Сэрии бүппүтэ икки сыл буолла. Мин төрдүһү бүтэрээри сылдьар 10 саастаах бэдикпин. Туох да уһун-киэҥ, өй-санаа суох дууһатабын. Уруоктарга бүтүннүү харах-кулгаах буолан олорон көһүйүөхпэр диэри сылайабын. Үөрэтэллэрин син мэйиибэр киллэрэр буоламмын тук курдук ортоһуор үөрэнээччи аатырарым.
Оччолорго алаастарынан кыстаан, сайылыктарынан сайылаан олорор кэм этэ. Колхуос киинигэр сэбиэт, буоста, балыыһа, оскуола, ону таһынан аҕыйах ыал дьиэтэ Интэринээт диэн баара. Ыраах алаастар ыалларын оҕолоро, тулаайахтар, көһүүттэн кэлбиттэр олороллоро. Сэрии төһө да бүттэр тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы олох 50-нус сыллар ортолоругар диэри салҕаммыта. Сэрии, сут-кураан, көһөрүү ыар сылларын тыыннаах эрэ аһарбыт көлүөнэбит. Ол үлүгэрдээх кэмнэргэ оҕолор син биир оҕо этибит, ол иһин улахан дьоннордооҕор арыый чэпчэкитик аһардахпыт буолуо ол ыар сыллары.
Биһиги нэһилиэккэ оройуоҥҥа улаханнар ахсааннарыгар киирсэр сэттэ кылаастаах оскуолалаахпыт. Быйыл 110 сылын бэлиэтээтибит. Биллэн турар, ханна баҕарар курдук, үтүө үгэстэрдээх, үүнэр көлүөнэни оччотооҕу социализм-коммунизм идиэйэлэригэр тоҕо-хоро харса суох угуйбут, уһуйбут оскуола. Ол үөрэйэҕин курдаттыы, иҥэриммит дьоммут, сыыйа-баайа киһитийдэхпит.
Дьэ, оскуоланан, итниринээтинэн, ордук тыл уруогун учууталлара дьаныһан туран уус-уран кинигэни ааҕыыны күүскэ сайыннарбыттара. Билигин санаатахха, атын сайыннарар, аралдьытар да ньыма кэмчи кэмэ буоллаҕа. Саҥата суох киинэни 50-нус сылларга диэри көрбүппүт буолуо. Төлөпүөн буостаҕа, сэбиэккэ, оскуолаҕа эрэ баара. Хата хара тэриэлкэ араадьыйаны сэрии кэнниттэн дэлэппиттэрэ. Аан дойдулуун ситиммит кулгаах-харах нөҥүө итинэн бүтэрэ.
Ол иһин бэчээт үлэтэ кинигэ, сурунаал, хаһыат сайдыы-билии саамай хорук тымыра этэ. Киһи да билигин сонньуйар: дьон оннооҕор саппыысканан таптаһаллара. Онно “буосталаабыт” ыччаттартан билигин биир эмэ киһи тыыннааҕа буолуо.
Оччолорго, оҕо эрдэххэ, оскуола уонна нэһилиэк библэтиэкэлэрэ билиҥҥи интэриниэттээҕэр таһыччы аптарытыаттаахтара. Оскуолаҕа кылаас таһынааҕы ааҕыыга улахан болҕомто ууруллара. Оҕолор, кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэрин ыыталлара бэйэтэ туһунан “таһаҕас” этэ.
Мин ааҕары эрдэ сөбүлээбитим. Ийэм барахсан “Мүлдьү Бөҕө” Сэмэн Новгородов алпаабытынан бэчээттэммит уонна “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхолору аахтаран истэрин наһаа сөбүлүүрэ. Оскуолаҕа ыытыллар ааҕыы күрэхтэригэр үчүгэйдэртэн оччо хаалсыбат этим. Ити ааҕыылар күрэхтэрэ диэн кылаас таһынааҕы кинигэни ааҕыыны этэбин.
Оччолорго этэ дии “Маарыкчаан ыччаттара”, “Революция уолаттар” – Эрилик Эристиин, “Төлкө”, “Көмүстээх үрүйэ” – Николай Якутскай, “Сааскы кэм” – Амма Аччыгыйа арамааннарын кинигэлэрэ илдьирийиэхтэригэр диэри былдьаһыгынан, умсугуйан ааҕыы диэн. Интэринээккэ уруок ааҕыытын кэнниттэн дорҕоонноох, доргуччу ааҕыы тэриллэрэ. Ол уочаратыгар түбэспит улахан дьоллоох курдук сананара. Оскуолатааҕы оҕо саас умнуллубат сылларын “аргыстара” — улуу айымньылары кытта оннук билсэрбит.
