Чурапчыга эдэр дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт форум ыытылынна

Олунньу 20 күнүгэр «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр улуус салалтатын уонна саха тылын учууталларын түмсүүтүн тэрийиилэринэн төрүт тылбыт инники кэскилин, сайдар саҕахтарын, сахабыт тылын өлбөт үөстүүр аныгылыы ньымалары ырытыһар аналлаах эдэр дьиэ кэргэттэргэ туһуламмыт дьоһун тэрээһин буолан ааста. Билигин оҕо кыра сааһыттан араас тиэхиньикэҕэ, гаджетка убанан, ыал аайы эт тылынан күннээҕи кэпсэтии аҕыйаан, үүнэр көлүөнэбит нууччалыы, ардыгар икки да тылы булкуйан саҥарара кистэл буолбатах. Биллэн турар, бу дьиэ кэргэн иитиититтэн, манна олохтоммут эйгэттэн эмиэ улахан тутулуктаах.

«Тыл-омук тыына»форум кыттыылаахтара үс түһүлгэҕэ араҕыстылар.

«Куорат эйгэтигэр оҕону сахалыы иитии ньымалара» түһүлгэҕэ Дьокуускайтан элбэх оҕолоох Мария, Платон Саввиновтар бэйэлэрин уопуттарын үллэһиннилэр. Кинилэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн сахалыы оонньуурдарынан аралдьыталлар, үөрэтэллэр, оонньотоллор эбит. Араас матырыйааллартан сакаастаан оҥоттороллор эбэтэр бэйэлэрэ оҥороллор. Холобур, валяние ньыматынан уонна мастан оҥоһуллубут олоҥхо дьоруойдара, кумааҕыттан, мастан хомулуктар онтон да атын көрүөхтэн эриэккэс оҥоһуктары мустубут дьон бары интэриэһиргээтилэр.

«Оҕо ис дьоҕурун сайыннарыы» түһүлгэҕэ «Сахаконгресс» уопсастыбаннай түмсүү чилиэнэ Алла Ноговицына модератордаата. Кини биэс уол оҕолоох улахан ыал ийэтэ буоларын быһыытынан бэйэтин дьиэ кэргэнигэр, оҕо дьоҕурун хайдах таба көрөн, туох көмөтүнэн сайыннарарга дьулуһарын, ханнык туһалаах сыһыарыылар, ньымалар баалларын сэһэргээтэ, дьон-сэргэ ыйытыытыгар хоруйдаата.

«Нуучча эйгэтигэр оҕону сахалыы иитии. Күннэри тиэмэлэргэ арааран оҕо саҥатын сайыннарыы» түһүлгэҕэ Томпо оройуонун норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Ирина Бодруг санаатын үллэһиннэ, бэйэтин дьиэ кэргэнин иһигэр хаһыс да сылын үтүө түмүктээхтик туттар ньыматын билиһиннэрдэ: «Биһиги ыал Хаандыгаҕа көһөн кэлэн олохсуйбуппут син балайда буолла. Бары да билэргит, истэргит буолуо, манна биһигини тулалыыр эйгэбит барыта нууччалыы. Сахалыы тыллаах уһуйаан суох, оскуолаларга саха кылааһа диэн баар эрээри төрүт тылга анаммыт нэдиэлэҕэ баара-суоҕа икки эрэ чаас баар. Ол иһин кэргэмминээн хайдах гынан оҕолорбутугар сахалыы эйгэни тэрийэбит уонна төрүт тылларын иҥэрэбит диэн толкуйга түспүппүт. Онтон улам-улам дьиэ кэргэммитигэр туһалаах үөрүйэхтэри иҥэрэр ньымалары киллэрэммит бу кыра дьиэ иһинээҕи бырайыакпыт тобуллан, олоххо киирбитэ, 2021 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ эдэр дьиэ кэргэн куонкуруһугар бастаабыппыт. Нэдиэлэ хас биирдии күнүгэр суолта биэрэн дьарыктанабыт: спорт, үлэ, ас астааһын, гаджета суох, киинэ көрүү, саха тылын күннэрэ диэн араарабыт. Холобур, гаджета суох күҥҥэ бука бары телефоннарбытын ууран кэбиһэбит, илиибитигэр ылбаппыт, саха күнүгэр биир да нууччалыы, омуктуу тылы кыбыппакка ыраастык саҥарабыт уо.д.а. Оҕолорбутун бэйэлэрин эрэ модьуйбакка, кинилэртэн эрэ ирдээбэккэ барытыгар дьиэ кэргэнинэн кыттабыт, онон билиҥҥи кэмҥэ уолаттарбыт номнуо үөрэнэн бары бииргэ ас астыыр, спордунан дьарыктанар, киинэ көрөр, тыл өттүгэр тугу эрэ саҥаны билэр күннэрбитин күүтэллэр, номнуо үөрүйэх оҥостон көтүппэккэ тутуһабыт.»

Форум сүрүн мунньаҕын саҕаланыытыгар улууспут Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев эҕэрдэ тылын эттэ. Мунньаҕы улуус баһьылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мария Кронникова иилээн-саҕалаан ыытта. Ытык-мааны ыалдьыттарбыт саха төрүт үгэстэрин үөрэтэр, тэнитэр, «Айыы кыһата» национальнай гимназия төрүт култуураҕа учуутала А.Н.Павлов-Дабыл, Саха бикипиэдьийэтин төрүттээччи Н.Н.Павлов-Халан, «Түмэн» ыччат түмсүүтүн салайааччыта, өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин иитээччитэ С.А.Заровняева, «Эмтээх от «Чурапчы» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта, «Саха тускула», «S.A.A.S.» түмсүүлэр чилиэннэрэ В.Е.Маркова, «Күн» оҕо хамсааһынын чилиэннэрэ итиэннэ форум кыттыылаахтара, лектордара бука бары санааларын үллэһиннилэр, кэскиллээх кэпсэтиилэри ыыттылар. Эдэр дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах форум сахалыы оһуохайынан түмүктэннэ.

Наталья Сибирякова