Өлүөнэттэн Эльбаҕа тиийбитэ (Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө)

Немецкэй фашистар таанкаларын бөлөхтөрө нуучча улуу өрүһүгэр Волгаҕа тиийэ охсоору талаһар, Кавказ хайаларын тэллэхтэрин диэки өлүү-сүтүү харгыстанан ааҥныыр суостаах 1942 сыл сайына. Оттон дойдуга уот кураан түһэн турар күчүмэҕэй күннэрэ. Ити сыл бэс ыйыгар Сэбиэскэй армияҕа ыҥырыллан, тиһиликтээх тыраахтык бырысыабыгар тиэллэн Чурапчыттан Бэстээххэ диэри айаннаабыттар ортолоругар “Кыһыл үлэ” промартель эдэр оробуочайа Иннокентий Сивцев баара.

Иннокентий Михайлович Мальта станцияҕа минометчик идэтин баһылаабыта. Онтон, дьоҕурдааҕын билэннэр, аны зенитчик буоларга үөрэппиттэрэ.

Сталинград оборуонатыгар хорсун сэрииһиттэринэн аатыран Кыһыл Сулус уордьаны знамятыгар анньынар чиэстэммит 45-с полкаҕа саха уола түбэспитэ. Кини Курскай тойоҕойдооҕу кыырыктаах кыргыһыы уотун ортотугар аан бастаан суостаах сэрии буораҕын сытын билбитэ. Онно 76 мм ордуе расчетугар сылдьан фашисткай таанкалары утары охсуһууга уонна өстөөх бөҕөргөтүүлээх пууннарын снаряд уотунан самнарыыга кыттан, элбэх хабыр киирсиилэри туораабыта.

  • Гомель куорат анныгар кыргыһыыларга биһиги чааспыт өстөөх авиациятын саба түһүүттэн элбэх сүтүктэммитэ. Ол эрээри фашистар сэриилэрин үлтү кумалаан куоракка бастаан киирбиттэр ахсааннарыгар биһиги эмиэ баарбыт. Итинтэн салгыы Жлобин куораты балдьаан ылбыппыт уонна Сэбиэскэй армия ити туһаайыынан кимэн киирэр күүһүн тулуйбатах өстөөх сэриилэрин Висла өрүскэ диэри кыйдаабыппыт. Өйдөрүн-төйдөрүн булларбат кэриэтэ дохсун охсууну биэрэммит бэрт киэҥ сири босхолообуппут.

Онтон балачча кэмҥэ оборуонаҕа сыппыппыт, кэлэр кыргыһыыларга бэлэмнэммиппит. Сэбиэскэй Ийэ дойдубут кыраныыссатыгар диэри уодаһыннаах фашист үөрдэрин үүрбүт кэммитин, кыраныыссаны туораан бырааттыы Польша норуотун Гитлер биистэрин батталларыттан босхолуур интернациональнай иэспитин толорбут үөрүүбүтүн киһи сатаан кэпсээбэт. Варшаваны босхолоспутум. Өһүөннээх өстөөх арҕаҕар Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэспитим. Быһата, төрөөбүт Өлүөнэбиттэн Европа өрүһэ Эльбаҕа тиийэ саллаат сындалҕаннаах бойобуой суолун ааспытым, — диэн ахтыбыттаах Иннокентий Михайлович.

Кини үс сыл кэриҥэ өлүү-сүтүү ортотунан туораабыт фроннааҕы олоҕуттан биир маннык түгэни кэпсээбиттээх:

  • Отут сыл ааста, умнан-төннөн да бардым, ол немецтэр куораттарын аатын. 1945 сыл саас этэ. Фашистскай сэриилэр ол куораттан туох да утарылаһыыта суох тахсан биэрбиттэрэ. Биһиги дьиксинэ санаабыппыт. Онтукабыт сэрэйбиппит курдук буолла: сарсыарда түптэ-түрүлүөн ортотугар түстүбүт, немецтэр куорат тула өттүттэн атаакалаан киирэн бардылар. Алта түүннээх-күн ынырыктаах киирсиини көрүстүбүт. Уулуссаттан уулуссаҕа, дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьан кыдыйыстыбыт. Мэндиэмэнтэн мэндиэмэҥҥэ эккирэтиһэн, тутуһан туран ытыалаһыы, туох түбэһэринэн дайбаһыы диэн манна буолла. Итинник уот будулҕаҥҥа биир доруобай баҕайы немец миигин, кэннибиттэн бобо харбаан ылаат, иккис этээстэн түннүгүнэн таһырдьа бырахта.

Өйдөнөн кэлбитим, сэрии уурайбыт. Биһиэхэ көмөлөһө таанковай уонна стрелковай чаастар кэлэннэр, фашистары үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөтөхтөр. Оттон мин, бадаҕа, өлбүт немецтэр үрдүлэригэр түһэммин, тыыннаах ордубуппун.

Ити нэдиэлэ курдук хабыр киирсиилэргэ мин өстөөх биир таанкатын үлтүрүппүтүм, хас да автоматчиктарын өлөрбүтүм. Ол иһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмытым.

Артиллерист Сивцев итини тэҥэ Висла өрүс арҕаа эҥэригэр өстөөх оборуонатын тоҕо көтүү саҕана көрдөрбүт эр санаалаах быһыытын иһин “Хорсунун иһин” мэтээли ылбыта. Төрөөбүт дойдутун көҥүлүн туруулаһан көмүскэспит бойобуой сылларын туоһута буолар кини түөһүгэр итинтэн атын алта мэтээллэри көрүөххэ сөбө. Эйэлээх тутуу бириэмэтигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ 29 сыл тухары сибээс уонна эргиэн тэрилтэлэригэр эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Бэйэтин эбээһинэһигэр үтүө суобастаах сыһыаны көрдөрөн, уопсастыбаннай олоххо көхтөөхтүк кыттан хайҕал үрдүгэр сылдьара, дьон-сэргэ махталын ылыан ылбыта.

Үлэ, сэрии бэтэрээнэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран быар куустан олорботоҕо, уопсастыбаннай олохтон тэйбэтэҕэ. Пионерскай дружиналар хомуурдарыгар, ыччаты кытта көрсүһүүлэргэ кинини куруутун көрүөххэ сөп этэ. Үүнэр көлүөнэни Сэбиэскэй патриотизм, интернационализм тыыныгар уонна Ийэ дойдуга, баартыйаҕа муҥура суох бэриниилээх буолууга, иитиигэ үтүө тылларынан сүбэлиирэ, аҕа табаарыс быһыытынан долгутуулаах кэс тылларын этэрэ.

Д. Сивцев, П. Седалищев

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй