо табыгастаах буолуохтаахтар. Олох таһыма үрдүү турар кэмигэр сөпкө эппиэттэһиэхтээх. Ааспыт 5 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэбит элбэх нэһилиэгэр түргэн интэриниэти киллэрбиппит. Билигин өрөспүүбүлүкэбит 92 бырыһыан олохтооҕо түргэн интэриниэтинэн туһанар. Кэлэр сылларга Арктика улуустарыгар киллэриэхпит. Урут интэриниэти улаханнык туһаммат, оонньуурга эрэ туһалаах курдук саныыр буоллахпытына, билигин интэриниэт нөҥүө күннээҕи кыһалҕаларбытын быһаарабыт.

Саҥа дьиэлэр, тутуулар баар буолуохтаахтар. Оҕолорбут саҥа оскуолаларга, уһуйааннарга улаатыахтаахтар. Балыыһаларбыт үрдүк таһымҥа тахсыахтарын наада. Итиннэ саҥа балыыһа тутуутун, саҥа оборудование кэлиитин эрэ эппэппин, үчүгэй сайдыылаах быраастар, медүлэһиттэр баар буолуохтаахтарын тоһоҕолуубун.

Тыа хаһаайыстыбата хайаан да сайдыахтаах. Сороҕор кэҥээн, үгүс сыалы-соругу туруорар курдукпут. Дьиҥэр, тыа хаһаайыстыбата биир эрэ сыаллаах. Ол – биһиги, Сахабыт сирин олохтоохторо, бэйэбит тыабыт хаһаайыстыбата оҥорбут бородууксуйатын аһыахтаахпыт диэн. Ол аата биһиги бэйэбитин бэйэбит хааччыныахтаахпыт. Ити олох ирдэбилэ. Билигин аан дойдуга “куттала суох аһылык” (продовольственная безопасность)  боппуруостара күүскэ тураллар. Онон ханнык баҕарар дойду итини сүрүн сыалынан-соругунан көрөр. Биһиги Арассыыйабытыгар итиннэ эмиэ улахан ситиһиилэр бааллар. Оттон өрөспүүбүлүкэбитигэр тыа хаһаайыстыбата сайдар эрээри, өссө күүскэ ылсан, бэйэбит олохтоох бородууксуйабытын дэлэтиэхпитин, дьоммутун-сэргэбитин хааччыйыахпытын наада.

  • Айсен Сергеевич, хаһыаппыт, саайпыт ааҕааччыларыгар бириэмэҕин анаан, биэрбит ыйытыыларбар хоруйдаабыккар махтанабын. Үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабын.

 

Кэпсэттэ Елена Макаринская