Чурапчы улууһуттан Новгородовтар “Тапталлаах чугас дьонум” Арассыыйатааҕы пуорум кэмигэр Владимир Путины кытары көрүстүлэр

Тохсунньу 19-23 күннэригэр Москуба куоракка “Арассыыйа” норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка-пуорум иитинэн “Тапталлаах чугас дьонум” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы дьиэ кэргэн пуорума буолла. ВДНХ-ҕа Арассыыйа 89 эрэгийиэниттэн сүүстэн тахса ыал муһунна.

Саха сирин аатыттан пуорумҥа Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгиттэн элбэх оҕолоох Новгородовтар кыттыыны ыллылар. Кинилэр пуорумҥа 12 буолан тиийдилэр: кэргэннии Аял уонна Валентина, кинилэр сэттэ оҕолоро, сиэттэрэ, эбэлэрэ уонна күтүөттэрэ.

“Биһиги дьиэ кэргэнинэн, пуорум арыллыаҕыттан сылдьабыт. ВДНХ-ҕа туруоруллубут быыстапканы барытын улаханнык сэргии көрдүбүт. 75 павильоҥҥа, кэлбит ыалдьыттарга сахабыт төрүт үгэһин көрдөрөн алгыс сиэрин-туомун ыыттыбыт, салама баайан оһуохайдаатыбыт. Пуорумҥа үлүһүйэн туран төһө кыалларынан элбэх маастар кылаастарга, лекцияларга сылдьа сатыыбыт. Олус интэриэһинэй, баай бырагырааммалаах тэрээһиннэр буоллулар. Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын арыллыытын улаханнык долгуйа көрдүбүт”, — диэн улахан дьиэ кэргэн Аҕа баһылыга Аял Новгородов кэпсээтэ.

Валентиналаах Аял Дириҥнээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатыгар үлэлииллэр. Кинилэр оҕолорун кытта араас хабааннаах күрэхтэһиилэргэ, бэстибээллэргэ куруук көхтөөхтүк кытталлар. Новгородовтар РФ Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан “Төрөппүккэ албан аат” уордьанынан уонна “Ийэҕэ албан аат”, “СӨ Дьиэ кэргэн бэлиитикэтин сайыннарыыга кылааттарын иһин” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыттара. Ол да иһин буолуо, пуорум кэмигэр кинилэри Дойду баһылыга Владимир Владимирович көрсөн кэпсэттэ.

Бу пуорум Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылын бастакы официальнай тэрээһининэн буолла. Дьиэ кэргэн сыла саҕаламмытын пуорум бүтэһик күнүгэр, тохсунньу 23 күнүгэр биллэрдилэр.

Сэмэн Жендринскэй