Мындаҕаайыга региональнай педагогическай ааҕыы ыытылынна

2024 сыл кулун тутар бүтэһигэр Р.И. Константинов аатынан Амма орто оскуолатыгар биир дойдулаахпыт, атомнай бырамыысыланнас бэтэрээнэ, тэхничэскэй билим хандьытаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылыгар туйгуна, С.А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата, Чурапчы  улууһун, Чакыр, Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иоган Егорович Максимов  аатынан учууталларга аналлаах ааҕыы буолан ааста. Тэрийээччилэринэн олохтоох  оскуола, Чурапчы улууһун үөрэҕин салалтата уонна Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай физкултуура уонна спорт үнүстүтүүтэ буоллулар. Ордук үөрүүлээҕэ, долгутуулааҕа диэн И.Е. Максимов бэйэтэ кэлэн үлэ барыытын көрдө-иһиттэ, сыаналаата. Ааҕыы сүрүн сыалынан-соругунан уһуйааччы, иитээччи билиитин-көрүүтүн үрдэтии,  уопуттарын тарҕатыы буолар. Үлэ элбэх хайысханан ыытылынна, И.Е. Максимовка аналлаах үлэ быыстапката тардылынна, төгүрүк остуол, маастар кылаас ыытылынна. Барыта улуус оскуолаларыттан 7 секциянан 39 педагог кытынна.

Дьүүллүүр сүбэҕэ  педагогическай наука кандидата, Чурапчытааҕы үнүстүүт эбии үөрэхтээһинин факультетын декана Марианна Манасытова,  педагогическай үлэ бэтэрээнэ Екатерина Ермолаева, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи Мария Филиппова,  педагогическай наука кандидата, Чурапчытааҕы судаарыстыбаннай үнүстүүт кафедратын доцена Тарас Артеменко, педагогическай наука кандидата, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия  директорын научнай үлэҕэ солбуйааччы Ирина Соловьева, педагогическай  үлэ бэтэрээнэ Надежда Кожурова, педагогическай наука кандидата, Чурапчытааҕы үнүстүүт декана Елена Артеменко, педагогическай наука кандидата, үөрэх салалтатын орто үөрэхтээһин уонна методическай хааччыллыы отделын сүрүн специалиһа Николай Артемьев, С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия нуучча тылын уонна литературатын туйгун категориялаах учуутала Людмила Кириллина уонна С.К. Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия саха  тылын уонна литературатын туйгун категориялаах учуутала Фекла Болдовская үлэлээтилэр. Ааҕыы 7 секциянан барда, бастыҥ үлэлэр ааттаннылар, дипломнар туттарылыннылар.  Кыайыылаахтарга Арассыыйа иһинэн идэни үрдэтинэр куурустарга уонна VIII-с Бүтүн Арассыыйатааҕы НПК «Физическая культура, спорт, наука и образование» хомуурунньугар  босхо бэчээттэтэр үлэҕэ сэртипикээттэр туттарылыннылар. Бу ааҕыыттан элбэх саҥа санаалар үөскээтилэр, үлэ уопутун тарҕаттылар. Ааҕыыбыт иккис тэрээһинигэр «Экодухуобунас» тула истиҥ кэпсэтии төгүрүк остуолугар И.Е Максимов бэйэтин билиитин-уопутун сиһилии кэпсээн, санаа атастаста, саҥа саҕахтары арыйар торумнары, баҕа санаатын, алгыһын тиэртэ. “Экодухуобунай Кут Дабаан тускула—сайдыы үөрэҕэ” ( киһи ис духуобунай күүһэ ядернай буомбатааҕар күүстээх), “Экодухуобунас диэн киһи дьылҕатын салайынар туругун булунуута, кыаҕын туһаныыта”, “Экодухуобунас диэн экологическай тыллыы философията, стратегическай сыалы туруоруу, ону ирдиир уопсай хайысха”диэн өйдөтөн тыл эттэ, кэпсээтэ. Киһи аймах ис айылгытын уһугуннаран Айылҕатыгар төттөрү хайыһыыта, харыстабыллаах сыһыана уонна манна барытыгар бэйэбит ис эйгэбитин, айылҕа биэрбит чараас кыаҕын толору арыйарбыт сүдү улахан суолталаах диэн тоһоҕолоото. Айылҕа алдьаныытын, кэхтиитин кытта киһи барахсан туруору быстыспат сибээстээх, ити ситимин биһиги билигин үүнэр кэм дьоно ыраатыннарбакка кэмигэр өйдөөн, ким ханна эйгэлээҕинэн, үлэлииринэн иитэр уонна үөрэтэр тускулу тутуохтаахпыт, эгэйиис санаабытын ыһыктан, ырааҕы көрөн дьаһана үөрэниэхпитин баҕаран, Иоган Егорович бу сайдыы үөрэҕин ( экодухуобунаһы) дойдум дьоно аан бастаан өйдөөн, туран саҕалаатыннар диэн этэрин дириҥник өйдөөтүбүт. Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, дойдубутугар Оҕо саас сылынан улуустарга норуот педагогикатын (этнопедагогика) кииннэрин, оскуолаларга этнопедагогика лабораторияларын тэрийэр, түмэллэр үлэлэрин тэтимирдэр, онуоха улахан болҕомтону уурар саамай тоҕоостооҕун өйдүүргэ уонна көннөрүнэргэ бүөм баҕа санаатын тоһоҕолоото. Түмүккэ, ыытыллыбыт үлэттэн санаата көтөҕүллэн үөрбүтүн, дойдутугар кэлэн ыраас салгынынан дуоһуйа тыынан, күүс –сэниэ ылбытын ытыс тыаһын ортотугар эттэ. Ыытыллыбыт тэрээһинтэн кэлбит ыалдьыттар астыммыттарын биллэрдилэр, салгыы маннык үлэ ситимнээхтик ыытылларыгар баҕа санааларын тиэртилэр.  Кыттыбыттарга барыларыгар оҕону иитэр-үөрэтэр үлэлэригэр аартыктара арылла  турдун диэн алгыспытын аныыбыт.

 

Ольга Борисова