1947-48 сыллар диэки бадахтаах уоттаах сэрии тыыннаах ордубут туоһуларын суруйуулара кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсыталаабыттара. Олортон оҕо-аймах кутун туппут кинигэнэн “Дьөгүөр Чээрин” буолбута. Ити мин 4-5 кылаастарга үөрэнэр сылларым буолуо. Сэрии кыайыынан бүтэн, кини аҕалбыт иэдээнин адьас ыкса билбит дьон, биһиги, туҥуй сүрэхпит сырҕан, хадылыйа илик бааһа бүтэри оһоро дуу, оспото дуу биллибэт кэмигэр тахсыбыт кинигэ буоллааҕа. Ол иһин буолуо кинигэ оччотооҕу оҕо аймахха тугунан да солбуллубат дьоһун бэлэх буолбута саарбахтаммат. Сүрүн дьоруой Чээрини биһиги хас тыыннаах эргиллибит саллаат аайы көрөр курдук этибит. Наар кыайыы аргыстаах хорсун, куттаһа суох, бэргэн ытааччы курдук.
Бу кинигэ күн сирин көрө илигинэ, 46 сыллаахха эбитэ дуу, улахан быыбар буолбута. Онно дьокутаакка хандьытааттар Юмашев диэн нуучча, аатырбыт снайпер Федор Матвеевич Охлопков буоланнар биһиэхэ, оскуолаҕа, сылдьан ааспыттара. Снайперы адьас “үөрүнэн” батыһа сылдьан көрбүппүт: бытархайдары буойаллара быһылааҕа да култуура туһунан өйдөбүлбүт лаппа намыһах этэ буоллаҕа. Бу түгэн өйгө-санааҕа, илэ харахха иҥмитэ күүһэ уҕарыа илигинэ Тимофей Сметанин Чээринин уобараһа өрө күөрэс гыммыта. Соторутааҕыта тыыннаах снайперы илэ бэйэтин көрбүт дьон, биһиги, “Дьөгүөр Чээрини” үөрэ-көтө, чэпчэкитик ылыммыппыт.
Оччотооҕу кэм уол оҕолоро хаппыт сүөһү, сылгы сааҕын, буор буулдьалар “сэриилэрин бэтэрээннэрэ” буоллахпыт. Ол “кыргыһыыларга” гражданскай уонна Аҕа дойду улуу сэриилэрин дуорааннара ньиргийэллэрэ. Наар “бандьыыт”, “басыыс” буолартан аккаастанар араллааннар сатарыыллара. Онон уларыта сылдьан кыайар бырааба суох “бандьыыт”, “басыыс” буоларбыт. Онно, биллэн турар, Чээрин, Мотуруоһап о.д.а. сэрии дьоруойдара сирдьит сулус буолаллара. Кинилэр уобарастара 10-11-дээх бэдиктэр ботуруйуоттуу тыыҥҥа иитиллиибитигэр кырата суох миэстэни ылбыт буолуохтаахтар.
Билигин 82 сыл олорон санаан көрдөххө Тимофей Сметанин оҕо дууһатын кылын олус өйдүүр, билэр буолан дьиҥнээх сэрии иэдээннэрин кырачаан ааҕааччыларын уйулҕаларын көтүппэт, отуордарын хамсаппат ньымаларынан мүлүрүтэн тиэрдибит үтүөлээх эбит.
“Дьөгүөр Чээрин” оччотооҕу оҕо хараҕынан, өйүнэн-санаатынан сыаналаныыта биһиги кыайыылаах кыһыл Аармыйабыт хорсун, булугас өйдөөх, куттаһа суох саллаатын сырыыларын булчут өбүгэлэрбит мындыр-сылык өйдөрүн иҥэриммит, дьоҕурдарыгар иитиллибит чаҕылхай уобараһа.
