Бэҕэһээ, о.э. алтынньы 27 күнүгэр, Саха сиригэр хомсомуол төрүттэммит күнүн көрсө, Сылаҥ нэһилиэгэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар биллэр хартыыналары тыыннааҕымсытан көрдөрүүгэ дьоһуннаах куонкурус түмүктэннэ.
Манна нэһилиэк бэтэрээннэрэ, оскуола уһуйаанын уонна Түөйэ учаастагын оскуолатын кэлэктииптэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Түмүккэ кыайыылааҕынан Түөйэлэр ааттаннылар.
Кинилэр нуучча биллиилээх худуоһунньуга Сергей Григорьев 1949 сыллаахха суруйбут “Прием в комсомол” үлэтин, начаалынай кылаас учуутала Наталья Беляева салалтатынан бэйэлэрэ таҥас-сап булунаннар, сөптөөх кабинеты таланнар, оҥостон-туттан хартыынаҕа сөп түбэһэр гына түспүттэрин дьүүллүүр сүбэ сөҕө-махтайа көрдө, үрдүк сыанабылы биэрдэ. Хаартыскаҕа оскуола иитээччитэ Прасковья Местникова бэркэ табан түһэрбит.
Сэмэн Жендринскэй