Саһарбыт болоорхой өҥнөөх кумааҕыга уонна тэтэрээт лииһигэр суруллубут суруктар. Баара-суоҕа – 4 сурук. Бу 18-таах, рядовой саллаат, 30 сыл анараа өттүнээҕи тыйыс кэм тыыннаах туоһулара, өлбөт-сүппэт өйдөбүнньүктэрэ.

1994 сыл, ахсынньыга ыарахан орудиелар Грознай куораты ытыалыыллар. Итинник ыар кэмҥэ Амма улууһун Чакырын уола Прокопий Соловьев Күн Күбэй Ийэтигэр Аграфена Прокопьевнаҕа ыыппыт ытыс саҕа суругар маннык тыллар суруллубуттар: “…Грознай куоракка баарбын, сылдьыы үчүгэй. Миигин кытары Чурапчы уолаттара бааллар… Кытаатыҥ, үчүгэйдик олоруҥ…”  

Ити суодаһыннаах сылларга эдэркээн, инникигэ эрэллээх Чурапчы ыччаттара Александр Саввин, Мирон Игнатьев, Иннокентий Варламов, Геннадий Местников, Петр Абрамов о.д.а. “Бырааба томторуттан” тоҕо эрэ дьиктитик муусука доҕуһуолунан, элбэх киһи тыл этиилээх миитининэн аармыйаҕа сулууспалыы барбыттара. Оччотооҕуга оскуоланы бүтэрбит эдэркээн уолаттар хантан билиэхтэрэ баарай туох кинилэри иннилэригэр күүтэрин, дьылҕалара ханна-ханна тиэрдэрин, кимниин-хаһан көрүһүннэрэрин…

 

Ол саҕана, билиҥҥи курдук суотабай төлөпүөн, интэриниэт суоҕа, ити да үрдүнэн үс бойобуой доҕордуулар Саввин, Игнатьев, Варламов бэйэ-бэйэлэрин кытары сибээстэрин хаһан даҕаны быспатахтара. Кинилэри дьылҕа букатыннаахтыы сибээстээбитэ, арахсыспат атас-табаарыс оҥортообута. Уолаттар сулууспаларын кэмигэр ыаллыы сытар Амма улууһун Чакыр нэһилиэгиттэн сылдьар Прокопий Соловьевы кытары улаханнык доҕордоспуттара.

Күн-бэҕэһээ, бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Мирон Михайлович Игнатьев, Александр Романович Саввин, Иннокентий Иннокентьевич Варламов, Василий Владимирович Монастырев улаханнык долгуйан, эрдэттэн оҥостон билигин дойдутугар бэрт таһаарыылаахтык-үлэлии хамсыы сылдьар табаарыстарыгар, бэйэлэрин уолларыгар Прошкаҕа, Чеченскэй хампаанньа саҕаламмыта 30 сылын иитинэн тиийэн көрсөн, сэһэргэһэн кэллилэр.

Прокопий Егорович, табаарыстарын Аммаҕа, ийэтэ олорор дьиэтигэр бэйэтин улахан дьиэ кэргэнин кытары үөрэ-көтө көрүстэ. Маннык көрсүһүүлэр хаһан баҕарар, тугунан да кыайан ойууламмат ураты долгутуулаах буолаллар. Кылгас кэм иһигэр, уолаттар дьиппиэн харахтарыгар эдэр саас мэник, дохсун сүүрээннэрэ чаҕылыһан ылаллар.

Улахан, сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ киирэннэр күннээҕи олохтон саҕалаан, ол кэминээҕи ыарахан, уорааннаах сыллары санаан ыллылар. Прокопий бэйэтэ да билбэтинэн, ийэтэ Аграфена Прокопьевна өр кэмҥэ ууруна сылдьыбыт, тапталлаах уолун суруктарын таһааран көрдөрдө, аахтарда. Биһиги өрөспүүбүлүкэ бойобуой холбоһугун, улууспут бэтэрээннэрин түмсүүтүн аатыттан Аграфена Прокопьевнаҕа “Мать защитника Отечества” түөскэ анньыллар мэтээли уонна сибэкки дьөрбөтүн оттон Прокопий Егоровичка, Чурапчы уонна Таатта байыаннай хамыһаара Анатолий Егоров илии баттааһыннаах “За службу на Кавказе” мэтээли үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт. Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ үлэлэриттэн, улуус уопасатыбаннай үлэтигэр кыттыыларын туһунан кылгастык сырдаттыбыт.

“Бүгүн бойобуой доҕотторум кэлэ сылдьалларыттан наһаа үөрдүбүт, дьиэ кэргэним улаханнык долгуйда. Бу чахчы Мирон, Киэсэ, Сааска мин эт-саастыы, ууну-уоту ортотунан ааһыспыт уолаттарым, санаан аастахха элбэх буоллаҕа, өссө даҕаны сибээспитин тутуохпут”, — диэн Прокопий Соловьев эттэ уонна кэтит, чэрдийбит иилиитин утары уунна. Прокопий Егорович, билигин иккис Чакыр нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн амарах аҕата, бултаан-алтаан дьонун-сэргэтин иитэн-аһатан олорор ытыктанар киһи.

Киэһэ Амматтан төттөрү айанныыр кэммитигэр уолаттар саҥата-иҥэтэ суох, улахан санааҕа ылларбыттыы соҥуоруһан кэллилэр. Бука сэрэйдэххэ, бойобуой доҕордорун улаханнык сайыһа, “киниэхэ өссө да уһуннук сылдьыбакка баара” диэн санааҕа ыллардахтара буолуо…

 

Сэмэн Жендринскэй, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