Чурапчытааҕы түмэлгэ «Саха литературатын эйгэтэ: Дьуон Дьаҥылы уонна Сэмэн Тумат» быыстапка турда.
Быыстапка биир дойдулаахтарбытыгар — поэт, тылбаасчыт, фронтовик-суруйааччы Гавриил Иванович Макаров — Дьуон Дьаҥылы төрөөбүтэ 110 сылыгар уонна Саха норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Андреевич Попов — Сэмэн Тумат 80 сааһыгар ананна.
Литературанай тэрээһиҥҥэ айар куттаах дьон, Болтоҥо нэһилиэгин баһылыга, кыраайы үөрэтээччилэр, мусуой уонна библиотека үлэһиттэрэ кытыннылар.
Болтоҥоттон төрүттээх икки чулуу дьоммут олохторун уонна айар үлэлэрин туһунан сиһилии сырдаттылар. Семен Андреевич суруйааччы, кириитик быһыытынан Дьуон Дьаҥылы олоҕун үөрэтэн, поэзиятын чинчийэн, киниэхэ анаан кинигэлэри, үгүс суруйуулары, ыстатыйалары таһаартарбыт.
«Быыстапкаҕа архыып докумуоннар, суруйааччылар рукопистара турдулар. Бу үгүс матырыйаалы Семен Андреевич киччэлээхтик илдьэ сылдьан, өр сылларга балачча үөрэтэн, чинчийэн кэлбит. Ону Дьуон Дьаҥылы туһунан кинигэтин таһаарарыгар туһаммыт. Маны таһынан кини Александр Пушкин «Евгений Онегин» айымньытын сахалыы тылбааһа хас да төгүл бэчээттэнэн тахсыытыгар үлэлэспит киһи буолар. Семен Адреевич Чурапчы түмэлин архыыбыгар, пуондатыгар Дьуон Дьаҥылы «Евгений Онегин» айымньыны тылбастаабыт рукопистарын бэлэхтээбитэ. Киниэхэ махталбыт улахан. Арассыыйа уонна сойуус суруйааччыларын биһирэбилин ылбыт айымньыны бэйэбит тылбытынан баара сүрэхпитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар сөптөөхтүк иҥэринэбит. Бу улуу Пушкин романын сахалыы саҥардыы олус улахан үлэттэн тахсар. Ону биһиги сүдү талааннаах поэппыт, тылбаасчыппыт Дьуон Дьаҥалы оҥорбутунан киэн туттабыт», — диэн мусуой дириэктэрэ Афанасий Захаров бэлиэтээтэ.
Маны таһынан быыстапкаҕа Дьуон Дьаҥылы үлэлээбит остуола, суруйарыгар туттубут нобуора, киниэхэ биир дойдулаахтара бэлэхтээбит «Саһыл ойуун» хартыыната турдулар. Ону сэргэ Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэ Сэмэн Тумат кинигэлэрин дьон көрүүтүгэр туруоран, быыстапканы ситэрэн биэрдэ.
Үөрүүлээх чааска суруйааччылар Сэмэн Тумат уонна Дьуон Дьаҥылы хоһооннорун «Тыыннаах тыл» уус-уран ааҕыы түмсүүтэ доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр.
Ити курдук, икки сүдү суруйааччыларбыт үбүлүөйдээх бэлиэ күннэринэн маннык тэрээһиннэр ыытыллан, кинилэр үтүө ааттара үйэтитиллэллэр.
Марфа Петрова.