Төлөйдөр оскуола өрөмүөнүн туруорсаллар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын иккис отчуоттуур бөлөҕө бүгүн эбиэт кэннэ Төлөй нэһилиэгэр үлэлээтэ. 

Отчуот сүнньүнэн дакылаат кэнниттэн нэһилиэк олохтоохторо араас кыһалҕалаах боппуруостарын ыйыталыстылар, бэйэлэрин санааларын, этиилэрин киллэрдилэр.  Ол курдук агро хайысхалаах оскуолаларга көрүллэр гырааннар, бырагыраамалар, ыспартыыбынай саала тутуллуутун, хочуолунай оһоҕун кыамтатын үрдэтии, Төлөй, Мугудай нэһилиэктэригэр гаас ситимэ тардыллыытын, элбэх оҕолоохторго көрүллэр көмө, саҥа уулуссаҕа ититии киириитин  о.д.а. туһааннаах ыйытыыларын сурастылар.

 

Манна сүрүн кыһалҕалаах боппуруостарынан оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ, “Чычаас” күөлүн быһытын, дэриэбинэҕэ киирэр муоста өрөмүөнэ буолла. Итини тэҥэ булт быраабылатыгар уларытыы киллэрэргэ этии киллэрдилэр, бөх-сах тиэйиитин өҥөтүн, хомунаалынай өҥө төлөбүрэ мунчаардарын эттилэр.

Отчуоту истэн баран, олохтоохтор өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин сөптөөҕүнэн сыаналаатылар. Отчуокка уопсайа 56 киһи кыттыыны ылла.

Людмила Горохова.