«ӨБҮГЭ СЫРДЫК ТЫЫНА» көрүү быыстапка ыытылынна

Чурапчы улууһугар норуот маастарын күнүгэр «ӨБҮГЭ СЫРДЫК ТЫЫНА» нэһилиэктэр уустарын, иистэнньэҥнэрин икки ардыларыгар көрүү быыстапка буолан ааста.

Саха норуотун уран уустарын оҥоһуктарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, сахалыы төрүт оҥоһуктары киэҥник билиһиннэрэр, уһанар, иистэнэр дьон ортотугар саҥа ааттары арыйар, салгыы айалларыгар-туталларыгар көмө-тирэх буолар сыаллаах тэрээһин тоҕус сүрүн көрүҥүнэн ыытылынна. Быыстапка улуус 12 нэһилиэгиттэн 77 уран тарбахтаах маастары түмтэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ норуот маастара, улууска бастакынан «Дьүөгэ» иистэнэр сыах баазатыгар Уус дьиэтин тэрийэн үлэлэппит, Чурапчылыы ииһи киэҥ араҥаҕа тэниппит Татьяна Николаевна Карсанаева, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, Чурапчы нэһилиэгин «Утум» Уус дьиэтин иһинэн «Силик» түмсүү салайааччыта, саха ииһин научнай таһымҥа чинчийээччи Надежда Прокопьевна Ахматова, СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, Хатылы нэһилиэгин эр дьонун түмсүүтүн салайааччыта Вячеслав Степанович Барашков уонна «Айылгы» ОНАДь «Ай» народнай студия сүрүннүүр специалиһа Муосчут кыыһа Айылгы Пинигина үлэлээтилэр.

«Айхаллан, Чурапчы!» нэһилиэктэринэн бэстибээлгэ быыстапка хайысхатыгар кыл-сиэл оҥоһуктарга балаһыанньа оҥоһуллан, сөрүө, олбох араас көрүҥүн, кыл сэлээппэ эриэккэһин дьүүллүүр сүбэ бу да быыстапкаҕа көрдө. Бары хайысханы барытын кэриэтэ хабан Чурапчы нэһилиэгин уустара элбэх оҥоһугунан кытыннылар, бириистээх миэстэлэргэ, анал ааттарга тиксибит да дьонноро үгүс буолла («Утум» дьиэтин сал.Петрова А.Н., «Сиэл тойуга» түмсүү сал. Бурнашева В.Г.). Чыаппара нэһилиэгэ урукку өттүгэр сөрүө оҥоруутугар холонуута суох буоллаҕына, быйыл бэстибээлгэ анаан олохтоох «Айар күүс» түмсүү (сал. Тотонова Е.Н.) күүһүнэн «Тойон сөрүө» оҥоһуллан нэһилиэктэригэр дьоһун хамсааһыны таһаардылар. Төлөй нэһилиэгэр күөс охсооччулар утумнаахтык дьарыктанан түөлбэ үтүө үгэһин сөргүттүлэр. Быыстапка эрэ иннинэ, олунньу 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи семинары иилээн-саҕалаан ыыппыттара кэрэхсэбиллээх. Болугур нэһилиэгин «Дьарҕаа» түмсүүтэ (сал. С.А. Дьячковская) мэлдьи буоларын курдук олус үрдүк таһымнаах быыстапканы тардан норуот уус-уран оҥоһуктарын хайысхатыгар дьаныардаахтык үлэлииллэрин көрдөрдүлэр. «Ай» студия (сал. Дьячковская С.Д.) ыытар үлэтин хайысхатын нэһилиэк уран тарбахтаахтара таба өйдөөн, ордук эдэр ыччаты илиинэн оҥоһук үөрүйэхтэригэр уһуйан саҕалаабыттара киэҥ далааһыннаах уонна дириҥ хорутуулаах үлэ ыытылларын бэлиэтэ.

«Саҥа олох» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.