Итинник ааттаах Чурапчы улууһун ВИА-ларын улахан кэнсиэрэ Дьокуускай куоракка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дьиэтигэр бэрт сэргэхтик буолла.
Тэрээһин «Музыка барыбытыгар» бырайыак чэрчитинэн биир дойдулаахпыт Дмитрий Васильев көҕүлээһининэн тэрилиннэ.
Үс чаас кэриҥэ буолбут кэнсиэргэ саалы толору, 500-тэн тахса «тыыннаах» муусуканы сэҥээрээччи кэлбит. Кинилэр 20-тэн тахса бөлөх ырыаларын ытыс доҕуһуолунан көрсөн, биир тыынынан астына, дуоһуйа иһиттилэр, көрдүлэр.
Чурапчы ВИА-ларын туһунан тэрийээччи Дмитрий Попов билиһиннэрдэ:
— «Чороон» улахан профессиональнай бөлөх Чурапчыттан силистээҕин истэн билэбит. Ол курдук, киэн тутта ааттыыбыт Владимир Мохначевскайы, Вячеслав Саввины, Михаил Догордуровы, бырааттыы Макаровтары уо.д.а.
Онтон кэнники, 1980-с сыллар саҕаланыыларыгар бөлөх иккис тыынын ылыытыгар састаапка Чурапчы талааннаах ыччаттара бааллара. Ол курдук, Москваҕа анал үөрэҕи ааспыт Василий Григорьев, Татьяна Хомподоева — Сергучова, Екатерина Тытыгынаева — Егорова уо.д.а. Кинилэри сэргэ биир чулуу ыччаппыт Михаил Сивцев оонньуу сылдьыбыта.
Күн бүгүн утум ситимэ быстыбакка, «ВИА» диэн уус-уран самодеательоность жанырын быһыытынан киирэн, сыл аайы ыытыллар «Айхаллан, Чурапчы!” бэстибээлгэ күрэх быһыытынан киирэр. Мантан сибээстээн, хас биирдии нэһилиэккэ вокальнай, инструментальнай ансаамбыл баар. Бу жаныры сайыннарыыга салалта өттүттэн өйөбүл баар. Холобур, урут кыттааччылар оонньуур инструменнарын бэйэлэрэ оҥостор эбит буоллахтарына, билигин нэһилиэк баһылыктара, култуура дьиэлэрин үлэһиттэрэ үбүн-харчытын быһааран, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир инструменнары ылаллар. Нэһилиэк ВИА-ларыгар профессиональнай музыкант диэн суох кэриэтэ, сылгыһыт, сүөһү көрөөччү, тырахтарыыс, учуутал уо.д.а. идэлээх муусуканы үчүгэйдик истэр, өйдүүр дьон, сааһыттан тутулуга суох оонньууллар.
Кэнсиэргэ аҥаардас Сылаҥ нэһилиэгиттэн үс бөлөх киирдэ. Бу бөлөхтөрү Айсен Борисов салайар. Кини дьиэ кэргэнин кытта «Халлааҥҥа үрдэл» бөлөҕү тэрийбитэ. Манна аҕа уолаттарыныын оонньууллар. Айсен Борисов анал үөрэҕэ да суох буоллар, айылҕаттан дьоҕурдаах, ис сүрэҕиттэн сөбүлээн дьарыктанар дьыалата буолан, дьону бэрт үчүгэйдик уһуйар. Ол курдук, Сылаҥ орто оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна нэһилиэк ыччатын бөлөхтөрүн таһаарыылаахтык үлэлэтэр.
Маны таһынан кэнсиэргэ араас кэмҥэ Чурапчы улууһун ВИА-ларыгар оонньообут, ыллаабыт, билигин Дьокуускайга олорор биир дойдулаахтарбыт хомуллан, «Омурҕан” бөлөх буолан киирдилэр. Кытаанахтан, Сылаҥтан төрүттээх биир дойдулаахтарбыт эмиэ кытыннылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттарынан Алексей, Екатерина Егоровтар уонна ытыктыыр киһибит Владимир Мохначевскай кэргэнэ Валентина Чиркова буолан, тэрээһиммин таһымын үрдэттилэр.
1970 сылтан саҕалаан «ВИА» көрүҥү Саха сиригэр аатырдыбыт убайдарбыт ыраас хаарга үктээбит суолларын утумнаан кэлбит нэһилиэктэр айар бөлөхтөрүн киэҥ эйгэҕэ таһааран, Саха сиригэр аан бастакы улахан кэнсиэри тэрийдибит. Тэрээһиҥҥэ олус элбэх киһи үлэлээтэ. Түгэнинэн туһанан, кинилэргэ уонна күндү көрөөччүлэрбитигэр махталбытын тиэрдэбин. Маны сэргэ култуура дьиэтин дириэктэригэр, аан дойдутааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи «Табык» бэстибээл тэрийээччитэ Антонина Корякинаҕа махтанабыт.
Марфа Петрова.