Кини, дьадаҥы кэргэнтэн төрөөбүт буолан, эдэр сааһыттан олох араас кыһалҕатын, эриирин-мускуурун дьиҥ-чахчы билэн улааппыта, үүнэн-үөрэнэн, ситэн-хотон үлэһит буолбута.

1943 сыллаахха педагогическай училищены саҥа бүтэрбит эдэр исписэлиис Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырыллыбыта. Бастаан снайперскай, стрелковай чаастарга курсанынан сылдьыбыта, онтон анал үөрэҕи бүтэрэн баран танковай чаастарга сулууспалаабыта, империалистическай Япония бөдөҥ стратегическай пууннарын урусхаллааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыбыта. Уодаһыннаах өстөөҕү утары охсуһууга көрдөрбүт хорсун быһыыларын иһин Кыһыл Сулус уордьанынан, хас да бойобуой мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Эйэлээх тутуу сылларыгар Петр Егорович эдэригэр талан ылбыт идэтинэн Хатылыга уонна Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар илиитин араарбакка үлэлээбитэ, кэнники норуот үөрэҕириитин оройуоннааҕы отделын аппараатыгар бастаан иниспиэктэринэн, онтон методическай кабинет сэбиэдиссэйинэн өрө таһаарыллыбыта. Кини оскуолаларга методическай үлэлэри тупсарыыга, кабинетнай систиэмэни тэрийиигэ, бастыҥ уопуту тарҕатыыга үгүс сыратын, дьоҕурун ууран үлэлээбитэ.

Буойун, учуутал, хомуньуус оройуон уопсастыбаннай-бэлитиическэй олоҕор көхтөөхтүк кыттара, өрөбөлүүссүйэ, бойобуой уонна үлэҕэ албан аат кулуубун салайара, үлэһиттэри, ордук эдэр ыччаты, аҕа көлүөнэ үтүө үгсэтэригэр иитиигэ элбэх өрүттээх үлэни ыытыһара.

Петр Егорович Спиридонов куруутун олохъ оргуйар үөһүгэр – охсуһуу уонна үлэ инники күөнүгэр сылдьыбыта.

 

Н. Соловьев

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй