Кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда туманын ортотунан сарсыарда аайы бэрт эрдэ Мырыла бөһүөлэгин уулуссаларынан түөрт тыраахтыр утуу-субуу ньиргиһэн ааһаллара.
Бастакы тимир көлөнү Михаил Николаев “муоһалаан бастыыра”. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Субуруускай аатынан сопхуос Соловьевтааҕы отделениетыгар гвардеецтыы үлэлиир механизаторынан биллэрэ. Михаил Гаврильевич баҕатыйан баһылаабыт таптыыр идэтигэр уһуйуллан аны төрөппүт уола Прокопий Михайлович тыраахтыр уруулун эрэллээхтик тутар киһи буолбута. Кини аҕатынаан иккиэн от-мас таһыытыгар үлэһит хоһууннара дэттэрбиттэрэ, “ДТ-75” тыраахтыры тигинэччи үлэлэтэллэрэ.
Оттон оройуоҥҥа тиийэ киэҥник сураҕырбыт механизатор, коммунистическай үлэ удаарынньыга Гаврил Данилович Николаев быраатынаан Михаил Даниловичтыын “Беларуһу” ат-миҥэ көлө оҥостон оттук мас таһыытыгар сылдьаллара, бүтүн бөһүөлэк араас тэрилтэлэрин, биирдиилээн ыалларын толору хааччыйаллара.
Быһата, түөрт бырааттыы Николаевтар отделение төһүү үлэһиттэрэ, нэһилиэк ытыктанар дьонноро, бөһүөлэк үтүө ыаллара дэтиэхтэрин дэппиттэрэ. Оттон ССКП XXV сийиэһин көрсө куоталаһыы үгэннээн турар кэмигэр – 25 удаарынай үлэ күннэригэр – Николаевтар өссө охсуулаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