Чурапчыга кыната тостубут икки саастаах суору эпэрээссийэлээтилэр

Суор – сахаларга ытык көтөр. Икки күннээҕитэ, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, сатаан көппөккө хаарга буккулла сылдьар көтөрү бэтэринэриийэ эмтиир салаатыгар аҕалан туттарбыт.

  • Билиҥҥи туругунан көтөр уопсай туруга үчүгэй. Суор оҕото, быһа холоон икки саастаах, майгытынан сымнаҕас. Хаҥас кынатын тоһуппут, ол ону арыйаммыт уҥуоҕун туттубут. Сүүрбэ хонук устата биһиги кэтэбилбитигэр киирдэ, тыҥырахтаах көтөр буоларын быһыытынан этинэн аһатыахпыт. Онтон доруобуйатын туруга үчүгэй буоллаҕына көҥүлгэ ыытыахпыт. Айылҕа оҕолоро биһиэхэ дөрүҥ-дөрүҥ да буоллан биллэн ааһааччылар. Ойуур баһаардарын кэмигэр туртаһы итиэннэ чыккымайы эмтии сылдьыбыттаах этибит, — диэн Чурапчытааҕы бэтэринэриийэ эмтиир салаатын сэбиэдиссэйэ Саргылана Дмитриевна Пермякова кэпсээтэ.

Сэмэн Жендринскэй