Дьиэ кыыллара сыстыганнаах ыарыыларын эрдэттэн эмтэтиҥ

Сылгы, сүөһү сыстыганнаах ыарыыларга сутуллуута доруобуйаҕа, хаһаайыстыбаҕа охсуулаах, үгүс хоромньуну аҕалар кутталлаах.

Чурапчы – сүрүннээн  тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улууһунан биллэр.  Онон сүөһүнү, сылгыны иитэр  хаһаайыстыбалар хас нэһилиэк аайы бааллар.

Маныаха бу салааны сайыннарыыга иитэр сүөһүбүт, сылгыбыт атын да кыылларбыт чэгиэн туруктаах буолуулара улахан суолталаах – аһыыр аспыт, эппит, үүппүт хаачыстыбата онтон тутулуктаах . Ханнык баҕарар кыыл араас сыстыганнаах, паразитарнай  ыарыыга сутуллуохтарын сөп. Бу үөннэр бары сүөһү, сылгы хаанын сүмэһининэн, кини аһаабыт аһынан  аһылыктаналлар. Ол аата үүтэ-аһа кыччыыр, мөлтөх төрүөхтээх, ырыган туруктаах буолар,  үөнэ олус элбээтэҕинэ, ыран  өлүөхтэрин да сөп.

 

Онуоха ханнык  сыстыганнаах  паразитарнай ыарыылар ордук көстөллөрүй?

 Сылгы үөннэрэ:

Анаплоцефалит (хаптаҕай лиистик). Бу – элбэх көрүҥнээх уонна ситэ үөрэтиллэ илик лиистик көрүҥэ. Сүрүннээн сылгыга көстөр, эмтэннэҕинэ эрэ түһүөн сөп. Сылгы өллөҕүнэ, иһин аһан көрүүгэ үксүгэр баар буолар.

Сетариоз (сап курдук уһун синньигэс) –- сылгы иһигэр -таһыгар, атыыр сылгы сымыытыгар о. д. а. уорганнарыгар баар буолар. Сүөһүнү,сылгыны күһүн өлөрдөххө, этин уонна ис уорганнарын быыһыгар хамсыы сылдьар синньигэс сап курдук үөн баарын түбэһэн көрөр буолуохтааххыт.

Габронематоз бу эмиэ ситэ үөрэтиллэ илик лиистик, сылгы сааһыттан тутулуга суох үөскүүр, сылгы куртаҕар төрүүр- ууһуур үөн көрүҥэ.

Гастрофилез (бүгүлэх)сылгы куртаҕар баар үөн, сылгыны астыы сылдьан көрдөххө, кыһыл дьүһүннээх буолар. Бу ситтэҕинэ күлүмэн буолан көтөр.

Параскаридоз (Сойуо) сылгы сааһыттан тутулуга суох бу ыарыыга сыстар, кэмигэр эмтээбэтэххэ, бырдах түһүүтэ уонна күөх от тахсыыта сылгы бу ыарыыттан сылтаан көнньүнэн өлүөн сөп.

Оксиуроз. Маннык көрүҥүнэн сутулуннахтарына, кутуруктарын төрдүн түүтэ турбут буолар. Бу  ыарыы сылгыны олус дьүдьэтэр, эмиэ сааһыттан тутулуга суох үөскүүр үөн. Өйдөөн көрдөххө, сылгы кэннигэр үп-үрүҥ үөннэр хатана сылдьар буолаллар. Сылгы суон оһоҕоһун ымынах курдук бааһырдар. Сылгы кэннин чаастатык аалынар .

Стронгилятоз. Бу – элбэх көрүҥнээх үөн, сылгыга, сүөһүгэ куруук баар буолар, хаанынан аһылыктанар буолан кутталлаах – личииҥкэлэрэ оһоҕоско эрэ буолбакка, тымырга, оһоҕоско, тараһа быыһыгар олохсуйаллар, 1-9 ыйга тиийэ сайдаллар. Ол кэнниттэн суон оһоҕоско киирэн төрүүр-ууһуур. Сааҕын кытта таска тахсар, доруобай сүөһүнү, сылгыны сутуйар. Сахабыт сирин сылгытыгар элбэх көрүҥэ баар, сороҕо 5 см тиийэ уһуннаах, сороҕо быыкаайык буолар, онон киһи өйдөөн көрүмүөн сөп. Сүөһү стронгилятоһа арыый кыра эрэ буолар.

