Мындаҕаайыга элбэх кыбартыыралаах дьиэ бастакы сваята түстэ

    

13 кыбартыыралаах 2 этээстээх таас дьиэ «Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан тутуллар. Тутуу бу сыл төрдүс кыбаарталыгар бүтэн, үлэҕэ киириэҕэ.

 

Тутууну «Томтор СК» ХЭТ, биир дойдулаахпыт Петр Архипов ыытар. Кини саҥа дьиэ кэмигэр олоххо киириэ диэн мэктиэ тылын биэрдэ.

 

«Мындаҕаайы олохтоохторугар саҥа оскуола аһыллыбытын кэннэ өссө биир үөрүүлээх түгэн тосхойдо. Аны олох сотору саҥа дьиэҕэ киириэххит. Биһиги улууска бу федеральнай бырагырааманан 36 дьиэ, 819 квартира киирбитэ элбэҕи этэр. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү» бырагырааматын салгыы уһатарын туһунан бэйэтин Анал этиитигэр эппитэ. Онон улууспут олохтоохторо өссө да саҥа кыбартыыраларга киирэн иһиэхтэрэ», — диэн бэйэтин тылыгар эттэ.

Елена Макаринская