Чурапчы хаһыатын эрэдээксийэтин тутаах үлэһитэ-Аксиния Лыткина

Алтынньы 15 күнэ –  улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыат тэриллибит күнэ. Быйыл хаһыаппыт 92 сыла туолла. Онон сиэттэрэн уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Үлэ сылынан сибээстээн, биһиги эрэдээксийэбитигэр быйыл 33-с сылын үлэлии сылдьар биир саамай тутаах үлэһиппитин СӨ бэчээккэ туйгунун Аксинья Семеновна Лыткина туһунан сырдатарга сананныбыт. Кини – биһиги кэлэктииппитигэр биир уопуттаах, үлэ бары хайысхатыгар  дэгиттэр сатабыллаах, ханнык баҕарар типография отделын уонна хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарсыыга сүүрэн кэлэн сүбэлэтэр  киһибит.

OLYMPUS DIGITAL CAMERA

Аксинья Семеновна   Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ол эрээри  оҕо сааһыгар тулаайах хаалан, Дириҥнээҕи оҕо дьиэтигэр кэлэн иитиллибит кэмнэрдээҕэ. Онон Чурапчыны иккис төрөөбүт дойдутун курдук ылынар. Кэлин оскуоланы  Нам Хатыҥ Арыытыгар  бүтэрэн, “Оскуола-производство-үрдүк үөрэх” девиһинэн дойдутугар  9 сыл сопхуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Онно сырыттаҕына,  биригэдьииринэн үлэлии сылдьар Елизавета Евстафьева : “Эдэр сааскар сиргин-уоккун уларытан, ханна эмэ баран үлэлээ, баҕар, дьолгун булуоҥ” , — диэн, кини сүбэтинэн, оҕо сааһа ааспыт, үгүс дьүөгэлэрэ олохсуйан олорор сирдэригэр  Чурапчыга кэлбитэ. Кэлээт, Чурапчы орто оскуолатыгар техүлэһитинэн киирбитэ. Онно үлэлии сылдьан детдомҥа бииргэ иитиллибит уолун Константин Лыткины көрсөн,  ыал буолбуттара, икки оҕоломмуттара. Тыа ыалын сиэринэн, Мурун Тыымпыйаҕа  уһаайба ылан, дьиэ-уот туттан олохсуйбуттара.

 

Аксинья Семеновна улуустааҕы типографияҕа үлэлии кэлбитин бу баардыы өйдүүр.Ол хайдах этэй? Мантан салгыы кинини кытта сэһэргэһиибитин сэргээҥ.

  • Мин бу 30-тан тахса сыл үлэлээбит тэрилтэбэр 1990 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүгэр тех үлэһитинэн киирбитим. Оччолорго  эрэдээктэринэн Петр Иннокентьевич Попов, Типография дириэктэринэн Петр Михайлович Массаев үлэлииллэрэ. Үлэ кэпсэтэ кэлбиппэр, Петр Михайлович: “Эдэр эбиккин. Оҕоломмот эрэ буоллаххына, үлэҕэ ылабын”, — диэн оонньуу-күлэ “усулуобуйатын” билиһиннэрбитэ. Оннук үлэҕэ киирэн, “ирдэнэр усулуобуйаны тутуһан”, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьабын.

Урукку салалта сатабыллаах, туруу үлэһити бэлиэтии көрөн, кинини эрэнэн, анал идэни баһылаабатаргын да, кыайыа, сатыа диэбит  үлэтигэр аныан сөп. Аксинья Семеновна, эн техүлэһитинэн сыл кэриҥэ үлэлээн баран,   ручной наборщигынан анаммыт эбиккин.

  • Биир сыл үлэлээт, ручной наборщигынан анаабыттара. Онтон  аҕыйах кэминэн хаһыаты таҥан оҥорооччу дуоһунаһыгар көһөрбүттэрэ. Урут хаһыат нэдиэлэҕэ үстэ 3-4 тыһыынча ахсаанынан тахсара. Билиҥҥи курдук көмпүүтэр диэн суоҕа. Биир-биир шрифтэри талан, ону сааһылаан, наардаан, көннөрөн, балаһаларбыт тахсаллара. Билигин санаатахха, олус бириинчик, уустук үлэ эбит. Хаһыаппытын таһаараары, сорох ардыгар түүнү быһа үлэлиирбит. Сарсыарда бүтэрэн дьиэлиирбит. Онно аҕыйах чаас сынньанаат,  хаһыаппыт кэлэр нүөмэрин таһаараары, эмиэ тэрилтэбитигэр кэлэрбит. Бары да эйэ-дэмнээхтик, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөн олус тапсан үлэлиирбит.  Бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбин Светлана Павловна Монастыреваны, Татьяна Петровна Смирникованы, Мария Семеновна Саввинаны, Анастасия Михайловна Сивцеваны, Светлана Ивановна Семенованы, о.д.а. эрэдээксийэбит, типографиябыт туруу үлэһиттэрин  истиҥник саныыбын. Эдэрбит бэрт буолан,  сылайары умнан туран, кыайа-хото үлэлээтэхпит.

Хаһыат көмпүүтэргэ  бэлэмнэнэр буолуоҕуттан полиграфическай отделга көһөн, кинигэ таҥыытыгар, тастааһыныгар, сакаас быһыытынан үлэҕэ-хамнаска туттуллар анал сурунааллары, былааҥкалары бэчээттээһиҥҥэ көһөн,  күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиибин.

  • Бииргэ үлэлиир кэллиэгэм буоларыҥ быһыытынан, үлэҕин-хамнаскын көрө сылдьабын. Дьэ, түбүктээх үлэлээх киһигин. Эн үлэлиир хоскор киирдэххэ, куруутун кумааҕылары, хордуоннары кээмэйэдээн быһа-ото, килиэйдии, ааҕа-суоттуу, анал станокка суруктары түһэрэ сылдьар буолаҕын. Арыт үөһээ этээскэ таҕыстахха, кинигэлэри, былааҥкалары бэчээттээн, массыына тыаһа биир кэм куугунаан олорор буолар. Сөҕөбүн эрэ. Күннээҕи үлэттэн салҕан, сылаарҕаан ылар түгэннээҕиҥ буолуо?
  • Киһи буолан баран оннук санаан ылааччыбын эрээри, биир кэм дьиэҕэ олорор салгымтыалаах. Онон тэрилтэбэр кэлэн үлэлээн барарбын сөбүлүүр идэм, хоббим курдук ылынабын. Оннооҕор, сорох ардыгар, былааннаабыт үлэбин ситэрбэтэхпинэ, сакааһым наһаа элбэх буоллаҕына, дьиэбэр илдьэн түүннэри олорон, оҥорон бүтэрээччибин. Сорукпун толордохпуна, астыныы, дуоһуйуу кэлэр.
  • Ааҕааччыларбытыгар дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ.
  • Кэргэмминиин олорбут уһаайбабар кыыһым Лидиялааҕы кытта ыаллыы олоробут. Сиэннэрим киирэ-тахса сэргэхситэллэр. Үс сиэннээхпин. Кинилэргэ көмөлөһөн, күннээҕи түбүктэригэр сүбэ-ама, көмө-ньыма буолабын. Оҕуруот аһын  олордуһан, сибэкки арааһын үүннэрэн ону көрөбүт-истэбит. Дьахтар киһи сиэринэн, судургутук иистэнэбин. Бэйэбэр  уонна сиэннэрбэр ол-бу күннээҕи  таҥастары тигэбин.

Эрэдээксийэҕэ үлэлии сылдьан чаҕылхайдык өйдөөн хаалбыт түгэҥҥиттэн кэпсээ эрэ.

