Бэҕэһээ, о.э. сэтинньи 8 күнүгэр топонимист Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ төрөөбүтэ 95 сылыгар, Арассыыйаҕа педагог уонна уһуйааччы, СӨ Үлэ сылыгар аналлаах «СИРИМ-ДОЙДУМ СИКСИГИНЭН» куонкурус түмүгүн иһитиннэрдилэр.
Куонкуруска Саха сирин араас муннуктарыттан уопсайа 37 үлэ киирбит, ол онтон 13 оскуола оҕолорун үлэлэрэ. Ньурбаттан, Сунтаартан, Алдантан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Тааттаттан, Чурапчыттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Намтан, Орто Халыматтан, Үөһээ Дьааҥыттан, Хаҥаластан, Уус-Маайаттан, Булуҥтан, Өлөөнтөн уонна Дьокуускайтан кытынныллар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ филологическай билим хандьыдаата Багдарыын Сүлбэ төрөппүт уола Ньургун, Ньурба түмэлин дириэктэрэ А.Туманова, Ньурба түмэлин билим-чинчийэр салаа салайааччыта Б.Борисов, түмэл исписэлииһэ А.Иннокентьева үлэлээтилэр.
Улахан дьоҥҥо:
1 үрдэл — Римма Корякина-Хотууна «Күөрээкин кулуһуннааҕа» (Чурапчы улууһа)
2 үрдэл — Николаев Валериан Парфеньевич «Төрөөбүт алааһым Мундукаан туһунан» (Сунтаар улууһа)
3 үрдэл — Александров Александр Петрович-Сахса Тар «Сирим дойдум сиксигинэн» (Ньурба улууһа)
3 үрдэл — Горохова Сардаана Михайловна «Боронук сирин ааттара» (Үөһээ Дьааҥы улууһа, Боронук).
“Багдарыын Сүлбэ бэйэтэ биллэр топонимист буоларын быһыытынан бу куонкуруска сирдэр ааттарынан айымньыны суруйуу диэн этэ балаһыанньатыгар. Ол онно сыһыаран, кэргэним дойдутун, чуолаан Мэлдьэхси сирдэрин ааттарынан дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни суруйбутум”, — диэн өрүү буоларын курдук Римма Иннокентьевна бэрт сэмэйдик, аҕыйах тылынан хоруйдаата.
Чурапчыбыт улууһугар билиҥҥи кэмҥэ олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар тарбахха баттанар суруйааччыбытыгар Римма Корякина-ХОТУУНАҔА инникитин даҕаны ситиһиилэри баҕарыаҕын.
Күөрээкин Кулуһуннааҕа
(олоххо буолбут түбэлтэ)
Ааспыт үйэ олоҕун-дьаһаҕын сөхсүтэн, өбүгэлэрбит олорон ааспыт өтөхтөрүн өҥөйөн, айбыт айылҕабытыгар төннөр, үһүйээннэрин үйэтитэр биһиги ытык иэспит. Өбүгэлэрбит барахсаттар көмүс уҥуохтара ууттан-хаартан суураллан, урусхалланан, сорохторо өрт уотугар былдьанан, эмэҕирэн сир үрдүттэн симэлийэ сүтэн эрэллэр. Ол түмүгэр өй-санаа, сиэр-туом, итэҕэл ытык өйдөбүлэ өлбөөдүйэр, умнууга хаалар. Ол эрээри, алаас аайы эт өйдөрүнэн тобулан, илиилэринэн-атахтарынан сүгэн-көтөҕөн туппут балаҕаннара, өтөхтөрүгэр туруорбут сэргэлэрэ сорохторо билигин да тураллар. Өбүгэлэрбит барахсаттар олорор алаастарын иһит иитин курдук бүппэт эргиирдээх аан дойдуга холууллара. Алаадьы курдук төгүрүк алаастарынан бытанан, арҕам-тарҕам олороллоро, оҕо-уруу төрөтөн, аҕа ууһун тэнитэллэрэ.
Былыр сири-уоту волостарга араарыы буолбутугар, Илин Мэлдьэхсини үс нэһилиэккэ үллэрбиттэр. Онно: Хорообут, Суола-Бастакы Мэлдьэхсигэ киирбиттэр. Куула, Халдьыы, Саккыраа, Улахан аҕа уустара уонна Куохара аҕатын ууһа-Иккис Мэлдьэхси, Дьаҥхаады, Томтор -Үһүс Мэлдьэхси диэн арахсыбыттар. Иккис Мэлдьэхси нэһилиэгэ былыргы муус үйэ саҕаттан үөскээбит күөх отунан чэлгийэр чоҥкучах алаастардаах, собо оонньуур, мунду мунньустар дириҥ күөллэрдээх, сир сиксигин хаймыылаан биэрэрдии суугунуур намчы хатыҥ чараҥнардаах, баай хара тыалардаах, халыҥ тайҕа хайыҥнаах, Куохара үрэх тардыылаах сиринэн биллэрэ. Иккис Мэлдьэхси кииниттэн Күндүлтэн Куохара үрэҕинэн айан суолун батыстахха, уҥа арахсар суолу тутустахха, ”Бойуона” алааһын нөҥүөлээтэххэ, обургу күөллээх алаас көстө түһэр. Ол сир “Күөрээкин Кулуһуннааҕа” диэнинэн биллэр. Манна олорон ааспыт баай Өлөксөй Күөрээкин туһунан дьон-сэргэ баччааҥҥа диэри уос номоҕо оҥостоллор.
Өлөксөй Күөрээкин сыспай сиэллээҕи сыһытан, хороҕор муостааҕы хорҕотон, бэрт сэниэтик олорбута үһү. Бас билэр сирдэрин быттыгын, өлгөм үүнүүлээх алаастарын, Куохара үрэх ходуһаларын батыһа ус сайын устата унньуктаахтык, дьонун кытта бииргэ сылдьан оттоһоро. Алаас аайы туруорбут кэбиһиилээх отторун барытын бэйэтэ эрэ түстүүрэ, кэбиһэрэ, атын кими да итэҕэйбэтэ эбитэ үһү. Оннук сэниэлээх, күүстээх, үрдүк уҥуохтаах, этэ-сиинэ толору, сөҥ куоластаах киһи этэ диэн кэпсииллэр. Аһыыр аһа аллар арыылаах, идэһэтин этэ эмис сыалаах буолара. Өлөксөй Күөрээкин сүрдээх дьээбэлээх-хооболоох эбит. Ардыгар, атыыр оҕустары харсыһыннартаан, ыттары охсуһуннартаан дьону сэргэхситэрэ. Ол быыһыгар, дьиппиэр-тыйыс хааннаах эбит. Кини алааһын тумнан ааспыт айанньыты биллэҕинэ, дьоннорунан эккирэтиннэрэн туттарара уонна таһыйара үһү диэн баар. “Миигин аанньа ахтыбакка тумнан аастыҥ”- диэн сирэй-харах анньара. Уонна ол киһини күүскэ аһатара, үчүгэйдик аһаабыт киһини хайҕаан, манньалаан ыытара. Кэргэнэ Акаана олус өйдөөх, мындыр дьахтар эбит. Улахан кэпсэтиилэри кини ыытара. Сүөһүтүн-аһын салайара. Төһө сүөһүлээҕин Өлөксөй киниттэн ыйытара эбитэ үһү, бэйэтэ сүөһүтүн ахсаанын билбэт эбит. Чугас алааска, Лабаҕаҕа, үлэһиттэрин хамсатан, буор тастаран, булгунньах оҥорторбут. Булгунньах оройугар омуһах хастаран, элбэх ынаҕын үүтүн онно куттаран, үүт көлүйэ оҥоро сатаабыт. Ол көлүйэтин онно билигин да баар. Дьон кэпсииринэн, үүт көлүйэттэн өргө диэри аһыйбыт үүт сыта кэлэрэ эбитэ үһү. Кини күннээн-күөнэхтээн олорор кэмигэр сүөһүтүн ахсаана тыһыынчаҕа чугаһыы сылдьыбыта диэн кэпсииллэр. Өлөксөй Күөрээкин Киргиэлэй диэн чугас “Хааҥкырыйа” алааска олорор бииргэ төрөөбүт убайдааҕа. Биирдэ Өлөксөй алааһыгар сиэдэрэй симэхтээх маҥан атын миинэн убайа Киргиэлэй тиийэн кэлбит. Кини эмиэ модьу-таҕа, киппэ киһи эбит. “Дьэ, күүстээхпин диэн кэпсэнэр үһүгүн. Бу үтүлүгү ылан биэр эрэ!”-диэн баран балаҕан өһүөтүн аҥаар илиитинэн өрө анньан таһааран баран, аҥаар илиитинэн үтүлүгүн кыбытан кэбиспит. Онуоха Өлөксөй биир илиитинэн өрө анньан көрбүт да, өндөппөтөх. Оттон икки илиитинэн өрө астаҕына, өһүөнү өндөтөр эбит. Сатаан ылбатах. Ону көрөн:” Холоон да эрээри күүһүмсүйэр эбиккин, аны күүһүмсүйбэт буол!”- диэн баран Киргиэлэй биир илиитинэн өһүөнү өрө анньан, үтүлүгүн сулбу тардан ылбыта үһү диэн үһүйээн баар.
Өлөксөй Күөрээкин Манчаары онно-манна баайдары талыы сылдьар сураҕын истэн, “миэхэ эмиэ кэлиэ”- диэн эрдэттэн бэлэмнэммит. Уус дьоннорун ыҥыртаан, алааһыгар икки хос истиэнэлээх ампаары туттарбыт. Ол тутарыгар тутуу маһын талыытын талан, оҕуһунан состорон таһар. Сыыры дабайыыга оҕустара кыайбатахтарына, бэйэтэ тардан таһаарар күүстээх киһи эбит. Манчаары уоттаатаҕына барыта умайбатын диэн, истиэнэлэрин икки ардыларыгар туой буору симэн бөҕөргөттөрбүт. Кэллэҕинэ ытыалаһыам диэн ампаарын эркинигэр төгүрүччү чуолҕаннары оҥорторбут. Ампаар иһигэр дириҥ икки этээстээх булууһу хастарбыт, ытыыстаабыт. Ол булууһа икки хос ааннаах эбит. Ампаар аанын эмиэ икки хос гына оҥорторбут. Тас халҕана икки сиринэн тимир уобуруччулаах, таһын диэки аһыллар. Ис аана иһирдьэ диэки аһыллар, суон туора мас олуурдаах гыннартарбыт. Уонна Манчаары чугаһаатаҕына, истэн салыннын диэн улахан саҥалаах киһини саҥардар эбит. Манчаары ол алааска маҥан аттаах кэлэ сылдьыбыта үһү диэн буолар. Күөрээкин олоҕун киэһэлик, ыам бүппүтүн кэннэ булбут. Ыраахтан чуҥнаабыт, эрдэттэн бэлэмнэммитин көрбүт. Киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ бэрдиттэн, сатаан киллэриэ суохтар диэн саба сүүрдэн киирбэтэх. Алаас үрдүгэр халдьыаҕа хоммут, мантан ынах маҥырыыра, ыт үрэрэ барыта иһиллэр эбит. Нөҥүө күнүгэр, дьон кэпсээнинэн, Өлөксөй ампаарыттан тахсарын манаабыт. Киһилэрэ тыа саҕатыгар бэйэтин наадатыгар тахсыбыт. Манчаары хап-сабар саатын ылан олорор киһини көхсүгэ кыҥаабыт. Киһитэ олох кыһаллыбакка, билбэккэ олорор үһү. Ону Манчаары:”Кэбис, ытыа суохпун, бүтүн оҥоһуулаах киһи эбит” – диэн тохтообут. Ол гынан баран, бачча ыраах аат ааттаан кэлбиччэ, кэлэн барбытын биллэрээри, үүт маҥан атынан түөрт мас үүт күрүөнү үрдүнэн көтүтэн ааспытын, алаас дьоно кэнниттэн көрөн эрэ хаалбыттар. Дьон-сэргэ Манчаарыны сырдык, толомон ньуурун, кэтит киппэ түөһүн, күүстээх былчыҥнарын, сытыы уоттаах арылхай харахтарын өйдөөн хаалбыттар. Манчаары Баһылай ити курдук кэлэн барбыта үһү.
Чурапчы улууһугар, Ытык Мэлдьэхси сиригэр, “Күөрээкин Кулуһуннааҕар” былыр үйэҕэ тутуллубут икки хос истиэнэлээх ампаар үйэлээх өйдөбүнньүк буолан, элбэх сыллар хаардарын уулларан, эркинигэр “Охраняется государством” диэн бэлиэлээх, билигин да үчүгэй туруктаах турар. Иһигэр киирдэххэ, истиэнэтин мастара ыраас, ханан да иһинэн-таһынан буора саккыраабатах, сайынын өҥүрүк куйааска да сүрдээх сөрүүн буолар. Өлөксөй Күөрээкин кистээбит көмүһүн дьон баччааҥҥа диэри көрдүүллэр үһү да, булбуттара иһиллибэт. “Күөрээкин Кулуһуннааҕа” алаас баай таабырыннаах үһүйээнэ итинэн эрэ бүппэтэ буолуо, өссө тугу эрэ бэйэтин хоонньугар кистэнэн сыттаҕа…
Сэмэн Жендринскэй. Хаартыска ХОТУУНА тус архыыбыттан.