Кини Москубаны, Сталинграды көмүскэспитэ (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Уйбаан Ийэ дойдуга сэриинэн түөкүннүү уоран саба түспүт өстөөхтөрү утары охсуһууга 1941 сыл атырдьах ыйын 10 күнүгэр колхуоска биригэдьиирдии сылдьан ыҥырыллыбыта. Бастаан кавалерийскай чааска үөрэммитэ. Сотору буолаат кыайыгастарын-хотугастарын көрдөрбүт буойуттар фроҥҥа аттаммыттара.

Ити кэмҥэ сэбиэскэй норуот өйө-сүрэҕэ бүтүннүү Москубаҕа түмүллэрэ. Столица адьас ыксатыгар кыырыктаах кыргыһыылар бара тураллара. Уйбаан, генерал Белов ааттаах куорпуһун састаабыгар киирсэн, бастакы бойобуой сүрэхтэниини Серпухов куораты босхолуур иһин кыргыһыыга ылбыта. Кэнники Кашира уонна Калинин куораттары босхолоспута. Ити тухары, мэлдьи инники да сырыттар, кыргыһыы толоонуттан этэҥҥэ тахсан испитэ.

Онтон салгыы кини сулууспалыыр чааһа Сталинградка быраҕыллар. Волганы атынан харбатан туораабыттара. Киэҥ Арассыыйа кэрэ киэргэлэ буолбут өрүс снарядтар эстиилэриттэн, буулдьа тобураҕыттан өрө дэбилийэ сытара. Буулдьаҕа таптарбыттар хаһыылара-ыһыылара, өлөрүнэн мөхсүү – быһата олоҥхо улуу бухатыыра Уот Кудулу байҕалы туорааһынын кэпсээбит курдук үлүгэрэ этэ. Туораат аатырбыт тыраахтыр собуотун оройуонугар кыргыһыыга киирбиттэрэ. Сталинградка Уйбаан ый кэриҥэ күлүмэ уот анныгар сылдьан охсуспута. Тиһэҕэр гитлеровскай алтыс армия сааттаах бэриниитин киэн туттуутунан истибитэ, өстөөх билиэҥҥэ бэриммит илдьиркэй саллааттарын эт хараҕынан көрбүтэ. Ол сылдьан быстах ытыалаһыы кэмигэр атаҕар, көхсүгэр уонна түөһүгэр бааһырар.

Үтүөрэн баран аны Харьков куорат иһин кыргыһыыга киирэр. Оттон 1944 сыл сайыныгар кинини Москубаҕа Буденнай аатынан Кыһыл Знамялаах кавалерийскай оскуолаҕа үөрэххэ ыыппыттара. Итиннэ сылдьан Кыайыы параадыгар кыттар чиэскэ тиксэр.

“Хорсунун иһин” о.д.а. хас да мэтээллэрдээх хоһуун буойун 1946 сыл ыам ыйыгар төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр эргиллэн кэлбитэ уонна тута эйэлээх үлэ үөһүгэр ахтыбыт-баҕарбыт курдук киирбитэ. Кэнники уһун кэм устатыгар ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ идэтийэн барбыта. Итиннэ көрдөрбүт, ситиспит үрдүк көрдөрүүлэрин иһин үлэ мэтээлинэн эмиэ наҕараадаламмыта.

Иван Николаевич Диодоров төрөөбүт Хадаарыгар олоҕун тиһэх сылларыгар диэри үлэлии-хамныы сылдьыбыта.

 

И. Собакин

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй