Чурапчыга саахымат оонньуутун күүскэ сайыннарыахха

Саахымат оонньуута былыр- былыргаттан   дьоҥҥо-сэргэҕэ сүрдээҕин биҺирэппит, таптаппыт успуорт биир саамай маассабай көрүҥэ буолар.  Тугу барытын билэр статистика этэринэн,  аан дойду үрдүнэн саахыматынан  600-тэн тахса мөллүйүөн киҺи үлүҺүйэн оонньуур.

Сэбиэскэй сойуус ыҺыллыан иннинэ Саха сиригэр, ол иҺигэр Чурапчыга эмиэ, саахымат оонньуута киэҥник сайдыбыта.  Саахыматы өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтооҕо интэриэҺиргиирэ, хас дьиэ аайы үчүгэйдик оонньуур киҺи элбэх этэ.   Сойууска да, өрөспүүбүлүкэҕэ да араас таҺымнаах элбэх күрэхтэҺиилэр куруук буолаллара.Сыллата аайы улахан дьоҥҥо, итиэннэ  оскуола үөрэнээччилэригэр өрөспүүбүлүкэ чемпионаттара, турнирдара тэриллэн  ыытыллаллара.

Бастакы Чакыр нэҺилиэгиттэн  төрүттээх   Федор Ефимов  саахымакка эр дьоҥҥо  өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар  биэс төгүл кыайбыта, бириистээх миэстэлэри ылаттаабыта. Ол курдук, кини  1940, 1948, 1950, 1952 уонна 1953 сылларга  кыайыылааҕынан тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэ биир күүстээх оонньоочутунан биллибитэ. Улуус олохтохторо Ф.П. Ефимовы үчүгэйдик билэр буолуохтаахтар.

1955 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталлар ортолоругар саахымакка  бастыыр иҺин күрэхтэҺиигэ Екатерина  Размахова чемпион үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Кини ол кэмҥэ оройуон биир оскуолатыгар учууталынан үлэлиирэ. Бу чемпионакка кини  11-тэн  9-очконы  ылан, эрэллээхтик кыайыылааҕынан тахсыбыта.

1964 сыллаахха Чурапчыттан силис тартарыылаах Харитина Егорова дьахталларга өрөспүүбүлүкэ чемпионунан буолбута. Кинилэр тустарынан Николай Иннокентьев  «Саахымат хонууларын тула сахалар ыллыктара» диэн  2007 сыллаахха тахсыбыт кинигэҕэ сиҺилии сурулубуттара.

ҮөҺээ ахтыллыбыт дьон кэннилэриттэн саахымакка  улуустан эр да дьоҥҥо, дьахталларга да биир да  өрөспүүбүлүкэ  чемпиона үүнэн тахсыбата.  Баҕар алҕаҺыырым буолуо. Ол оннугар, ыаллыы олорор оройуоннартан-Тааттаттан, Уус-Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан чемпионнар үүнэн, күөрэйэн таҕыстылар.  Кинилэртэн саахымакка успуорт маастардара, маастарга кандидаттар хото үүннүлэр. Ити үөҺээ  ааттаммыт ыаллыы улуустар салайааччылара, успуорду көҕүлээччилэрэ уонна исписэлиистэрэ  эдэрдэри, оскуола оҕолорун кытта  инникилэрин өтө  көрөн,  кэскиллээхтик, айымньылаахтык үлэлииллэрин арылхайдык көрдөрөллөр.

Чурапчы улууҺа бэйэтин күүстээх  дуобатчыттарынан аатырар.   Улуустан гроссмейстердар кытары баар буоллулар. Онтон саахымакка биир да успуорт маастара үүммэтэ. Баар балаҺыанньа уларыйбатаҕына   улуустан саахымакка кэлэр өттүгэр  өрөспүүбүлүкэ чемпиона да, спорт  маастара да  үүнэллэрэ кытаатыаҕа.      Мин санаабар, улууска дуобаты уонна саахыматы тэҥҥэ тутан, иккиэннэрин бииргэ дьүөрэлээн,  өрө тутан  сайыннарыахха баара. Өссө дуобатчыттар ортолоругар саахымакка талааннаах, дьоҕурдаах оҕолору көрдөөн, талааннарын салгыы бу көрүҥҥэ  эрчийэн, күүскэ  сайыннарыахха. Баҕар  кинилэртэн  күүстээх  саахыматчыттар   үүнэн тахсыахтарын сөп.

Саахымат успуорда улууска  сайдарыгар туох баар усулуобуйаны  барытын тэрийиэххэ.

Бастатан  туран,  саахымат оонньуутун улууска  маассабай оҥоруохха. БөҺүөлэктэргэ, нэҺилиэктэргэ саахыматчыттар кулууптарын, онтон оскуолаларга, үөрэх кыҺалаларыгар саахымат секцияларын тэрийэн үлэлииллэрин, саахымакка  араас күрэхтэҺиилэр ыытыллалларын ситиҺиэххэ. Улуус чемпионата табыгастаах  кэмҥэ барара быҺаарыллыахтаах. Маныаха  күүстээх саахыматчыттар, успуорт исписэлиистэрэ, тренердэр актыыбынайдык кыттыыны ылыахтаахтар.

ИккиҺинэн, саахымат уустук теориятын баҺылааҺыҥҥа улахан болҕомто ууруллуохтаах. Манна сөптөөх кинигэлэри, литэрэтиирэни ааҕан туҺаныахха, сакаастаан да булуохха сөп. Куйаар ситимигэр киирэн араас саахымат уруоктарын булан үөрэтиэххэ.  Youtube канаалыгар “Шахматная планета”,  “Олег Соломаха” уруоктарын,  итиэннэ биллэр гроссмейстердэр  Анатолий Карпов, Гарри Каспаров, аан дойду чемпиона Магниус Карлсен уонна да атыттар партияларын дьаныҺан үөрэтиэххэ . Итилэр барыта уруок курдук компьютерга үөрэтиллэллэр. Кылаабынайа бастакы хардыылар оҥоҺуллуохтаахтар. Наадалаах исписэлиистэри, тренердэри Дьокуускайтан уонна атын улуустартан  да ыҥыран үөрэттэриэххэ сөп.

Итиэннэ улууска саахыматы дуобаты кытта тэҥҥэ тутан сайыннарыахха. Өрөспүүбүлүкэҕэ буолар күрэхтэҺиилэргэ актыыбынайдык кыттан иҺиэххэ. Оччоҕо эрэ  уопут уонна  оонньуур маастарыстыба үрдүөҕэ

 

Виталий Слепцов