“Ыт үрэр моргуорун,
Ыраахтан истибэт,
Байанай барахсан,
Баардыттан туһаммат,
Аал уотун, иччитин,
Алгыстаан аһаппат –
Ол булчут буолбатах…”
Михаил Гоголев-Долгун.
Бу ыстатыйаны ааҕааччы араастаан ылыныан сөп. Ол эрээри былыр-былыргыттан киһи доҕорунан ааттаммыт саха ыта барахсан сиргэ-уокка, булка-алка сылдьыытын, кинини көрүү-истии билиҥҥи кэмҥэ туох уратылардааҕын, ыраас боруоданы тутуһуу сиэрин туһунан Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, арҕааҥы-сибирскэй уонна илин-сибирскэй лайканы иитиигэ хас да сыл өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр кыттыбыт Георгий Иванович Барашковы көрсөн кэпсэттибит.
- Хас сыл аайы Дьокуускай куорат “Комсомольскай” болуоссатыгар ыттары көрүү быыстапка ыытыллар. Онно биир үксүн илин-сибирскэй, арҕааҥы-сибирскэй уонна саха булчут лайкалары көрүү буолар. Бу күрэххэ кыттыыны ылбыппыт 10-тан тахса сыл буолла, улууспут чиэһин көмүскүүбүт. Кэнники сылларга Чурапчы ыттара быыстапкаҕа биирдиилээн уонна эһэҕэ тургутан көрүүгэ 1 миэстэҕэ сылдьаллар. Биһиги улууспутугар араас боруода ыт барыта баар. Ол курдук, аҕыс сыллааҕыта Болтоҥоттон төрүттээх Николай Герасимов Доҕор диэн ыта кыайыылаах буолбута. Оттон иккис сылыгар Чурапчы нэһилиэгиттэн Иван Неустроев ыттара тыатааҕыны тургутан көрүүгэ бастаабыттара, Хадаартан төрүттээх Вячеслав Давыдов Бастыҥ диэн ыта эмиэ кыайа сылдьыбыта, бу улууспут өссө 1 нүөмэрдээх ыта буолар. 2019 сыллаахха ыытыллыбыт быыстапкаҕа бэйэм восточнай-сибирскэй лайка ытым Нуха (ЗСЛ) уонна Скай эһэни тургутан көрүүгэ киирэннэр бастаабыттара.
Ыттары кыра эрдэхпиттэн иитэбин, убайым ыттарын иитииттэн саҕаламмыта. Убайым Егор Барашков булчут ыттардаах буолар этэ. Быыстапкаҕа кыттарга бэтэринээртэн ыспараапканы булгуччу ирдииллэр, билигин “Меркурий” бырагыраамаҕа кытары киллэттэрдилэр, сорох дьон оннооҕор ыттарыгар, сүтэр түгэнигэр, түргэнник булаары, анал чииптэри туруортараллар. Онон докумуона суох ыт аны быыстапкаҕа кыайан кыттыбат. Өрдөөҕүтэ Павел Васильевич Саввины кытары маннааҕы пааркаҕа эһэни тургутан көрүү бастакы күрэҕин тэрийбиттээхпит.
Ол кэнниттэн Кыттайбан алааһыгар, Одьулуун, Хоптоҕо нэһилиэктэригэр тэрийиигэ сылдьыбыппыт. Маҥнай, атын улуустар “Чурапчыга бултара-алтара, ыттара да суох” диэн улахаҥҥа уурбат курдук тутталлар этэ. Дьэ, бу докумуоннаах, удьуор төрүттээх ыттары сүүмэрдээн ылан, билигин ыппыт оҕолоро улаатан, тэҥҥэ күрэхтэһэр буоллубут. Ыты талыыга маҥнай төрүттэрин үөрэтэн оннук эрэ ыттары холбуурга дьулуһабыт. Холобура, бултаабат, төрдө-ууһа суох ыты көрө-тала барбаккын. Былыргылыы ыт оҕотун кутуругуттан өрө тардан таһааран көрүү билигин биһирэммэт, итинниккэ ыт оҕотун сиһин тоноҕоһо эчэйиэн сөп, тутар да буоллахха, кэлин атахтарыттан сэрэнэн көтөҕөн көрөр ордук. Кыра эрдэҕинэ уҥуоҕа көннөрү өҥүргэс эрэ буоллаҕа. Кутуруга эриллибэтэҕэ улахан оруолу оонньообот.
Атахтарын тилэҕэ, таҥалайа хара буолара ордук, кулгаахтарын икки арда, түөһэ төһө кэтитэ о.д.а. ирдэбиллэрэ баһаам. Өссө биир сүрүнэ – ийэтин, аҕатын, эһэтин, эбэтин син биир туоһулаһаллар. Быыстапкаҕа тиийдэххэ, ыккын анал стандарт нуорматынан мээрэйдииллэр (боруодаларынан тус-туспа көрөллөр), атыыр ыты сымыытын кытары тутан көрөллөр, айаҕын атытан тииһин эрээтэ (прикус) төһө сөпкө сытарын бэлиэтииллэр о.э. тиистэрэ туора-маары буолар түгэнигэр, ол аата, булкаас ыт диэн буолар. Итинник омос көрдөххө, кыра итэҕэстэн хайдахтаах да үчүгэй көрүҥнээх ыт буолбутун көрө барбакка, күрэхтэһииттэн туоратан кэбиһэллэр. Итини таһынан тас көрүҥүн сайдыытын, хараҕын өҥүн эмиэ көрөллөр. Чурапчы улууһугар Чурапчы, Одьулуун, Мугудай, Бахсы, Алаҕар, Болугур нэһилиэктэрин уолаттара күрэхтэргэ кытталлара биһирэнэр.
Билигин нэһилиэккэ бэйдиэ сылдьар ыттар тустарынан айдаан баар. Итиннэ хара маҥнайгыттан ыты иитэ ылар киһи улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Хайаан даҕаны ыккар быһыыны бэрдэриэхтээххин, баайыахтааххын. Иитэбин диэн ылбыт ыккын хараһыйыах, харайыах тустааххыт. Биһиги ыттарбыт барыта анал вольердарга хааллан эбэтэр бааллан тураллар. Бэйдиэ сылдьыбаттар, биһиги ыттарбытын ханна даҕаны уулуссаҕа биирдэ да таба тутан көрбөккүт. Туспа массыынаҕа тиэйэн тахсан тыаҕа сырытыннаран сүүрдэбит. Булка илдьэ сылдьарга ыттарыҥ эмиэ туспа көрүҥнэргэ арахсаллар – киисчитин, тайахсытын, кусчутун, эсэһитин уратылаһаллар. Биир эмэ түгэҥҥэ, ону даҕаны дэҥҥэ барытыгар сылдьыһар (профи) ыт үөскүүр. Холобура, Николай Герасимов иитэр ыта куһуттан саҕалаан, тайахха кытары сылдьыһар. Оттон ыт оҕотун ыларга куруук атыы буолбакка, хаан атастаһыытыгар, ыты ыт оҕотугар диэн кэпсэтиһэн мэнэйдэһэҕин. Түмсүүбүт сүрдээх көхтөөх. Ол курдук, Тааттаҕа, Уус Алдаҥҥа, Дьокуускай куоракка, Бүлүү бөлөх улуустарыгар тиийэ үөрэ көрсөллөр. Бу сааскыттан саҕалаан эһэни тургутан көрүүнү, хомойуох иһин, бобон кэбистилэр. Кэлиҥҥи бириэмэҕэ тыатааҕы киһини туппутун туһунан дьулаан сонуннар кэлэллэр. Эһэни тургутан көрүү түһүмэҕэр ытыҥ хайдаҕын дьэ билэҕин, онно тыатааҕы төһө да бааллан турбутун үрдүнэн киниэхэ туох даҕаны куһаҕан дьайыы оҥоһуллубат, ыттар тириитин хайыта тыытар түгэннэрэ эҥин тахсыбат. Үгүс ыттар куттанан, чугаһыахтааҕар буолуох, үрбэттэр даҕаны, биир эмэ ыт кэнниттэн кэлэн тиистээбитэ буолар да, онно даҕаны кырдьаҕаһы хайдах да түгэҥҥэ эмсэҕэлэппэт.
Күрэхтэһиилэри куоракка олорор уолаттарбыт барытын салайан күүс-көмө буолаллар, саас тахсан былаһаакканы астаран биэрэллэр, маны таһынан барыыга-кэлиигэ успуонсар буолар дьоммутун ааттаталыам этэ, түгэнинэн туһанан, кинилэргэ улуус ыты иитээччилэрин аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит: нэһилиэкпит баһылыга Владимир Сивцев, “АгроОйл” салайааччыта Николай Филиппов, тимир уустара Василий Попов-Бааха Уус, Иван Устинов, “Ситим” маҕаһыын үлэһитэ Алексей Местников, уруккута “АЭБ” салайааччыта Василий Пудов, “Сахаспецтранс” салайааччыта Геннадий Максимов, “Сайдам” маҕаһыын салайааччыта Егор Попов, “Олук” маҕаһыын дириэктэрэ Николай Попов.
Бэйэм билигин үс ыттаахпын, Кира уонна Скай арҕааҥы-сибирскэй тыһы ыттар, Нуха илин-сибирскэй атыыр. Астарын-үөллэрин быһаарарбар эрдэ буойунаттан ис, эт кырамталарын атыылаһабын. Ону буһаран сиэтэбин, эбии хааһылыыбын, итинниккэ “Геркулес” үчүгэй, бытархай балыктары биэрэбин. Улахан ыттары күҥҥэ биирдэ, бараары-кэлээри гыннахтарына, иккитэ аһатабын.
Ити курдук, Чурапчы улууһун ыты иитээччилэрэ булчут уонна быыстапкаҕа кыттар ыттарын хайдах дьаһанан, көрөн-истэн, харайан олороллорун билистибит. Нэһилиэкпит дьоно эмиэ дьиэҕэ иитэр ыттарын сөпкө дьаһаныахтара, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан иитиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Кэпсэттэ Сэмэн Жендринскэй