Саамай дьоллоох күн (Улуу Кыайыы күнүнэн. Холобура суох хорсун быһыы)

“Итинник күн хас биирдии киһиэхэ баар. Мин өйбөр 1945 сыл муус устар 30 күнэ уонна кини чыпчаалынан буолбут өрөгөйдөөх түгэн умнуллубаттык хатаммыт”, — диэн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, Берлини штурмалааһын кыттыылааҕа Мелитон Кантария ахтыбыттааҕа.

Снарядтарынан уонна миинэлэринэн тоҕута тэптэриллибит буруолуу турар рейхстаг сиэрэй дьүһүннээх дьиэтэ, буорах буруотуттан хараарбыт Берлин халлаана уонна купол үрдүнэн көҥүллүк тэлээрэр кыһыл былаах. Бу – 756-с полкаҕа биһиги Михаил Егоровтыын разведчиктарынан сулууспалыыр үһүс Ударнай аармыйабыт бойобуой знамята. Кырдьык даҕаны, кинини ол уоттаах чаастарга уонна мүнүүтэлэргэ рейхстаг куполыгар таһаарарга биһиэхэ чэпчэкитэ суоҕа.

Берлиҥҥэ тиһэх кыргыһыылар ордук суостаах этилэр. Фашисткай кыыл өлөр мөхсүүтүнэн охсуһара. Сэбиэскэй сэриилэр Берлини ыстаал ытарчаҕа ылбыттара. Биһиги гилеровецтар кириэппэскэ кубулуппут куорат саамай киинигэр сэриилэһэрбит. Манна артиллериянан, минометунан, фауспатроннарынан тоҕуорутуллубут оборуоналар кирбиилэр уонна утарылаһыы узеллара оҥоһуллубуттар этэ. Муус устар 29 күнүгэр сарсыарда үһүс Ударнай аармыйа чаастара рейхстагы штурмалааһыҥҥа бэлэмнэниилэрэ саҕаламмыта. Кимэн киирии нөҥүө күн 13 чаас 30 мүнүүтэҕэ саҕаламмыта. Өстөөх кырыктаах утарылаһыыны оҥорбута. Онон бастакы штурмалааһын табыллыбатаҕа. 18 чаас 30 мүнүүтэҕэ рейхстагы иккис уонна бүтэһиктээх штурмалааһын саҕаламмыта. Уотунан хаххаланан дивизиялар штурмалыыр батальоннара атаакаҕа ыстаммыттара. Кыргыһыы үгэнигэр Михаил Егоров биһиэхэҕэ бойобуой знамяны туттарбыттара. Полк хамандыыра полковник Ф. Зинченко эппитэ: “Өйдөөн кэбиһиҥ, бу знамя биһиги фашизмы кыайыыбыт символынан буолуоҕа. Өскөтүн эһиги бэйэҕит сатабылгытынан уонна харса суоххутун көрдөрдөххүтүнэ. Бу мүнүүтэттэн ыла эһиги, разведчиктар буолбакка, знамяносецтаргыт. Эһиэхэ ситиһиини баҕарабын”. Ол кэнниттэн кини сөһүргэстээбитэ уонна знамяны уураан ылбыта. Биһиги кини холобурун батыспыппыт.

Рейхстаг баара-суоҕа икки аҥаар мэндиэмэннээх уонна хоруобуйалаах. Эргиччи – кыырыктыы уоту аһа сытар өстөөхтөр. Онон хоруобуйаҕа тахсыы син биир өстөөх тыылыгар өтөн киирии курдук буолбута. Лейтенант А. Берест салайар байыастарын бөлөҕүн кытта И. Сьянов ротатын өйөбүлүнэн биһиги кэтит кирилиэс устун бокуойа суох өрө дабайбыппыт. Гранаталары туттарга тиийиллибитэ. Тиһэҕэр биһиги рейхстакка киирбиппит. Кини хоруобуйатыгар турар тимир акка чугаһаабыппыт. Эргиччи көрбүппүт: Берлин бүтүннүүтэ биһиги анныбытыгар. Ол кэмҥэ оскуолка акка түспүтэ уонна кини иһин дьөлө түспүтэ. Биһиги бастаан знамябыт угун ол хайаҕаска анньыбыппыт да, знамя биир эрэ өттүттэн көстөрө.

Онон урусхалламмыт ойоҕостордоох куполга ыттыбыппыт. Дьэ онно бойобуой знамябытын кытаанахтык хам кэлгийбиппит. Ол муус устар 30 күнүгэр киэһэ 22 чаас саҕана этэ. Устуоруйаҕа киирэр дьылҕаламмыт күн.

 

Сэмэн Жендринскэй