Ааспыт сылларга Прокопий Сокольников аатынан Чурапчы киин балыыһатыгар Артем Михайлович Ксенофонтов диэн дьоһуннаах быраас кэлэн үлэлээн, элбэх саҥа сүүрээни киллэрэн ааспыта. Дьон-сэргэ, тэрилтэ салайааччылара кинини үтүө тылынан эрэ ахталлар. Төһө даҕаны билигин Дьокуускай куоракка үлэлии-хамсыы сырыттар, Чурапчытын улууһун ахтыбат күнэ диэн суох, сибээһи мэлдьи тутар.
Артем Михайлович, Чурапчы улууһугар аан майҥнай кылаабынай бырааһынан ананан кэлээт, Билии күнүгэр итиэннэ Саҥа дьыл дьиктилээх бырааһынньыктарыгар кырачаан, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго бэлэхтэри туттарар дьоһуннаах үгэһи олохтообута. Маннык дьылҕаламмыт, кыһалҕалаах дьиэ кэргэн оҕолоругар бу да сырыыга үөрүү кыыма сыдьаайда.Ол курдук, Чакыр нэһилиэгэр Айсен Егоровка,
Бахсы нэһилиэгэр Кэрэл Тарабукинаҕа,
Ян Григорьевка
уонна Аир Петровка
планшеттары бэлэх оҥорон ыыппытын бэҕэһээ, Чурапчытааҕы социальнай харалта управлениетын үлэһиттэрэ дьиэлэригэр тиийэннэр тиксэрдилэр.
“Түгэнинэн туһанан, Артем Михайловиһы үүнэн иһэр 2024 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, ис сүрэхпититтэн махтанабыт, олустук ытыктыыбыт, убаастыыбыт. Олус үчүгэйдик бииргэ үлэлээн ааспыппыт, биһиэхэ өйөбүлэ, көмөтө баһаам. Кырачаан оҕолор дьиэлэригэр сырдык киирдэ, дьиэ кэргэн үөрүүтэ үксээтэ. Үтүө дьыаланы оҥорор киһи ис санаата хайдаҕын, болҕомтолоох сыһыанынын, дойдуга бэриниилээх буолууну көрдөрөр. Бүгүн эбии өссө биир кырачаан оҕоҕо бэлэҕин тиксэриэхтээхпит”, — диэн Чурапчытааҕы социальнай харалта управлениетын начаалынньыга Лидия Тосукаева эттэ.
Санатан эттэххэ, Артем Ксенофонтов 2022 сыл олунньу ыйыттан саҕалаан, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн Аартыка улуустарыгар анаммыт бастааҥҥы специализированнай медицинскэй көмө эмчиттэр мобильнай биригээдэлэрин (РЦМБ) салайааччытынан ананан олус таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Сэмэн Жендринскэй