  • Эргэ эрэдээксийэ дьиэтин оччотооҕу көлүөнэ дьон өйдүүр буолуохтаах. Олус үрдүк этэ, арааһа 3 миэтэрэ баара буолуо. Биир күн дириэктэрбит Петр Михайлович Массаев хаһыаппыт үбүлүөйүн көрсө, тэрилтэбит дьиэтин истиэнэтин, үрдүн эбии хамнас суотугар кырааскалыыр баҕалаах ким баарын туоһуласта. Онуоха мин сөбүлэстим. Дьэ, доҕоор, мин курдук кыра киһиэхэ уустук үлэ буолан биэрдэ. Станок үрдүгэр олоппос ууран дьиэм өһүөтүгэр тиийэбин. Бастакы күннэргэ сырам-харам барда. Сорох ардыгар кэргэним кэлэн көмөлөһөр. Аны кырааска таммалыыра биир накаас. Ол да буоллар, сыыйа уопутуран, ылыммыт үлэбин син тиһэҕэр тиэрдэн, болдьоммут кэмигэр түмүктээн туттарбытым. Оччолорго хамнаспыт ыйы-ыйдаан кэлбэт түгэннэрдээҕэ. Онон хамнаһым суотугар кулгаахтаах саһыл бэргэһэ биэрбиттэрэ. Оччолорго ол күндү таҥас буоллаҕа.

Аны эмиэ биир сыл, эрэдээксийэбит үбүлүөйүгэр, дириэктэрбит Петр Михайлович Массаев Чурапчытааҕы Промкэмбинээти кытта дуогабардаһан, хас биирдии үлэһитигэр кухоннай миэбэллэри түҥэппитэ. Түөрт олоппостоох, остуоллаах, ыскааптардаах этэ. Оо, онно наһаа да үөрбүппүт! Билигин ол миэбэллэрим бааллар, күндүтүк санаан, дьиэм мааны мала буолан тураллар.

  • Аксинья Семеновна, биир тэрилтэҕэ өр кэмнэргэ үлэлээһин салҕымтыалаах дииллэр, үөрэхтээхтэр быһааралларынан, 5-тии сыл буола-буола, тэрилтэҕин, идэҕин уларытыахтааххын диэн баар.
  • Сөбүлүүр, санааҥ сытар үлэҥ – эн олоххор улахан оруоллаах. Онно эбии, салайааччыларгыттан, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргиттэн быһаччы тутулуктаах. Мин үлэлиир кэмнэрбэр Петр Михайлович Массаев, Петр Иннокентьевич Попов, Мария Николаевна Сидорова, Гаврил Гаврильевич Попов, Афанасий Афанасьевич Захаров үтүөкэннээх дириэктэрдэр үлэлээн-хамсаан аастылар. Билигин кэлэкттиби эдэр дириэктэр Людмила Вдадимировна Горохова салайар. Онон, мин санаабар, сөбүлүүр үлэҥ, салалтаҕын, кэлэктиипкин кытта тапсыы – туһунан дьол.
  • Аксинья Семеновна, сэһэргэһииҥ иһин махтанабын. Өссө да биһиэхэ сүбэ-ама буолан, эдэрдии эрчимҥин ыһыктыбакка, үлэ, олох оргуйар үөһүгэр сырыт. Тус олоххор, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.  

Кэллиэгэм Аксинья Семеновна туһунан ситэрэн эттэххэ, кини  түргэн-тарҕан, дьып-дьап  туттунуулаах, барытын кэмигэр оҥоро, ситэрэ  сылдьааччы. Туох-эмэ ыксаллаах көрдөһүүгүн быһа гыммакка, сууххайдык толорбута эрэ баар буолар. Бары ыытыллар дьаһалларга, уопсастыбаннай үлэлэргэ саамай көхтөөх киһибит. Кини тэтимнээх муусукаҕа имигэс-имигэстик үҥкүүлээн тэйдэҕинэ, куоһарааччы аҕыйах буолуо. Бииргэ үлэлиир кэлэктиип кинини эдьиий курдук саныыр истиҥ дьүөгэбит, эрэллээх кэллиэгэбит быһыытынан ылынабыт.

  Анна Захарова