Мугудайдар улахан куонкуруска ситиһиилээхтик кытыннылар

Алтынньы 6-9 күннэригэр Сочи куоракка ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы «Золотой кубок» фестиваль куонкуруска Мугудай нэһилиэгиттэн  «Күбэйэ» түмсүүнү таһынан  оскуолабытыттан «Волшебный крючок» куруһуокка дьарыктанар 7 үөрэнээччи салайааччыларын Күннэй Аммосованы кытта ситиһиилэнэн кэллилэр.
Оҕолору кэрэ эйгэтигэр уһуйар Күннэй Григорьевна бэйэтэ илиитинэн уустаан-ураннаан айбыт оҥоһуктарынан Гран-при хаһаайына буолла. Онтон үөрэнээччилэрэ кини салайар куруһуогар дьарыктанан оҥорбут оҥоһуктарынан быыстапкаҕа кыттан улахан сэҥээриини ыллылар, хас биирдии бэйэлэрэ тус-туһунан 1-кы истиэпэннээх лауреат буолан үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ.


Кэрэчээн кыргыттарбыт 3-с уонна 5-с кылаас үөрэнээччилэрэ Валерия Рожина, Марина Маркова, Күннэй Катакова, Санаайа Баишева, Дайаана Охлопкова, Сайнаара Толстоухова, Розалина Корякина Сочи, Адлер куораттар кэрэ сирдэринэн сылдьан, муораҕа сөтүөлээн дуоһуйа сынньаннылар, киэҥ сири, улахан тэрээһини көрөн, дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар сэҥээриилэрин ылан астыннылар.
Мугудай нэһилиэгин баһылыгар Николай Аммосовка,эрэллээх айаннаах суоппарга Михаил Пермяковка барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Сахабыт сирин, Чурапчыбытын ааттатарга, оҕолорбут сайдыыларыгар олук уурарга дьоһун хамсааһын барыбытын сомоҕолоотун, түмтүн.

Евдокия Катакова, «Күбэйэ» түмсүү салайааччыта