Чурапчы улууһугар Григорий Григорьевич Дагданчаны билбэт, аатын истибэтэх, бука, суоҕа буолуо. Улууспут биир бастакы урбаанньыта, меценат, Саха сирин Н.Д. Эверстов-Сэрбэкэ аатынан социальнай-экономическай сайдыытын Бочуоттаах мецената, Чурапчы, Арыылаах, Мукучу (Кэбээйи улууһа) нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, биир улахан дьыалатынан Улуу тириэньэр Дмитрий Петрович Коркин бэйэтин үөрэнээччилэрин күүһүнэн туттарбыт тустуу саалатын, саҥа таас ыспартыыбынай саала тутуллан, эргэрэн, туһатыттан тахсыбытын иһин, интэринээт-оскуола томторуттан көһөрөн киллэрэн, Афанасий Софронов аатынан ыспартыыбынай саалаҕа сыһыары тутан, саҥардан, Чурапчы киинигэр олорор эдэр тустууктарга улахан бэлэҕи оҥорбуттааҕа.

1997 сыллаахха муус устар ыйга ыытыллыбыт урбаанньыттар кэмпириэнсийэлэригэр, оччотооҕуга Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Анатолий Саргыдаев: “Дьиҥэр, түмсүүлээхпит буоллар, бу ааспыт биэс сыл устата, сүбэлэһэн биир үчүгэй эргиэн дьиэтин тутан кэбиспит буолуо этигит. Ырыынак олохпутугар чиҥник киирдэ, онон быстах санаалартан аккаастанан, үлэни киэҥник көрүнэр сөп, маныаха тэрээһин, түмсүү наада”, — диэн дорҕоонноохтук тыл эппитэ. Григорий Григорьевич ити кэмҥэ таксилаан мунньубут харчытынан ити сыл, Чурапчыга “Сельхоз тиэхиньикэ” томторугар быраҕыллан турар дьиэни атыылаһан ылан, хаппытаалынай өрөмүөнү ыытан, истэри-тастары саҥардан, хочуолунай тутан, аан бастакы ырыынагы аһан үлэлэппитэ. Үс сыл буолан баран, 2000 сыллаахха бигэргэммит атыы киинин бырайыагынан, “Куохара” диэн 30 миэстэлээх ырыынагы туттаран аспыта. Бырайыак быһыытынан эбийиэк оччотооҕуга сыаната 430 тыһ.солкуобайга тэҥнэспитэ, бу үбү барытын Григорий Дагданча бэйэтэ уйуммута.

Нэһилиэк сайдыытыгар кини биир улахан кылаатынан – тимир каркаастаах, сатыы дьоҥҥо анаммыт Куохара үрэҕи туоруур үс сүрүн муоста буолар. Урукку муосталар наар маһынан оҥоһуллар буоланнар, уһун үйэтэ суох этилэрэ. Василий Дьячковскай бырайыактарынан уонна улууска биллэр сыбаарсык Юрий Арепин көмөлөрүнэн, 2003 сыллаахха “Айылгы” култуурунай сынньалаҥ киинин таһынан ааһар 24 миэтэрэ усталаах бастакы муостатын, онтон 2004 сыллаахха Муусука оскуолатын аннынан ааһар 32 миэтэрэ усталаах иккис муостаны (норуокка биллэринэн Тапталлаахтар муосталара) уопсай симиэтэнэн 787 тыһ.солк ороскуоттаах эбийиэктэри туппута.

Оччотооҕуга нэһилиэк баһылыга Иван Оконешников көрдөһүүтүнэн, 2006 сыллаахха таҥара дьиэтин аннынан үһүс муостатын тутан таһаарбыта, муоста уһуна, хаамар үктэлин кытары, 135 миэтэрэ усталаах буолбута. Ити этиллибит муосталарга биирдиилэригэр улуус уонна нэһилиэк дьаһалталара 50-нуу тыһ.солк көмөлөспүттэрэ. Онтон атын ороскуотун барытын Григорий Григорьевич бэйэтэ уйуммута. Итини таһынан 2005 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт сквер киирии ааркатын, үс тимир сэргэни туруоруутун, аанын эмиэ бэйэтин үбүнэн оҥорторбута. 2007 сыллаахха, Чурапчы нэһилиэгин кыраныыссатын бэлиэтиир Бөтүгүттэ алааһын үрдүгэр аҕыс кырыылаах, тоҕус миэтэрэ үрдүктээх алтан сэргэни, бетонтан кутуллубут саха балаҕанын тас көрүҥүн көрдөрөр, ол аттыгар “Чурапчы” диэн улахан суруктаах уонна онно туоруурга анаан тимир каркаастаах муостаны туттарбыта. Бу үлэлэргэ барытыгар уруккуттан бииргэ үлэлэһэр дьоно Василий Дьячковскай уонна Юрий Арепин кыттыыны ылбыттара. 2010 сыллаахха “Учуутал” сылыгар анаан, Григорий Дагданча учууталларга анаан түөрт кыбартыыралаах дьиэни Трактовай  уулуссаҕа, кылгас кэм иһигэр хаачыстыбалаахтык оҥорторон, үлэҕэ киллэрбитэ. Оттон 2012 сыллаахха бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэригэр анаан, Константинов аатынан уулуссаҕа икки этээстээх, түөрт кыбартыыралаах олорор дьиэни туппута.

Ытыктыыр киһибит Григорий Григорьевич бүгүн лоп курдук 75 сааһын туолла, мэлдьи саҥаны, сырдыгы төрөөбүт улууһугар, нэһилиэгэр тус кылаатын киллэрэ сылдьар, саас аайы туттарбыт муосталарыгар быстах өрөмүөннэри бэйэтин үбүнэн оҥорторор. Кини үтүө холобурун батыһан, улуус аччыгый бизнеһин үлэһиттэрэ аҕыйаҕа суох саҥа дьиэлэри-уоттары туттулар. Кини умсулҕаннаах үлэтэ кэлэр кэнэҕэски ыччакка үтүө холобур буоллун диэн туран, биир дойдулаахпыт, бэйиэт Василий Петров-Айыл анабыл хоһоонунан түмүктүүбүн.

Киһи киһитэ Киргиэлэй

Киһилии кэрэтик дьаһанар

Булбутун эрэ барытын

Муннун анныгар мунньубат –

Бар дьонун туһугар

Босхо муосталары туттарар,

Үгүс үтүө дьыалаларга

Үбүлэһэр, көмөлөһөр,

Чурапчы сайдарын туһугар

Чулуу, кыахтаах дьоммутугар

Үтүө дьайыытынан көҕүтүһэн

Үтүө холобуру көрдөрөр…

 

Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ааптар тус архыыбыттан