Чурапчыттан Валентина Адамова социальнай хантыраагынан бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлиир

Валентина үс оҕолоох, Чурапчыга олорор. Быйыл муус устар ыйыгар “Бренд детской одежды и аксессуаров” диэн бырайыагынан социальнай хантыраакка кыттан, 350 тыһ солк ылбыт.

 

“Ылбыт суумабар матырыйаалларбын, 2 промышленнай иистэнэр массыынаны, оверлогу, манекеннары атыыласпытым уонна тута үлэлээн барбытым. Бастаан төрүөхтэриттэн 3 саастарыгар диэри таҥастары тигэн атыылыыр эбит буоллахпына, билигин сааспыт биэһигэр диэри улаатта.

 

Таҥаһы эрэ буолбакка, фотосессияҕа сөптөөх киэргэллэри, ону таһынан кыра оҕо хоһун киэргэтэр оҥоһуктары (декорация) оҥоробун. Таҥаһым натуральнай матырыйаалтан, ол эбэтэр хлопок, муслин, лен, крапива курдук матырыйааллартан тигиллэр уонна комфорт диэн истиили тутуһабын. Билигин күһүҥҥүгэ диэн  улахан партиянан матырыйаалларбын Новосибирскайтан сакаастаан олоробун”, — диэн кэпсиир.

 

Дьон төһө сакаастыырый, сэҥээрэрий диэн ыйытыыбар сакаас бөҕө киирэр, соҕотох буолан сатаан кыаммаппын, ол иһин күһүҥҥүттэн кыра оҕом уһуйааҥҥа бардаҕына, туспа ателье тэринэн, көмөлөһөөччү ылан үлэлиэм диир.

 

Валентина инникитин өссө социальнай хантыраакка киирсэн, станоктары ылан, мас оонньуурдары оҥорор баҕалаах.

 

Елена Макаринская