Стронгиляттар инвазионнай личииҥкэлэрэ биһиги тымныыбытын тулуйаллар, хас эмэ сыл устата өлбөттөр, онон сылгы сылы эргиччи сутуллуон сөп.

Үөннэр сайдар-ууһуур кэмнэрэ – балаҕан ыйа, алтынньы. Ити ыйдарга эмтиир табыгастаах –  личииҥкэлэрэ ити кэмҥэ ситэ сайда илик буолар. Онон эмтээһин түмүгэ көдьүүстээх буолар. Сыл аайы кэмин куоттарбакка эмтэттэххэ, сылгы да үчүгэй туруктаах кыстыыр. Бу – лярвальнай дегельментизация диэн буолар. Оттон алтынньы, сэтинньи ыйдарга үөннэр суон оһоҕоско тиийэн төрүү-ууһуу иликтэринэ эмтэтэр преимагинальнай  дегельментизация дэнэр. Сааһыары олунньу ыйтан  муус устар  бүтүөр диэри түһэртэрэр наада. Сылгы ноһуомун ыраастаан, мунньан уматар ордук.

Ынах сүөһүгэ ордук Тизаниезиоз, Мониезиоз (хаптаҕай лиистиктэр) ыарыылар көстөллөр. Идэһэ кэмигэр, оһоҕоһугар уһун субурҕай, хаптаҕай маҥан чиэрбэлээх буолааччы. Оттон сааҕар ириис куруппа курдук маҥан члениктэр түһээччилэр. Бу икки чиэрбэлэр ыарыыны көбүтэллэр, көрүҥүн лаборатория чинчийиитинэн эрэ быһаарыахха сөп. Эмтэппэтэххэ, бу ыарыы сүөһүнү ырыарар, үүтэ, аһа кыччыыр,  эбиитин, быт ыһар, аһаабат буолуон сөп,  аттыгар турар атын сүөһү сыстыан сөп. Бу ыарыылары күһүн, саас дегельментизация (үөнү түһэрии) көмөтүнэн эмтэтэр ордук туһалаах. Хотоннору кэмигэр дезинфекциялыыр наада.

Кокцидиоз, Эймериоз (бу норуокка хааннаах үөһүрэҥ диэнинэн биллэр). Ордук кыра сүөһү сутуллан ыалдьар, улахан да сүөһү туруга мөлтөх буоллаҕына, сыстыан сөп. Сүөһү үөһүрэр, сороҕор хаана да суох буолар, сороҕор сааҕа хойуу эмиэ буолуон сөп. Улаханнык ыарыйдаҕына, этигэр-хааныгар баар ууну сыптарыйан таһааран кэбиһэр. Оччоҕо хараҕа түһэр, түргэнник ырар. Маннык ыалдьыбыт сүөһүнү бэйэ билэринэн эмтиир сэрэхтээх, бэтэринээргэ  эмтэтэргит булгуччулаах. Сороҕор бэйэлэрэ эмтээн баран анаалыска ыытааччылар. Оннук түгэҥҥэ киһи  диагноһы сатаан бигэргэппэт, туруорбат, ол эбэтэр бу ыарыыны көбүтээччилэр бары микроорганизмнар буолаллар, куоталлар, көстүбэттэр.

Дьиэтээҕи кыылларбыт чөл, чэгиэн туруктаах буолалларын туһугар, кинилэртэн ылыллар бородууксуйа хаачыстыбата тупсарыгар  биһиги исписэлиистэрбит хас нэһилиэк аайы былааннаах үлэни тэрийэллэр. Хомойуох иһин, сорох дьон ситэ өйдөөбөттөр, сылгыларын, сүөһүлэрин үөннэрин түһэртэрбэттэр, бу хаһаайыстыбаҕа олус улахан хоромньуну аҕалыан сөп диэн сэрэтэбит.

 

Августа Давыдова, Чурапчытааҕы бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория  бырааһа