Биһиги кини мүччүргэннээх сырыылара барыта үчүгэй өртүгэр табылларын, билэн туран, дириҥник ырыта барбакка, буолар буолуохтааҕын курдук бүк эрэллээхтик ылыммыппыт. Сэрии кэмнээҕи аҕытаассыйа кыайыыттан атыны түстээбэт этэ: “Туох барыта кыайыы туһугар! Тыылга хаалбыттар үлэни, аһы-таҥаһы барытын өлөн-төрөөн туран боруоҥҥа!” диэн ыар ирдэбиллээх(билигин санаатахха) дьэбир ыҥырыыны туҥуй оҕо-аймах улахан дьонтон итэҕэһэ суох билэрэ, өйдүүрэ. Оскуола оҕото уруокка “1”, “2” сыананы ылара өстөөххө, басыыстарга, көмө курдук ааҕыллара. Ама да ааспытын иһин, оччотооҕу “улар мэйиилэргэ” чахчы да сиэргэ-баппат буруйдааһын ыйанара: “Эн аҕаҥ, убайыҥ, таайыҥ, абаҕаҥ, күтүөтүн өлөр өлүүнү кытта охсуһа сырыттахтарына” – диэн буолара.
Хайыаҥ баарай? Биһиги ол иһин оонньооботох оҕо сааспыт Ийэ дойдуга бүрүүкээбит иэдээни улахан дьонтон быһаҕаһа суох сиэртибэнэн аһарбыта. “Дьөгүөр Чээрин” кинигэ ис хоһооно оҕо аймахха уҥуор-маҥаар курдаттыы иҥмитэ мэлдьэх буолбатах. Сэриилэһэ оонньуурга Чээрин буолан “ньиэмэстэри” хаппыт буорунан сирэйгэ-харахха да табан дьиҥнээхтик охсуһан молорутуһар түбэлтэлэр сир да аайы тахсыталаан, улахаттар буойа-буойа сонньуйаллара.
Бу кинигэ уонна ааптар саха уус-уран литэрэтиирэтигэр биир бастыҥ миэстэни ылара саарбахтаммат. Литературоведтар уонна литэрэтиирэ кириитиктэрэ ырыппыт, сыаналаабыт буолуохтаахтар, ону мин эридьиэстээбэппин.
Тимофей Сметанин оччотооҕу олох сэссийэлиистии идиэйэтин эрэллээх саллаата киһи. Үүнэр көлүөнэни систиэмэ тыыныгар уһуйарын ытык иэһинэн ааҕынара чуолкай. Билигиҥҥи тыыннаах кырдьаҕастар ааспыт үйэ 30-40 сылларыгар төрөөбүт көлүөнэ дьонобут.
Сметанин сэрии саҕаланыытыгар 20-тин ааһан эрэрэ. Сэбиэскэй олох саамай күүрээннээхтик сайдар кэмигэр буспут-хаппыт эдэркээн киһи саа-саадах тутан Ийэ дойду көмүскэлигэр хаанын тохпут буойун-саллаат тыыннаах эргиллэн эйэлээх олоххо суруйааччы быһыытынан сүппэт-оспот суолун хаалларбыт, баай айымньыларынан сүдү кылааты киллэрбит үтүөкэннээх киһи олорон-ааспыт эбит.
Үйэтэ уһаабыта буоллар элбэх классическай дэниллэр айымньылары суруйуоҕа харгыстаннаҕа. Үйэ бүтүүтүгэр олох уларыйыытын саҕана Амма Аччыгыйыттан, Күннүктэн, Суорунтан итэҕэһэ суох ытыктабыллаах саха литэрэтиирэтин аксакаала аатырыах этэ.
Кэбээйи улууһуттан Саха литэрэтиирэтигэр сүдү талаан олус кылгас олоҕу олорон ааспыт. 28 сыл диэн кылам гынаат сүтэр түгэн. Үйэтэ уһаабыта буоллар туох да саарбаҕа суох улуулар кэккэлэрин хаҥатара хаалбыт эдэркээн суруйааччы Тимофей Сметанин сырдык аатыгар бүдүгүгээри гыммыт төбөбүн нөрүөн нөргүйэн хоҥкутабын. Бу тыллары суруйаары оҕо сааһым омоох суолун биир ыллыгар төннө сылдьыбыттыы сананным.
Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин киинэ Уһун Күөл.
83 сааһыгар үктэммит кырдьаҕас В.А. Арепин-Баайык
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй