Чурапчы улууһун уонна нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун Сергей Старостины 95 сааһынан эҕэрдэлээтилэр

Чурапчы улууһун, Чурапчы нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, педагогическэй үлэ ветерана Сергей Григорьевич Старостин бу күннэргэ үбүлүөйдээх 95 сааһын дьонун-сэргэтин ортотугар көрүстэ.

Сергей Григорьевич Одьулуун Хондутуттан төрүттээх. Аҕата Григорий Федорович Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын биригэдьииринэн 11 сыл айаннаабыта. Ийэтэ Дария Александровна Монастырева Түөйэттэн төрүттээх, эдэр сааһыгар сэрии иннинэ өлбүтэ.

Сергей Григорьевич идэтинэн нуучча тылын уонна литературатын учуутала, биир дойдулааҕа суруйааччы Даланныын СГУ бастакы выпускниктара.

Үлэтин хоту Аллайыаха сириттэн саҕалаабыта. Ол кэннэ дойдутугар кэлэн, Уорҕа, Мындаҕаайы, Мугудай, Дириҥ, оскуола – интэринээт,  ЧВШ-2 (восьмилетка)  оскуолаларыгар оҕолору улуу нуучча тылыгар уонна литературатыгар уһуйбута. Пенсияҕа тахсан баран, олохтоох библиотекаҕа үлэлээбитэ.

Кэргэнэ Екатерина Семеновна Лукиналыын, кыыһынаан Анна Сергеевналыын кыһынын куоракка кыстыыллар. Уоллара Владимир кэргэннээх, 2 уол оҕолоох.

Сергей Григорьевиһы Дьокуускайга олорор, Чурапчы улууһун уонна нэһилиэк землячестволарын бэрэссэдээтэллэрэ, Ил түмэн депутата Дмитрий Поисеев уонна Василий Рязанскай дьиэтигэр тиийэн, дьоһун-мааны, ытык сааһынан истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэ суруктарын, бэлэхтэри туттардылар.

Нэһилиэкпит Бочуоттаах олохтооҕун, олохтоох «Саҥа Олох» хаһыат общественнай корреспонденын, ытык-мааны киһибитин Сергей Григорьевич Старостины Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын, депутаттарын, общественнай түмсүүлэрин, бүтүн дьонун-сэргэтин ааттарыттан үбүлүөйдээх 95 сааһынан истиҥник эҕэрдэлиибит!

Эн нэһилиэк социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылааккын үрдүктүк сыаналыыбыт, махтанабыт. Эйиэхэ баҕарабыт бары үтүөнү-кэрэни, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну.

 

«Чурапчы нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата