Алтынньы 23 күнүгэр Саха норуодунай суруйааччыта Василий Яковлев-Далан, олоҕун аргыһыгар Яна Викторовна Алехинаҕа суруйбут суруктарын улахан кыыстара Ольга Анисимова, Саха сирин тутаах бибилэтиэкэтин пуондатыгар бэлэх уунна. Бу суруктарга олоҕуран “Эйиэхэ эрэ…” диэн кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта.
Маны таһынан кини ийэтин тус бибилэтиэкэтиттэн биллиилээх суруйааччылар илии баттааһыннаах кинигэлэрин, Василий Яковлев-Далан бастакы ыстатыйалара тахсыбыт хаһыаттарын уонна сэдэх хаартыскаларын биэрдэ. Кэллиэксийэни бибилэтиэкэ дириэктэри бастакы солбуйааччыта Василий Борисов тутта. Кини кэлиэксийэ үчүгэйдик хараллыа уонна сыыппараҕа көһөрүллүө диэн эрэннэрдэ.
Санатар буоллахха, былырыын Василий Яковлев-Далан удьуордара Национальнай бибилэтиэкэҕэ суруйааччы тус бибилэтиэкэтиттэ докумуоннары биэрбиттэрэ. Онно 608 докумуон, ол иһигэр 3 илиинэн суруллубут альбом, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” 11 грампластинката, суруйааччы илии баттааһыннаах 60 тахса кинигэни, саха биллиилээх суруйааччылара Софрон Данилов, Егор Неймохов, Семен Руфов уонна да атыттар илии баттааһыннаах бэлэхтэммит кинигэлэри туттарбыттара.
СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй