Ааспыт өрөбүллэргэ, Дьокуускайга «Модун» успуорт уораҕайыгар Сахалыы остуол оонньууларын Бэдэрээссийэтин төрүттээччи Андрей Донской аатынан хабылык уонна хаамыска өрөспүүбүлүкэтээҕи чөмпүйэнээтэ буолла.
24 хамаандаттан 180-тан тахса кыттааччы 80 путевка иһин кииристилэр. Күрэх үөрүүлээх чааһыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников сахалыы остуол оонньуулара биллэрдик сайдыбытын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр бу оонньууларынан 7 тыһыынча кэриҥэ киһи дьарыктанар, олортон үксүлэрэ — оҕолор.
Манна биһиги улууспутуттан сахалыы остуол оонньууларыгар СӨ успуордун маастара, Төлөй орто оскуолатын дириэктэрэ Андрей Деллохов хапытааннаах аҕыс киһиттэн састааптаах хамаандата, уопсай түмүккэ 5-с миэстэ буолары ситистилэр, инньэ гынан бөлөх аайы барытыгар путевкалары ыллылар.
Турнир түөрт дьиссипилиинэнэн ыытылынна: хабылык, хаамыска (5 тоҥсуур), хамыска (7 тоҥсуур) уонна умсаах. Күрэхтэһиигэ эр дьон уонна дьахталлар ортолоругар «Манчаары» Оонньууларыгар 16 путевка, оттон түөрт категорияҕа — 12 путевка оонньонно. Оттон уолаттар уонна кыргыттар кулун тутар ыйга 16 путевка иһин күрэхтэһиэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, сахалыы остуол оонньуулара 2017 сылтан “Манчаары” Оонньууларын бырагырааматыгар киллэриллибиттэрэ.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ



