Сахалар былыр-былыргыттан уолга суолта биэрэллэрэ. Уол оҕо орто дойдуга олох олороору, удьуорун ууһатаары кэлэр. Кыра сааһыттан сирдээҕи аналын истэ, сэрэйэ, билэ улаатар. Өйүн-санаатын туттаҕына – ырытан, ырыҥалаан барара, толкуйу тобулан таһаарара элбээн иһэр.
Кулун тутар 26-28 күннэригэр сылын ахсын ыытыллар “Тумус-кыһа” Ресурснай киин иһинэн үлэлиир, “Эр хоһуун” уол оҕону иитэр сааскы оскуола Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын баазатыгар үлэлээтэ.
Барыта холбоон 16 үөрэнээччи Чурапчы улууһун Болугур, Хатылы нэһилиэктэриттэн, Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыттан, Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан, Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыттан уонна Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатыттан дьарыктаннылар.
““Эр хоһуун” оскуола үлэтигэр, кэлэктиип эр дьоно бары кэриэтэ кыттыыны ылан үлэлэстилэр. Оҕолор бу үс күн устата арааһынай тэрээһиннэргэ сырыттылар. Бастакы күммүтүгэр психологическай киин психологтара Виктория Борисова уонна Юлия Собакина оҕолорго олус интэриэһинэй тренинг ыытаннар, уолаттар бэйэ-бэйэлэрин кытары тута билсиһэннэр ыкса доҕордостулар.
Иккис күммүтүгэр Чурапчытааҕы Ис дьыала министиэрстибэтин отделыгар сырыттыбыт, онно полиция үлэһиттэрэ Петр Монастырев уонна Кэскил Сивцева уопсастыбаннай бэрээдэги көрүү үлэтин туһунан уонна хайдах полиция сотруднига буолуохха сөбүн туһунан сэһэргээтилэр.
Онтон салҕыы СӨ бастакы Ил Дархана Егор Борисов аатынан киин бибилэтиэкэ-архыыбы көрдүбүт уонна олоҥхо иһиттибит. Күн иккис аҥарыгар Илья Теплоухов сылгыларын тутар хааччаҕар тиийэн Дьөһөгөй оҕолорун хайдах иитэрин иһиттибит, билистибит.
Үһүс күммүтүгэр гимназия аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Спартак Васильевич быһаччы өйөбүлүнэн Хадаар нэһилиэгин Үрүҥ күөл эбэтигэр куйуурдаан, астынан, сэргэхсийэн кэллибит. Аҕа түмсүүтүн көхтөөх чилиэттэрэ Андрей Собакин уонна Иван Поисеев оҕолору кытары бииргэ сылдьан куйуурдааһын уопсай хаамыытын кэпсээн, быһааран, көрдөрөн биэрдилэр.
Үс күн устата уолаттар арааһынай тургутууну ааһаннар күрэхтэстилэр, түмүккэ икки хамаанда тэҥ очукуону ыланнар тэҥнэһии таҕыста. Үөрэнээччилэр бу үс кун устата ылбыт билиилэрин олохторун устатын тухары туһаныахтара диэн эрэнэбин. Түгэнинэн туһанан, бу сааскы оскуола үлэтигэр үлэспит бары кэллиэгэлэрбитигэр, төрөппүттэрбитигэр улаханнык махтанабыт”, — диэн “Эр хоһуун” сааскы оскуола үлэтин координатора, гимназия устуоруйаҕа учуутала Иван Терентьевич Пономарев санаатын үллэһиннэ.
Инникитин, сааскы оскуола үс эрэ күнүнэн муҥурдаммакка, сыл устата хас даҕаны түһүмэҕинэн наарданан, хабар иэнэ кэҥээн иһэригэр баҕарыаҕын. Уол оҕону иитиигэ дьоһуннаах дьыала үтүө түмүктэрдээх буоллун.
Сэмэн Жендринскэй