Тэһии мээчик тэһиинньитэ (Бүгүн — Арассыыйа чөмпүйүөнэ Любовь Барашкова 85 сааһын туолла)

Успуорт, биир көрүҥүнэн анаан дьарыктаныы – ол көрүҥү аан маҥнай кэрэхсии көрүүттэн саҕаланар. Итинник этэ Люба успуорка кэлиитэ. Кыракый маҥан мээчик кыыһы биллибэт дьикти күүһүнэн абылыы, сетка нөҥүө-маҥаа сыыдамнык туртаҥныыра. Оччолорго бу сонун оонньууну Борис Тытыгынаев уонна Василий Захаров сүрэхтэрин баҕатынан көҕүлээбиттэрэ. Кинилэртэн сүбэлэтэн Люба көҥүлүнэн күөрэйэр тэһии мээчиги тэһииннииргэ санаммыта…

Биллэн турар, ол тута кыаллыа суох курдуга. Люба Попова, остуол тенниһинэн умсугуйуон иннинэ, Чурапчы орто оскуолатын үчүгэй хайыһардьытынан биллэрэ, чэпчэки атлетикаҕа да куһаҕана суох этэ. Бу дэгиттэр бэлэмэ саҥа талбыт көрүҥэр дьарыктанарыгар көмөлөөх буолбута. Омос көрдөххө, соччо уустуга суох көрүҥ кыыс төһөлөөх сыратын, бириэмэтин ылбытын, ким кэмниэ буоллаҕай?! Бэрт кылгас да түгэҥҥэ долгуйуу, бытаарыы алҕас хамсаныыга тиэрдэр. Теннис – саамай тулуурдаахтар, сылайары билбэт сылбырҕалар, эргиччи күүстээхтэр успуортара. Онтон ити үтүө хаачыстыбалар биһиги кыыспытыгар толору түмүллүбүттэрэ. Арай, манна биир ситэ этиллибэтэ – дьулуур. Люба төрөппүттэрэ Дмитрий Сидорович уонна Ульяна Алексеевна үлэҕэ ураты дьулуурдара оҕолоругар бэриллибитэ.

Люба ракетканы илиитигэр ылбыт маҥнайгы күнүгэр бэрт сотору остуол тенниһин оройуоҥҥа, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ тэнитээччилэр инники күөннэригэр ааттаныахтааҕын хантан билиэ баарай… Туохха баҕарар маҥнайгы хардыы эрэйэ суох оҥоһуллубат. Люба доҕотторунуун, Клара Собакиналыын, Вячеслав Догордуроватыын, таптыыр көрүҥнэринэн салгыбакка дьарыктанан, бииртэн биир сэмэй ыспартыыбынай ситиһиилэнэн испиттэрэ. Кылаас, оскуола чөмпүйэнээттэриттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ киэҥ түһүлгэлэригэр оройуоннарын аатын көмүскүү тахсыбыттара…

1959 сыллаахха Люба СГУ-ын биолого-географическай факультетын устудьуонунан буолбута. Үгүс чулуу ыспарсымыаннар университекка үөрэнэр сылларыгар ордук үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһээччилэр. Үөрэҕи успуорду кытта тэҥҥэ дьүөрэлээбит кыыс ити ыспарсымыаннар суолларын тэлбитэ. Манна эрчиллибитин икки сылыттан университет “Маҥнайгы ракеткатын” үрдүк аатын ылбыта уонна үөрэҕин бүтэриэр диэри ити аатын ыһыктыбатаҕа. Өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнкэтэ Иркутскай, Чита, Хабаровскай куораттарга бастыҥ оонньооччуларын кытта “Спартак” уопсастыба күрэхтэһиилэригэр хас да төгүл күөн көрсүспүтэ, тэбис-тэҥҥэ эрийсибитэ.

Успуорка аналлаах тириэньэрэ суох ыспарсымыаннар олус сэдэхтик көстөөччүлэр. Кинилэр ортолоругар үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэртэн биир бастакынан Люба Попованы ааттыахха сөп. Дьаныардаах, өр кэмнээх эрчиллии эрэ түмүгэр, 1963 сыл Киевкэ буолбут “Спартак” уопсастыба Арассыыйатааҕы түһүлгэтиттэн иккис призер буолан эргиллибитэ. Онтон эһиилгитигэр өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн, Благовещенскай куоракка буолбут күрэхтэһиигэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Дьэ ити кэмтэн ыла Люба ракетката алҕаһыыра улам-улам аҕыйаан кыыс маастарыстыбата, бу улахан күрэхтэһиилэр көмөлөрүнэн, лаппа үрдээн испитэ.

