Чурапчыга “Постников ааҕыылара” НПК үөрүүлээх арыллыыта буолла (Фоторепортаж)

Саха Сиригэр Чурапчы оройуонугар үүнэр көлүөнэни иитиигэ, саха тустуутун олимпийскай чыпчаалга таһаарбыт Улуу тренер Д.П. Коркин үлэтигэр сүҥкэн көмөлөөх, сабыдыаллаах Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, Арассыыйа физическэй культураҕа уонна успуорка үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Константин Сергеевич Постников сырдык кэриэһигэр III-с төгүлүн ыытыллар научнай-практическай конференция саҕаланна.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, педагогическай билим доктора, Чурапчытааҕы физкултуурунай үнүстүүт Бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев, ыспартыыбынай мусуой дириэктэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Михаил Друзьянов, интэринээт-оскуола дириэктэрэ Станислав Захаров, көҥүл тустууга Сойуус чөмпүйүөнэ, Дмитрий Коркин иитиллээччитэ Семен Морфунов, Дмитрий Коркин аатынан Сударыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ыспартыыбынай “Албан аат” мусуой дириэктэрэ Егор Пудов, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, оскуола-интэринээт выпускнига Прокопий Иванов, Дьокуускай куораттааҕы олимпийскай резервэ училищетын дириэктэрин үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччы Петр Протодьяконов, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала Людмила Винокурова, Константин Сергеевич төрөппүт кыыһа Саргылана Постникова кыттыыны ыллылар, көҥүл тустуу сайдыытыгар улахан өҥөлөөх сүҥкэн киһи туһунан иһирэх ахтыылары оҥордулар.

Научнай-практическай конференцияҕа барыта холбоон 30 тахса кыттааччы муһунна. Кинилэр мантан киэһэ алта бөлөххө хайдыһан үлэлиэхтэрэ.

“Бэйэм научнай үлэбэр сүүрүү туһунан кэпсиэхтээхпин. Салайааччым Акулина Николаевна Кузьмина буолар. Дакылааппытын нэдиэлэ курдук суруйбуппут, тиэзиспин бэйэм суруйбутум, презентация оҥорорбор учууталым күүскэ көмөлөспүтэ. Бэйэм сүүрүүнэн дьарыктаммытым үс сыл буолла, 200 миэтэрэ уһуҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолбутум, эстафетаҕа хамаанданан 3-с миэстэ буола сылдьыбыппыт. Олохпун успуорду кытары сибээстиир былааннаахпын”, — Үрэх Күөрэ учаастагыттан төрүттээх, интэринээт-оскуола 7 “б” кылааһын үөрэнээччитэ Айсена Илларионова санаатын үллэһиннэ.

ЫСПЫРААПКА

Константин Сергеевич Постников 1932 сыллаахха Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1948 сыллаахха Дьокуускай куорат 9-с №-дээх оскуолатын 7-с кылааһын, 1952 сыллаахха Чукрапчытааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ. 1975 сыллаахха Саха государственнай университетын историческай отделениетын бүтэрэн, история учууталын дипломун ылбыта.

1962-1968 сс. Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола иитээччитинэн, 1968-1984 сс. ыспартыыбынай оскуола уонна интэринээт-оскуола дириэктэринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 

Константин Сергеевич дириэктэр, салайааччы эрэ быһыытынан буолбакка, Дмитрий Петрович Коркинныын саха тустуутун Аан дойду таһымыгар таһаарбыт киһинэн буолар. Арассыыйа, ССРС элбэх куораттарынан оскуола оҕолорун араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, эрчиллэр түмсүүлэргэ илдьэ сылдьыбыт тириэньэр быһыытынан Сойуус араас өрөспүүбүлүкэлэрин сүрүн тириэньэрдэрин үксүлэрин кытары тэҥҥэ сылдьар, наада буоллаҕына, хамаандатын, оҕолорун туһугар туруулаһар тириэньэр быьыытынан билинэллэрэ. Хапкаас омуктарга Дарагой Костя, нууччаларга Уважаемый Константин Сергеевич диэн дэлэҕэ Улуу омуктар ааттаабатахтара буолуо.

