Хоптоҕоҕо “Чурапчы алдьархайыгар” аналлаах миитин буолла

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр хоту көһөрүллүү кутурҕанын күнүнэн миитин буолан ааста.

Устуоруйаҕа төнүннэххэ, Саха сирин салалтатын 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи 213 №-дээх уурааҕар олоҕуран, Чурапчы оройуонун холкуостарын суһаллык хоту балык булдугар көһөргө күһэйбиттэрэ. Чурапчыттан 5318 киһилээх 41 холкуоһу күүс өттүнэн төрөөбүт дойдуларыттан арааран Кэбээйигэ, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ ыыппыттара.

Оччотооҕу салалта дьон дьылҕатын туора сотор дьаһалыттан 2000 киһи хоргуйан, тоҥон, буурҕаҕа мунан, араас муҥу-сору көрөн өлбүттэр. Бу көһөрүү историяҕа “Чурапчы алдьархайа” диэн ааттанан харах уулаах киирбитэ.

 

Марианна Толстоухова, Хоптоҕо нэһилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй