Чурапчы олохтооҕо Александра Корякина Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа биэриигэ Өлүөнэ муостатын боппуруоһун таарыйбытын үөрэ иһиттэ

Чурапчы олохтооҕо Александра Корякина: «Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутуутун илин эҥэр олохтоохторо бары да күүтэбит, кэтэһэбит. Бу туһунан этиилэри, иһитиннэриилэри кэтиибит. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эфиригэр муоста тутуутун болдьоҕун чуолкайдыыр наадатын, сыана үрдүү турарынан өр сылларга тардылыктаммыт тутуу буолбатын гына хамсанары эттэ. Кырдьык, муостабыт түргэнник тутулла охсоро буоллар үөрүө этибит. Билигин чурапчылар асфальт суолланан, автобустанан айаҥҥа-сырыыга табылынныбыт. Бэйэм массыыналаах киһи буоларбынан, өссө муостабыт тутулуннаҕына, куоракка кэлэргэ-барарга абыраныа этибит», — диэн этэр.

 

Санатан эттэххэ, Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин куораттарын биир кэлим сайдыытыгар мунньаҕы ыытта. Мунньах быһа биэриинэн көһүннэ. Манна Владимир Путин Саха сиригэр туһааннаах Өлүөнэ уонна Алдан муостата, Халыма федеральнай суол, Жатай судоверфэ, Муусука үрдүкү оскуолатын тутуута, о.д.а. боппуруостары  таарыйда.

Бу туһунан эбии матырыйааллары бу сигэнэн киирэн көрүҥ

https://ulus.media/2023/09/05/vladimir-putin-predstoit-postroit-most-cherez-reku-lenu-v-rajone-yakutska/

https://ulus.media/2023/09/06/ajsen-nikolaev-lenskij-most-yavlyaetsya-klyuchevym-opornym-obektom-master-plana-stoliczy/

https://ulus.media/2023/09/06/vladimir-putin-poruchil-ustanovit-sroki-okonchaniya-rabot-po-stroitelstvu-mostov-v-yakutii/