Чурапчы хапсаҕайдьыттара Өймөкөөнтөн икки боруонса, биир үрүҥ көмүс мэтээллээх кэллилэр

Бу күннэргэ Халыма-Индигиир улуустарыгар үгүс суолталаах ыспартыыбынай тэрээһиннэр буола тураллар.

Ол курдук, ахсынньы 8-10 күннэригэр Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр  СӨ физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, Чурапчыттан төрүттээх Савелий  Оконешников сырдык кэриэһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан турнир түмүктэннэ. Барыта холбоон 88 бөҕөс, ол иһигэр хапсаҕайга түөрт успуорт маастара кытынна.

Манна Чурапчы улууһуттан сэттэ бөҕөс тиийэн кыттыыны ылла. Чурапчытааҕы успуорт үнүстүүтүттэн Антон Антипин, Максим Васильев, Владимир Сыромятников,  Любомир Ашеин, Тааттаттан тардыылаах Чурапчы күтүөтэ Юрий Васильев. Кинилэри сэргэ Кытаанах орто оскуолатын үөрэнээччитэ Слава Сивцев, Килэҥки бөһүөлэгин успуорт инструктора Иван Оконешников хапсаҕайдаатылар.

Томтор нэһилиэгэ икки күн устата тыҥааһыннаах киирсии туоһулара буоллулар. Уопсай түмүккэ 57 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах бөҕөстөргө Любомир Ашеин, оттон 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Юрий Васильев боруонса, ыарахан ыйааһыҥҥа Иван Оконешников үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистилэр.

Күрэх кэнниттэн муҥутуур күүстээҕи быһаарар хабыр хапсыһыыга оскуола үөрэнээччилэрин ортолоругар, 12 киһини сабырыйан Степа Шпнев —  Өймөкөөн чөмпүйүөнүн аатын сүгэн 30 тыһ.солк уу харчынан наҕараадаланна.


Улахан дьонно 75 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа, 26 киһиттэн кыайыылаах тахсан Өймөкөөнтөн Алексей Вензель — 100 тыһ.солк бириэмийэлэннэ. 75 киилэттэн үөһэ ыйааһыннаах уолаттарга Мэҥэ Хаҥалас улууһун чулуута Константин Власов, сэттэ бөҕөһү кылбардык кыайан 50 тыһ.солк харчыны тутта.

Курэхтэһии бастакы күнүн кэнниттэн Савелий Иванович Оконешников туһунан “Спорду олоҕун аргыһа оҥостубут” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Истиҥ кэпсэтиини Савелий Иванович олоҕун аргыһа Прасковья Васильевна, уолаттара Александр, Иван уонна мааны кыыстара Майя тэрийдилэр.

 

Сэмэн Жендринскэй