Кинигэни таһаарыыга ол кэрчик кэмҥэ үлэлээбит-хамсаабыт туруу үлэһит дьоммут, туһааннаах исписэлиистэр, сопхуос киин аппараатын салайсыбыт салалтата үлэлээтилэр. Туһааннаахтарга улахан кыайыы, үлэ түмүгэ, астыныы-дуоһуйуу, киэн туттуу…
Кинигэҕэ икки нэһилиэк дьоно-сэргэтэ хайдах үлэлээбиттэрэ, түмсүбүттэрэ, кэрчик олохторун историята кэпсэнэр. Барыта 180 киһи ахтыыта хомуллан киирдэ.
Мындаҕаайы сопхуос 1983 с. тохсунньу 22 күнүгэр тэриллэн, Амма өрүс сүнньүн баһылааһыҥҥа ананан үлэтин саҕалаабыта. Кырдьык, ол кэмҥэ сөптөөх кэскиллээх дьаһал этэ. Мындаҕаайы, Мырыла сиригэр-уотугар сири төрдүттэн тупсарыыга, бааһына сирин оҥорууга, бурдугу, оҕуруот аһын, элбэх сыллаах оту ыһыыга тэрээһиннээх, хамсатыылаах үлэ барбыта.
Кинигэ бэчээттэнэн тахсыытыгар көмөнү оҥорбут салайааччыларга, биирдиилээн дьоммутугар, түгэнинэн туһанан, махталбытын тиэрдэбит.
Урукку “Мындаҕаайы” сопхуос бары үлэһиттэрэ