Турнир Физкултуура уонна спорт туйгуна, спорт маастара, 3000 уонна 5000 м дистанцияларга экс-рекордсмена, ЧРОСИО сүүрүүгэ тренерэ Екатерина Драгунова 50 үбүлүөйдээх сааһыгар ананна.
Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан күрэхтэһэ кэллилэр. Күрэхтэһии оҕолортон саҕалаан, бэтэрээннэри хабан, 12 дистанциянан буолуоҕа.
Үөрүүлээх чааска Екатерина Константиновнаны эҕэрдэлии Чурапчы улууһун спорка управлениетын начальнига Дьулустан Егоров, Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Попов, улуустааҕы чэпчэки атлетика федерациятын председателэ Юрий Слепцов, ЧРОСИО дириэктэрэ Станислав Захаров, Хатылы оскуолатын дириэктэрэ Екатерина Егорова уонна норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, дойду марафоҥҥа 5 төгүллээх чемпионката Сардана Трофимова кэллилэр.
Екатерина Драгуноваҕа СӨ Ил Түмэн бастайааннай кэмитиэтин бочуотунай грамотатын, улуус баһылыгын аатыттан “За добросовестный труд” бэлиэни туттардылар.
Елена Макаринская