Чурапчы гимназиятын үөрэнээччилэрэ үрдүккэ кынаттыыр дьоһуннаах күрэс кыайыылаахтара

Алтынньы 9-18 күннэригэр XVIII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу» уолан ааҕыылара олус тэрээһиннээхтик,  дириҥ ис хоһоонноохтук буолан ааста. Саха уола сайдарын, төрөөбүт тылынан иитиллэрин туһугар уон аҕыс сыл устата (эттэххэ дөбөҥ), тэппит атаҕын кубулуппакка, ис сүрэҕиттэн  ийэлии истиҥник бүөбэйдээн, иилээн-саҕалаан  илдьэ кэлбит  Дмитрий Петрович Коркин аатынан Чурапчы өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэлэри бэлэмниир ыспартыыбынай  интэринээт оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, «Уолан ааҕыылара» бырайыак  ааптара, салайааччыта Акулина Николаевна Кузьминаҕа ис сүрэхпититтэн  Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын хоһоонньут уолаттарын, салайааччыларын, төрөппүттэрин аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Сыл аайы бу тэрээһин ис хоһооно улам дириҥээн, хабар иэнэ кэҥээн иһэрэ олус хайҕаллаах. Быйыл оҕолорбут “Бэс чагда” оҕо сынньанар, чэбдигирэр киинигэр уон хонук буор босхо сынньанан, эмтэнэн, араас дьарыктарга сылдьан кэллилэр. Оҕону сайыннарар дьарыктар, тэрээһиннэр быыстала суох буоллулар, ол курдук талааннаах дьону: артыыстары, салайааччылары, суруйааччылары, эдэр ыччаты — көрсөн, элбэххэ үөрэннилэр, үгүс саҥаны биллилэр -көрдүлэр, үөрэннилэр. Холобур, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин преподавателэ, биллиилээх дииктэр Сардаана Федорова бэйэтин үөрэнээччилэрин, кэллиэс устудьуоннарын кытта кэлэн тыыныыга, хайдах саҥарарга (риторика дьарыгар)  маастар-кылаас биэрдэ. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар сырыттылар. Саха араадьыйатыгар, ТВ, » Кэскил» оҕо хаһыатыгар интервью биэрдилэр, сэһэргэстилэр. Алтынньы 17 күнүгэр буолбут.

Ф. И. Авдеева аатынан Оҕо дыбарыаһыгар XVIII  өрөспүүбүлүкэтээҕи  “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уолан ааҕыыларыгар биһиги гимназиябыт икки бөлөҕө “Умсулҕан” (8 кылаас), “Өркөн” ( 10 кылаас) ситиһиилээхтик кыттан, 2-с истиэпэннээх дипломант аатын дьоһуннаахтык ыллылар. “Бастыҥ ааҕааччы” куонкуруска кыттар чиэһи Андрей Михайлов (8 кылаас) уонна Андрей Степанов (10 кылаас) ыллылар.

Түмүгэр Андрей Степанов муҥутуур кыайыылаах аатын ылан, “Өрөгөй” диэн анал ааты ылла уонна тохсунньу ыйга Ил Дархан Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар сылдьар быраабы ылан, улахан чиэскэ тигистэ. Бу Андрей 5-с кылаастан хоһоон ааҕан, өр сылларга сыламтата суох үлэлээбит түмүгэ буолар.

 “Уолан ааҕыыларыгар” кыра эрдэҕиттэн дьарыктаммыт, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэлэргэ, ааҕыыларга ситиһиилээхтик кыттыбыт, дьарыктаммыт, үөрэх бастыҥа, общественник, оҕо хамсааһынын көхтөөх лиидэрэ Олег Макаров  Ыччат министиэристибэтин “Дьулуур” диэн түөскэ анньыллар бэлиэтинэн наҕараадаланна.

Олег – олус дьоһуннаах уол, бу улахан наҕараадатын чиэстээхтик сүгэн, аатын ааттатыа диэн эрэнэбит.

Акулина Николаевна Кузьмина уол оҕо сайдарын туһугар айбыт бу бырайыага, күн-дьыл өксүөнүн аахсыбакка, өссө да  үлэлии, сайда турдун, бириистэрин пуондатыгар олус сыралаһан үлэлээн, улахан сыаналаах бириистэри оҥороругар ис сүрэхпититтэн махтанабыт.

“Бэс чагда” оҕо чэбдигирэр-сынньанар киинин үлэһиттэригэр,  бырайыак ааптара, салайааччы Акулина Николаевна Кузьминаҕа, кыра кылаастан дьарыктыыр учууталбыт Фекла Николаевна Болдовскаяҕа, гимназиябыт салалтатыгар, төрөппүттэргэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

 

 

Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын “Тумус кыһа” пресс-киинэ

 

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй