Чурапчыга Сомоҕолоһуу күнүн көрсө кэрэхсэбиллээх быыстапка тэрилиннэ

                                Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө, бүгүн А.А. Саввин аатынан история уонна этнография түмэлигэр “Аан дойду кэллиэксийэтэ” диэн ааттаах быыстапка тэрилиннэ. Манна “Маарыкчаан” коллекционердар түмсүүлэриттэн 9 киһи уонна Анна Корякина салайар Мэҥэ Хаҥалас Тумулуттан “Алыптаах” түмсүү кэлэн кытыннылар. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Сомоҕолоһуу күнүн историятын сырдатар видеоролик көрдөрүлүннэ. Мусуой салайааччыта Афанасий Захаров мустубут дьону эҕэрдэлээтэ, хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн саҥалыы тыыннанан үлэҕэ киирбит мусуойга бу бастакы тэрээһин буоларын эттэ. Мантан ыла, биирдиилээн коллекционердар үлэлэрин сырдатар быыстапканы тэрийэн, дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр таһааран иһэр былааннаахтарын билиһиннэрдэ. “Кэллиэксийэ –история кырадаһына. Хас биирдии мал ааспыт  кэми сэһэргиир, ааспыт кэмҥэ эргитэр, ааспыты санатар дириҥ суолталаах. Онон ураты дьарыктаах дьоммут, эһиги үлэҕит история кэрэһитэ буолан дьону-сэргэни умсугута турдун, историяны үйэтитэр үлэҕит иһин махтанабыт”, — диэн эҕэрдэ тылыгар бэлиэтээтэ.

Улуустааҕы “Маарыкчаан” коллекционердар түмсүүлэрин тэрийбит уонна салайбыт СӨ ОДьКХ Бочуоттаах бэтэрээнэ Иван Попов Комсомол тиэмэтигэр муспут значоктара, анал бэлиэлэрэ дьон болҕомтотун тарта: “Мин бу көрүҥүнэн 1969 сылтан дьарыктанабын. Бүгүн Комсомолга аналлаах үлэбин аҕаллым. Манна Комсомол үбүлүөйдээх сылларынан наардаммыт уонна араас бэлиэ тэрээһиннэригэр, сийиэстэригэр анаан оҥоһуллубут значоктары аҕаллым. Сылын аайы улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттан анал ааттарга тиксэбин.  Быйыл “Кэллиэксийэни сайыннарыыга үтүөлэрин иһин” диэн өрөспүүбүлүкэттэн үрүҥ көмүс бэлиэни туттум. Итини тэҥэ Саха сирин туһунан 3 тыһ. тахса значоктаахпын, барыта тиэмэнэн тиһиллэ сылдьар. Ону таһынан спорду сырдатар кинигэлэри, пионерияҕа аналлаах значоктары мунньабын” – диэн үлэтин, дьарыгын сырдатта.

Оттон Надежда Монастырева линиэйкэлэри мунньуунан дьарыктанар эбит: “Бастаан уолум мунньан саҕалаабыта. Ону кэлин бэйэм умсугуйан, салгыы дьарыктана, сайыннара сылдьабын. Манна араас кэминээҕи линиэйкэлэр барыта бааллар. Тутууга туттуллартан саҕалаан, кыра оҕолорго аналлаах линиэйкэҕэ тиийэ. Саамай былыргы логарифмическай линиэйкэни ааттыыбын. Билэр дьоммут, аймахтарбыт бу дьарыкпытын билэр буолан, ханна эмэ бардахтарына, кэһиилэрин аҕалаллар, сороҕор дьону кытта атастаһабыт. Билигин кэллиэксийэбитин 200-тэн таһаардыбыт”.

Бу быыстапкаҕа кустук сэттэ өҥүн дьэргэлгэнэ оонньуур кэрэтик симэммит эгэлгэ бэйэлээх куукулалар киһи болҕомтотун тардаллар. Бу – Розалия Пономарева мунньубут кэллиэксийэлэрэ. Кини быыстапкаҕа 60-тан тахса араас омук куукулаларын көрдөрүүгэ уурда: “Куукулалары мунньуунан дьарыктаммытым 10-тан тахса сыл буолла. Аан бастакы польскай куукулалары Евротурга сылдьан аҕалбытым. Онтон ыла билэр дьонум, үөрэнээччилэрим, дьүөгэлэрим ханна эмэ бардахтарына, куруутун сакаастыыбын. Саха куукулаларын, дьахтардаах эр киһини, Акулина Лукинаттан атыыласпытым. Кини анал гиипсэнэн, туойунан нарылаан оҥорбут. Маны таһынан өссө аан дойду норуоттарын төбөҕө кэтэр таҥастарын, бэргэһэлэрин мунньуунан дьарыктанан эрэбин. Билигин кэллиэксийэм 10-ча устуука буолла. ”

Улуустааҕы “Маарыкчаан” коллекционердар түмсүүлэрин салайааччытын Надежда Захарованы көрсөн кэпсэттим. Кини эмиэ бу эйгэҕэ утумнаахтык ыласн дьарыктанар. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа истиэнэҕэ ыйанар сувенир тэриэлкэлэри аҕалбыт: “Түмсүүбүтүгэр 20-чэ чилиэннээхпит. Тумус туттар киһибит Иван Николаевич бу түмсүүнү тэрийбитэ. Кини бу быыстапкаҕа кытта кэллэ. Кинини сэргэ Анастасия Дьячковская натуральнай таастарынан тиһиллибит оҕуруолары, Дария Федорова кэмбиэр мааркаларын, Надежда Монастырева линиэйкэлэри, Антонина Георгиевна саха сирин значоктарын аҕалан бу быыстапкаҕа кытта сылдьаллар. Мин Сомоҕолоһуу күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, араас судаарыстыба сувенир тэриэлкэлэрин аҕаллым. Бу кэллиэксийэм таһынан спорт тиэмэтигэр аналлаах кинигэлэри, урукку харыйа оонньуурдарын мунньуунан дьарыктанабын. Түмэлбит улахан өрөмүөнү ааһан, саҥалыы тыыннанан, үлэлииргэ-хамсыырга олус үчүгэй усулуобуйа тэрилиннэ. Мантан ыла, улууспут коллексионердарын быыстапкатын, Афанасий Афанасьевичтыын сөҥнөһөн тэрийэр баҕалаахпыт”.

Кэллиэксийэлээһин – ураты умсулҕан. Онон маннык көрүҥүнэн дьарыктанар дьоммутугар  история быыһын сэгэтэр,  урукку кэми билиҥҥилиин  ситимниир утумнаах үлэлэригэр ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Маныаха туһуламмыт араас хабааннаах быыстапкалар тэриллэн,  дьон-сэргэ болҕомтотун тарда турдуннар.

Анна Захарова.