Күндү Чурапчым улууһун олохтоохторо!
Эһигини саргылаах Саҥа дьылынан — 2025 сылынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Хас ааһар сыл олохпутугар умнуллубат бэлиэ түгэннэри бэлэхтиир. Тапталлаах төрөөбүт дойдубут дьоно-сэргэтэ бигэ туруктаах, тупсаҕай олохтоох-дьаһахтаах буолалларын туһугар үгүс үлэни үмүрүтэн, элбэҕи ситиһэн, инникибитин торумнаан, кэскиллээх соруктары туруоран, саҥа сылга үктэнэн эрэбит.
Кэнники сылларга дойдуга төһө даҕаны байыаннай дьайыы уустук усулуобуйата олохтоннор, сайдыы хаамыыта тохтоон хаалбакка, социальнай суолталаах үгүс эбийиэк тутулунна, саҥа олорор дьиэлэр дьэндэйдилэр, суоллар оҥоһуллаллар, күөх төлөн киирэр, дьон уйгутун улаатыннарар хамсааһыннар бараллар. Ол — биһиги дойдубут, эрэгийиэммит уустуктарга бэриммэт модун кыахтааҕын көрдөрөр. “Чурапчы күүһэ – түмсүүгэ” диэн куруутун этэр кынат тыллаахпыт. Ол курдук эһиги хас биирдиигит уопсастыбаннай үлэҕэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөнү оҥорууга туора турбакка, көмөлөһөн кэлбиккитигэр дириҥник махтанабын.
2024 сылы Ыал саргытын сылынан биллэрэн, бу тула үтүө түмүктэрдээх үгүс үлэ ыытылынна. Кэлэр сылга Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өрөгөйдөөх Кыайыы 80 сылын киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтиэхпит. Дойдуларын иннигэр, кыайыы туһугар олохторун толук уурбут ытыктабыллаах дьоммут уонна билиҥҥи киирсиилэр кыттыылаахтарын сырдык ааттарын, килбиэннээх олохторун үйэтитээри, 2025 сылы улууспутугар Үйэлээх килбиэн сылынан биллэрдибит.
Саҥа сылга саҥа соруктардаах, сырдык эрэллээх үктэниэҕиҥ. Баҕа санаалар, толкуйдар туолалларын туһугар тутуспутунан турунуоҕуҥ! 2025 сыл или-эйэни, этэҥҥэ буолууну, эһиги дьиэҕитигэр толору дьолу аҕаллын! Саҥа дьылынан! Саҥа дьолунан!
Степан Саргыдаев, улуус баһылыга



