Бу эһиги иннигитигэр көстөр хаартыска омос көрдөххө туох даҕаны ураты көстүүтэ суох курдук буолан баран, устуоруйа быыһын сэгэтэн көрдөххө маннык этэ.
Ити былааҕы ылаары бэлэмнэнэн хаҥас турар саллаат, Одьулуун нэһилиэгин олохтооҕо, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, 1-кы Чеченскэй хампаанньа кыттыылааҕа Александр Романович Саввин, 1994 сыл сэтинньи ыйыгар, Бурятия өрөспүүбүлүкэтин Гусиноозерск куорат дивизиятыгар сулууспалыы тиийиибит кэмигэр,
(Подполковник Петр Сивцев ортоку турар)
былааҕы туттаран эрэр, билигин Чурапчы оройуонун Ис дьыалаҕа отделын сотруднига, полиция подполковнига, Арыылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Петр Романович Сивцев сулууспатын улахан аҥарын ааһан дьиэтийэн сылдьар кэмэ этэ. Биир дойдулаахтар көрсүһүүлэрэ ол оннук саҕаламмыта, онтон ахсынньыга Чечня хампаанньата саҕаламмытыгар иккиэннэрин байыаннай сорудахха бииргэ ыыппыттара.
Ол кэмтэн ылата 31 сыл ааһа оҕуста, этэҥҥэ сырыттахха дьыл – хонук… Оччотооҕуга бу саллааттар хантан билиэхтэрэ баарай, “сыллар-хонуктар ааспыттарын кэнниттэн Одьулуун нэһилиэгэр, тохсунньу 22 күнүгэр, Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх 80 сылын көрсө Кыайыы былааҕын бэйэ-бэйэҕэ туттарсыахпыт” диэннэр.
Дьэ чахчы, бэрт интэриэһинэй түгэн диэбэккит дуо?
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