1964 сыллаахха үрдүк үөрэх түмүктэммит үөрүүтүгэр өссө биир ыспартыыбынай ситиһии эбиллибитэ. Бу дьыл Дьокуускайга ыытыллыбыт Сибиир уонна Илин Уһук остуол тенниһигэр бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр Люба бэйэтин тэҥнээҕин булбатаҕа. Арассыыйа чөмпүйүөнэ! Кини ракетканы туппутун бэһис сылыгар бу үрдүк аат ылыллыбыта. Биэс сыллаах дьулуурдаах үлэ биһиги кыыспытын оройуон чөмпүйүөнүттэн Арассыыйа кыайыылааҕар тиийэ үүннэрбитэ. Чахчы умнуллубат, чаҕылхай ситиһии!

Любовь Дмитриевна педагогическай үлэтин Сылаҥ орто оскуолатыгар саҕалаабыта. Эдэр учуутал ыччаты өй-санаа, эт-хаан өттүнэн иитиигэ бары кыаҕын, күүһүн уурбута. Иллэҥ кэм суоҕун кэриэтэ буолбута. Ол эрээри кини, бэйэтэ дьарыктанарын таһынан, таптыыр идэтигэр үөрэнээччилэрин уһуйбута. Оскуола иһинэн тэриллибит остуол тенниһин секциятыгар 20-чэ оҕо сылдьара. Оччолорго оройуон ыччата тенниһинэн ханна баҕарар таптаар дьарыктанара. Ити да иһин өрөспүүбүлүкэҕэ биһиги теннисчиттэрбит куруутун бастыҥнар кэккэлэригэр буолаллара. Кинилэр ситиһиилэригэр Арассыыйа чөмпүйүөнүн сэмэй үлэтэ эмиэ холбоһоро.

1965 сыллаахха Кировскай уобалас Киров куоратыгар ыытыллыбыт тыа сирин ыспарсымыаннарын күрэхтэһиитигэр Любовь Попова өрөспүүбүлүкэбит ыспартыыбынай аатын эмиэ көмүскэспитэ. Онно Саха сирин хамаандата 5-6 миэстэлэри үллэстибиттэрэ. Эрчиллэр бириэмэ, сөптөөх усулуобуйа да суоҕа теннисчит маастарыстыбата улам мөлтүүрүгэр тиэрдэрэ саарбаҕаламмат. Хас дьарыктаныы ахсын, өр кэмнээх күүстээх, түргэн хамсаныылартан, ордук санна, тоҥлоҕо ыалдьара күүһүрэн барыта. Маннык ыарахан түгэннэргэ улахан успуортан тэйэр санаа күөрэйтэлиирэ. Ол эрээри кини тохтоотоҕуна хамаанданан кыайыы ситиһиллибэтэ бэрт чуолкай этэ. Хайыһар, сүүрүү, волейбол ыарыыны аһарар эминэн буолбуттара. Эрчиллии, эрчиллии, өссө эрчиллии – хамаанда кыайарын туһугар…

Любовь Дмитриевна 1970 сылы хаһан да умнуо суоҕа: оройуон чулуу ыспарсымыана Ленин баартыйатын кэккэтигэр киирбитэ. “Килбиэннээх үлэтин иһин В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутун бэлиэтээн” үбүлүөйүнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Аҕыс сыл устата кини аата өрөспүүбүлүкэ түһүлгэтигэр элбэхтик ааттаммыта. Улахан теннисчит, оройуон биир чулуу ыспарсымыана аан маҥнай тэлбит суолун, ситиспит ситиһиитин үрдэтэр сорук билигин да иннибитигэр турар. 70-ча  сыллааҕыта Саха сиригэр остуол тенниһин сайдыытын маҥнайгы хардыыта Чурапчы оройуонуттан саҕаламмыта. Кэнэҕэһин кэнэҕэс да буоллар бастакы хардыыны оҥорбуттар ааттара ахтылла, чиэстэнэ туруохтара. Кинилэр ортолоругар Арассыыйаҕа тиийэ биллибит тэһии мээчик тэһиинньитэ, хомуньуус Любовь Дмитриевна (Попова) Барашкова аата эмиэ ааттаныа.

 

Мунньан, талан бэлэмнээтэ Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