«Күбэйэ» түмсүү: «Сахабыт сирин инникитин туһугар бары бииргэ»

Улууспутугар киэҥник биллэр-көстөр үлэлээх Мугудайдааҕы «Күбэйэ» түмсүү Далбар Хотуттара дойдубутугар ыытылла турар сүдү суолталаах быыбарга бүгүн куоластаатылар. Сахабыт сирин инникитин түстүүр, кэлэр кэскилбитин кэрэһэлиир тэрээһиҥҥэ кинилэр ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан, саха маанылаах таҥаһын таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ көрүөххэ астык, эриэккэс.

Наталья Сибирякова