Чурапчыга үс сыллаах «Ыал саргыта» бырагыраама ылыллан, улууска Ыал саргытын сыла биллэриллибитэ. Бырайыак сүрүн сорудаҕынан Чурапчы улууһун сиригэр-уотугар нэһилиэнньэ куттала суох эйгэҕэ, сөптөөх усулуобуйаҕа олорорун ситиһии буолар. Маны сэргэ оҕо уонна дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларыгар, күннээҕи тахсар кыһалҕаларын быһаарыыга тус көмөлөрү тэрийии буолар.

Бу күннэргэ бастакы кыбаарталга ыытыллыбыт үлэ түмүгүн ырытыһыы мунньаҕа буолла. Бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэ хаамыытын 13 хайысханан сыаналыыллар. Бу туһунан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова сырдатта:

— Бастакы кыбаартал түмүгүнэн 13 индикатор (көрдөрүк) түмүгэ билиннэ. Бу индикатор сорох хайысхаҕа көрдөрүүтэ үрдүүрүттэн, кыччыырыттан үлэ ыытыллыбыта көстөр. Ол курдук, быйыл оҕо төрөөһүнэ үчүгэй. Оттон киһи өлүүтүн бэлиэтиир буоллахха, тас биричиинэттэн 6 киһи суорума суолламмыт. Маннык быһыылаан үксүгэр аһыы утаҕы иһииттэн тахсар. Онон чөл олоҕу тарҕатыыга, духуобунаһы сайыннарыыга үлэлээтэххэ, бу көрдөрүү кыччыахтаах. Маны тэҥэ хаан, сүрэх ыарыынан ыалдьар киһи ахсаана үрдүк диэххэ сөп. Бу ыарыыттан босхолонуу 15% эрэ балыыһаттан тутулуктааҕын медиктэр этэллэр. Онтон атына киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Онон дьон доруобуйатын көрүнэригэр, чөл олохтоох буолалларыгар маассабай спорка нэһилиэк дьаһалталара, спорт инструктордара үлэлэһиэхтээхпит, 80 саастарыттан үөһээ тэтиэнэхтик сылдьар дьон ахсаана элбииригэр кыһаллабыт.

Кэнники кэмҥэ ыал буолуу ахсаана аҕыйаата оттон арахсыы улаатта. Бу тыа сиригэр ыччат олохсуйуута аҕыйаабытын көрдөрөр. Онон ыччаты, чуолаан эдэр ыалы олохсутууга болҕомто ууруллар. Маны тэҥэ
орто саастаах сулумах дьоҥҥо суорумньу кулуубун үлэлэттибит да, үчүгэй көрдөрүүгэ тиийэ иликпит. Билиҥҥи туругунан, улууска 983 эдэр ыал уонна элбэх оҕолоохторунан дастабырыанньалаах 998 дьиэ кэргэн олорор.

Быйыл төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт киһи диэн суох. Бу – үчүгэй көрдөрүү. Ыарахан олохтоох ыал – 16. Манна дохуоттара суох эбэтэр бас билэр дьиэлэрэ-уоттара суох ыаллар киирэллэр. Онуоха олох уустук кэмнэригэр, балаһыанньалара тупсуор диэри Дьиэ кэргэн киинэ туһааннаах көмөлөрү оҥороллор.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар хамыыһыйа учуотугар үксүгэр арыгыһыт төрөппүттээх ыаллар киирэллэр. Бу таһым уларыйбакка, 11 ыалынан сылдьар. Уопсай нэһилиэнньэ бырыһыаныгар таһаардахха, кыра көрдөрүү буолар. Ол эрээри суох буоларын туһугар үлэлэһэбит. ПДН учуотугар тохтуур буоллахха, полицияларга сигнал киирдэ да, биир кыра да түгэнтэн оҕону учуокка туруоран иһэллэр. Холобур, оҕолор экстреннай нүөмэргэ сымыйа вызов оҥорон, тута учуокка ылыллар түгэннэрэ бэлиэтэннэ. Онон нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтэ барыаҕа.

Күн бүгүн улууска үлэ көрдөнөр дьон учуотугар 68 киһи турар. Кинилэри соцконтракт куонкуруһугар кытыннарарга, бэйэ дьыалатын аһыналларыгар анал исписэлиистэр үлэлэһэллэр.

Быйыл хас ый аайы биирдии улахан дьаһалы тэрийдибит. Ол курдук, ыччаттарга «Тыл — омук тыына” форум, эр дьон сийиэһэ, дьахталлар пленумнара ыытылыннылар. Ол түмүгүнэн кэккэ соруктар турдулар.

Бу күн мунньахха Сылаҥ, Чакыр уонна Болтоҥо нэһилиэгин баһылыктара Егор Макаров, Константин Лебедев уонна Сергей Ефремов «Ыал саргыта” бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Кинилэр уопуттарын тарҕатыыга, чуолаан аҕа уол оҕону кытта ситимин күүһүрдүүгэ үлэлэһэр тоҕоостооҕун бэлиэтээтибит.

Ити курдук, бу көрдөрүүлэргэ тирэҕирэн, былааннаах үлэ-хамнас ыытыллан, улууска бигэ туруктаах дьиэ кэргэн ахсаана элбииригэр эрэнэбит.

Марфа Петрова.