СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников бүгүн Чурапчы улууһугар үлэлээтэ

Бүгүн, олунньу 22 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччыта Дмитрий Дмитриевич Садовников, Томпо улууһугар ситэриилээх былаас былырыыҥҥы сыллаах отчуотуттан төннөн иһэн, Чурапчы улууһугар тохтоон үлэлээтэ.

Кини чуолаан Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн “Национальнай бырайыактар” чэрчилэринэн тутуллар эбийиэктэри хонтуруоллуур. Дмитрий Дмитриевич бу боппуруоһунан Чурапчыга иккис сырыытын кэллэ. Маҥнай, Чурапчы нэһилиэгэр ыытыллар үөрүүлээх тэрээһиннэргэ кыттыыны ылла, ол курдук Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн нэһилиэк эр дьонугар аналлаах ыспартыыбынай күрэххэ мустубут дьону эҕэрдэлээтэ.

Ол кэнниттэн “Дорожник” ХЭТ-ҕэ тиэхэньикэни көрүү пуунун үөрүүлээх аһыллыытыгар  сырытта.

Бу иннинэ эрдэ Афанасий Софронов аатынан ыспартыыбынай саалаҕа итиэннэ Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар сылдьан эбийиэктэр уопсай туруктарын көрдө-иһиттэ. Үөһэ этиллибитин курдук Дмитрий Дмитриевич сүрүн болҕомтотун Таас балыыһа иккис уочараттаах тутуутугар уурда, үс мэндиэмэннээх уораҕай бары кэбиниэттэрин, МРТ туран үлэлиэхтээх дьиэтин, канализация, очистной сооружение будкаларын бэрэбиэркэлээтэ, үлэһиттэртэн туох матырыйаал тиийбэтин, үлэҕэ туох ыарахаттары көрсөллөрүн туоһуласта, сааскы халаан уутуттан харыстанан туох үлэни ыытыахтаатарын ыйытта.

“Тутулла турар эбийиэктэри көрдүм, сүрүннээн поликлиниканы, ыспартыыбынай сааланы көрдүм, итини таһынан техосмотр пуунун арыйыы кэрэхсэбиллээх түгэнигэр сырыттым. Сайдыы баран иһэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа, Чурапчылары маладьыастар диибин. Эбийиэктэр түһүктэнэн эрэллэрэ киһини кэрэхсэтэр уонна сотору кэминэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыахтара”, — диэн Дмитрий Садовников эттэ.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаарыскаҕа түһэриитэ