Дириэктэрр, салайааччы быһыытынан оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэ саҥа кэрдиистэригэр таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу РСФСР, ССРС үөрэҕириитин үрдүкү салалталарын кытта быһаччы кэпсэтэр кыахтаах этэ. Үөрэтии-иитии саҥа ньымаларын киллэриигэ, педагогтар профессиональнай таһымнара үрдүүрүгэр, интэринээт-оскуола материальнай-тиэхэньическэй баазата бөҕөргүүрүгэр күнү-дьылы аахсыбакка, сынньанары билбэккэ үлэлээбитэ.

Константин Сергеевич үгүс сыратын үөрэнээччилэр личность быһыытынан сайдыыларыгар уурбута. Сүүһүнэн ыччаты олох киэҥ аартыгар киллэрсибитэ, сыыһа-халты да суолу тутуһуох оҕолору олоххо сүнньүлэрин булларбыта. Үлэһит да буолбут үөрэнээччилэри кытта үгүспүтүн кытта сибээһин быспат этэ. Араас хайысхалаах үлэлэргэ да сылдьар кэммитигэр өрүү билсэ, сүбэ-ама биэрэ сылдьар үтүөкэн аҕа табаарыспыт этэ.

Соҕуруу куораттарга күрэхтэһиигэ илдьэ сылдьарын быыһыгар киин куораттар бэлиэ, историческай сирдэригэр, музейдарга, пааматынньыктарга сырытыннаран, элбэҕи кэпсиирэ, билиһиннэрэрэ. Оҕолор улуу норуоттар устуоруйаларын, ураты култуураларын, үгэстэрин билэллэригэр кыһаллара. Дьону кытта сатаан кэпсэтии, тутта-хапта сылдьыы, оннооҕор остолобуойга, рестораҥҥа сылдьыы култууратыгар, этикатыгар үөрэтэрэ.

Дмитрий Коркин, Константин Постников бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр Саха тустууга оскуолата Аан дойдуга аата ааттаммыта. Планета араас омуктарын кэккэтигэр саха омук баарын тустуук уолаттарбыт биллэрбиттэрэ, нация быһыытынан киэн туттуубутун, дьонтон итэҕэһэ суох буоларбытын өрө көтөхпүттэрэ.

Кинилэр үлэлэрин туһунан элбэх сурукка үйэтитилиннэ. Ону барытын суруйбакка туран туран, аҕыйах ахсааннаах саха саха норуотуттан икки Олимпийскай чөмпүйүөнү Роман Дмитриевы, Павел Пинигины, Олимпиада үрүҥ көмүс призерун Александр Иванову Чурапчы ыспартыыбынай оскуолата успуорт саамай кылаан чыпчаалыгар – Олимпиадаҕа таһаарбытын бэлиэтээн ааһыахтаахпыт. Бу устата-туората биллибэт киэҥ Саха сириттэн, аар тайҕа быыһыгар сытар кыракый дэриэбинэлэртэн, тумара туундара муоратыгар турар булчут, табаһыт дьон олорор бөһүөлэктэриттэн талааннаах оҕолору Чурапчыга аҕалан, интернакка олохтоон, дьарыктаан, үөрэтэн таһаарбыт киһинэн Константин Постников буолар. Уонунан ааҕыллар Арассыыйа, ССРС чөмпүйүөннэрэ, элбэх Аан дойдутааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара, призердара иитиллэн тахсыбыттара. Кэлин үлэһит буолан норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, успуорка элбэх ахсааннаах үтүөлээх үлэһиттэр, учууталлар, тириэньэрдэр ситиһиилэригэр бу оскуола баспытааталлара, учууталлара, тириэньэрдэрэ тугунан да кэмнэммэт улахан кылааттаахтар. Олортон биир бастакынан иитээччи, тириэньэр, дириэктэр Константин Сергеевич аата чиэстээхтик ааттанар. Биир идэлээҕэ, доҕоро, элбэх сыл олохторун анаабыт тустууларыгар өйөһөн-өйдөһөн сылдьыбыт соратнига Дмитрий Петрович аатын үйэтитиигэ элбэх үлэни ыыппыта. Олорбут дьиэтиттэн саҕалаан мусуой тэрийэн, ол ситэри сайдан, кэҥээн, билигин Арассыыйаҕа тиийэ биллэр мусуой буолан турар.

Константин Сергеевич бу олохтон туораабытын кэннэ, икки төгүллээн эдэр ыччаттарга көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ турнира тэриллэ сылдьыбыта. Кэлин сайыннаран, норуоттар икки ардыларынааҕы да турнир буолуон сөбүн үрдүк трибунаттан эппиттэрэ. Ол турнир кэнники ыытылла илик.

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