Олунньу 12-14 күннэригэр Чурапчыга СӨ ситэриилээх былааһын 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота 3 бөлөҕүнэн бары нэһилиэктэри хабан ыытылынна. Түмүктүүр мунньах Чурапчы нэһилиэгэр «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр буолла. Отчуоту истэ саалы толору киһи кэлбит.
Сүрүн дакылааты СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Джулустан Борисов оҥордо.
Бу нэһилиэккэ олохтоохтор сүөһү, сылгы ахсаана, үүт туттарыы кээмэйэ аҕыйыы турарынан тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһини үрдэтэр, бас билии көрүҥүн уларытан биэрэр тоҕоостооҕун эттилэр. «Балбаах» сокуонун таһынан, «сылгы» сокуона тахсарын туһунан истибиттэрин, ону утаралларын биллэрдилэр. Бу боппуруос биһиги олорор усулуобуйабытыгар сөбө суоҕунан сокуону ылыммат туһуттан туруорсарга Ил Түмэн депутаттарыттан көрдөстүлэр. Маны тэҥэ ходуһаны өттөөһүн боппуруоһун көтөхтүлэр. Саҥа саҕалааччы фермердарга кураанах сирдэри туһаналларыгар анаан биэрэр наадалааҕын эттилэр. Бэтэрэнээрийэ үлэтигэр саҥа лаборатория тутуутун туруорустулар.
Чурапчытааҕы колледж Ньидьилигэ турар үөрэнэр корпуһун өрөмүөнүгэр уонна 100 миэстэлээх устудьуоннар олорор уопсайдарын тутууга үп көрөллөрүгэр көрдөстүлэр. Ону сэргэ бюджетнай миэстэни элбэтэргэ туруорустулар.
Маны таһынан биир сүрүн боппуруоһунан, Чурапчы орто оскуолатыгар эбии тутууну туруорустулар. Оскуола 2011 сылтан алын сүһүөх оскуоланы кытта холбоһуоҕуттан, кылаас тиийбэтиттэн, икки сменанан үлэлиирин, бүтэһик уон сылга оҕо ахсаана лаппа элбээбитин бэлиэтээтилэр. Эһиилги үөрэх дьылыгар оскуола 71 оҕонон элбээри турара сабаҕаланар. Күн бүгүн уопсайа 1198 оҕо үөрэнэр. Оскуола кыараҕас буолан, эбии кылаастар тиийбэттэр. Онон эбии үөрэхтээһин ыытылларыгар үгүс ыарахаттар үөскүүллэр.
Оҕо бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 70 сылын көрсө итиэннэ Оҕо саас сылынан бибилэтиэкэҕэ улахан өрөмүөн ыытылларыгар баҕараллар. Маны тэҥэ Чурапчытааҕы киин балыыһа терапия уонна оҕо салааларыгар улахан өрөмүөн үлэтэ наадатын эттилэр.
Улуустааҕы Хоту көһөрүллүү мусуойун тутуу өрөспүүбүлүкэ салалтатын былааныгар киирбитин этэн туран, уочаратын иннин диэки саҕырытарга туруорустулар. Түмэл Хатылыга эргэ, 1978 сыллаахха тутуллубут дьиэҕэ үлэлиир. Манна элбэх ыалдьыт, турист сылдьан ааһар бэлиэ сирбит буолар.
Политическай диэйэтэл Иван Винокуров чулуу аатын өрөспүүбүлүкэҕэ үйэтитэргэ, историческай суолталаах таҥара дьиэлэрин чөлүгэр түһэрэргэ туруорустулар.
Олохтоохтор доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр сыһыаннаах боппуруостары уонна хаарбах туруктаах дьиэттэн көһүү, благоустройство, Чурапчы быһытын бөҕөргөтүү туһунан ыйыттылар. Бөх төлөбүрүн хонтуруолга ыларга, анал собуот тутуутун, атын дойдуттан кэлбит дьону бэрээдэктииргэ туруорустулар.
Түмүккэ СӨ ситэриилээх былааһын отчуотун сөптөөҕүнэн сыаналаатылар.
Бу күн үлэлиир бөлөх нэһилиэк, улуус сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит олохтоохторго үрдүкү салалта наҕараадаларын туттардылар. Маны сэргэ СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин куттала суох айан үөскүүрүгэр улуус баһылыгар светофор ылынарга сэртипикээти тутарда.
Марфа Петрова.