Хас биирдии Чурапчы улууһун олохтооҕун өйүгэр-санаатыгар 5318 сыыппара тугунан да суураллыбат гына курус устуоруйа өйдөбүлэ буолан сылдьар. Бу күн тус Хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ баран төрөөбүт дойдуларыгар, хатыҥ-чараҥ алаастарыгар эргиллэн кэлбэтэх хаарыан дьоммутун, биир дойдулаахтарбытын кэриэстиибит.

Икки сыллааҕыта, Көһөрүллүү сиэртибэтэ буолбут биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, Чурапчы улууһун нэһилиэктэриттэн көһөрүүгэ барбыт 41 колхуос пааматынньыктарыгар, кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт, үйэлэргэ кэриэстээн, ахтан-санаан, сүгүрүйэн туран дойдуларын сылаас буорун куппуттара.

Биһиги улууспутуттан уопсайа холбоон 41 колхуос күүс өттүнэн Хоту көһөрүүгэ барбыттара:
Алаҕартан: “Жданов” аатынан колхуостан – 139, “Чаачыгый” колхуостан – 177, “Ворошилов” колхуостан – 123, “Саҥа олох” колхуостан – 42.
Болтоҥоттон: “Кыһыл үүнүү” колхуостан – 54, “Куйбышев” колхуостан – 120, “Кыһыл сиэмэ” колхуостан – 153, “Кыым” колхуостан – 126.
Мэлдьэхситтэн: “Кыһыл сис” колхуостан – 113, “Ленин” колхуостан – 153.
Одьулуунтан: “Төҥүргэстээх” колхуостан — 80, “Орджоникидзе” колхуостан 235.
Сылаҥтан: “Кобайн” колхуостан – 229, “Чолбон” колхуостан — 33.
Төлөйтөн: “Төрүт” колхуостан — 189, “Олоххо киирии” колхуостан – 147, “Калинин” колхуостан – 165.
Хоптоҕоттон: “Андреев” колхуостан – 134.
Аччаҕартан: “Новгородов” колхуостан – 103, “Дьулурҕа” колхуостан — 87.
Бахсыттан: “Киров” колхуостан – 66, “Коминтерн” колхуостан – 178.
Белолюбскайтан: “Олоҕу тутуу” колхуостан – 132.
Мугудайтан: “Горькай” колхуостан – 198, “Октябрь 20 сыла” колхуостан – 198, “Дьэҥкэрэ” колхуостан 75.
Хайахсыттан: “Түмсүү” колхуостан – 142, “Социализм суола” колхуостан – 119, “Буденнай” колхуостан – 143.
Танда Бахсыттан: “Каганович” колхуостан – 59, “Кыһыл Танда” колхуостан 100.
Кытаанахтан: “Чкалов” колхуостан – 67, “Кыһыл иитиэх” колхуостан – 55, “Кыһыл сэрииһит” колхуостан – 83, “Ярославскай” колхуостан – 96, “Күүһү түмүү” колхуостан – 75.
Хадаартан: “Третий интернационал” колхуостан – 162, “Кыһыл кырыс” колхуостан – 156.
Хатылыттан: “Кыһыл толоон” колхуостан – 61, “Комсомол 15 сыла” колхуостан – 50, “Кыһыл армия” колхуостан – 46.


Көһөрүллүү мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэригэр-туомугар Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэстээтэлэ Яков Оконешников, “Чурапчы улууһа” МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, “Чурапчы нэһилиэгэ” МО баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Варвара Макарова, биир дойдулаахпыт, Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Альбина Поисеева, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, тыыл бэтэрээнэ Иван Лукин кыттыыны ыллылар.

“Төннөн кэлии, Кэбээйиттэн 1944 сыллаахха эрэ көҥүллэммитэ, Эдьигээнтэн – 1946 оттон Булуҥтан – 1947 сыллаахха бырабыыталыстыба эрэ көҥүлүнэн төннүбүттэрэ. Элбэх киһи ыалдьан, инбэлиит буолан, үгүс оҕо тулаайах хаалан детдомнарынан иитиллибиттэрэ. Бу булгунньах 2002, Хоту көһөрүү 60 сылыгар ананан аһыллыбыта. Ол дьыл, балаҕан ыйын 19 күнэ – Өйдөбүнньүк күнүнэн биллэриллэн турар. Ол онно тыл этэ туран бүгүн эмиэ өйдөөн кэллим, арай арҕаа диэкиттэн былыттар субуруһун тахсыбыттарын хаһан даҕаны, олоҕум тухары умнуом суоҕа. Биһиги ол былыттары бу дьоммут куттара салгынан бүгүн биһигини кытары бииргэ буолаары ыксаан кэлэн иһэллэр диэн бары санаабыппыт.

Бүгүн кимнээх эрэ дьоннорун хаартыскаларын илдьэ кэлбиттэр, баҕар биһиги эмиэ эһиил итинник дьоммут-сэргэбит хаартыскларын бука бары тутан кэлэн төгүрүччү турдахпытына төһөлөөх долгутуулаах , төһөлөөх үөрүүлээх буолуох этэй?! Толкудаан көрүҥ, бука баһаалыста!” – диэн Альбина Иннокентьевна бэйэтин тылыгар эттэ.

83 сыл анараа өттүгэр улахан эрэйи олохторугар көрсүбүт, көһөрүү ыар эрэйин, кыһалҕатын көхсүлэригэр сүксүбүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа!
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ



