Бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ өссө биир “Саллаат паартатын” Хатылы орто оскуолатыгар туруордулар

Бүгүн о.э. ахсынньы 8 күнүгэр, буойун-суруйааччы Василий Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар бэлиэ түгэн буолла. Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтэ, Чечня сэриитин 1-кы хампаанньатын кыттыылааҕа Иван Попов аатын үйэтитэннэр “Саллаат паартатын” илдьэннэр туруордулар.

Өр сыл буолан ахтыллыбыт саллаат аатын кэриэстээн Хатылы нэһилиэгин баһылыга Вячеслав Попов, Чурапчы улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Матрена Матвеева, улуус дьаһалтатын социальнай управлениетын исписэлииһэ Алена Пермякова, оскуола дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйаачы Екатерина Спиридонова, улуус үөрэҕин салаатын исписэлииһэ Екатерина Хоютанова, бииргэ үөрэммит доҕотторун ааттарыттан Мария Борисова, Иван ийэтэ Матрена Петровна, аҕата Дмитрий Дмитриевич, чугас аймахтара кэлэннэр кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин бэлиэ чааһыгар оскуола байыаннай-патриотическай кулуубун чилиэттэрэ дойду былааҕын көтөҕөн киллэрдилэр, өрөгөй ырыата тыаһаата. Ол кэнниттэн Иван Попов сырдык аатын кэриэстээн биир мүнүүтэ саҥата суох соҥуоран турдулар.

“Саллаат аата хаһан баҕарар ааттана туруохтаах. Бу паарта хас биирдии үөрэнээччигэ саҕалаан курдук буоллун, кэлин оскуола салалтатын өйөбүлүнэн атын даҕаны үйэтитии үлэлэрэ ыытыллыахтара”, — диэн бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Илья Березкин бэйэтин тылыгар эттэ уонна Иван Попов ийэтигэр Матрена Петровнаҕа сибэкки дьөрбөтүн туттарда. Кинини сэргэ бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ Савелий Дьячковскай, Василий Монастырев кыттыстылар.

ПОПОВ ИВАН ДМИТРИЕВИЧ

(05.05.1977 – 16.05.1998)

Иван Попов, 1977 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр Матрена Петровна уонна Дмитрий Дмитриевич Поповтар дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Ваня 10 саастааҕар дьонноро Хатылы нэһилиэгэр көһөн кэлэн олохсуйаллар, кини кэнниттэн эмдэй-сэмдэй икки былтылара күн сирин көрбүттэрэ. Дьоллоох оҕо сааһа Хатылыга ааспыта, оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар саахымакка дьарыктанан араас күрэхтэһиилэргэ өрүү инники күөҥҥэ сылдьара, бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ. Кэлин чэпчэки атлетиканан, сахалыы атах оонньууларыгарүлүһүйэн элбэх күрэхтэһиилэргэ чөмпүйүөн буолбута. Кыра сааһыттан эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах уол буола улааппыта. Иллэҥ кэмигэр доҕотторун кытары мэлдьи айылҕаҕа сылдьарын ордороро. Дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар дьонугар бастыҥ көмөлөһөөччү этэ. Ийэтигэр, эбэтигэр, балтыларыгар олус кыһамньылаах сыһыаннааҕа.

1995 сыллаахха 18 сааһын туолан аармыйаҕа сулууспалыы ыҥырыллыбыта. Сулууспатын кэмигэр МВД лиинийэтинэн (внутренние войска), 7431 нүөмэрдээх байыаннай чааска 7 ротаҕа түбэһэн, Чечня уоттаах сэриитигэр кыттыыны ылар. Хас даҕаны бойобуой сорудаҕы хорсуннук толорон махтал суругунан бэлиэтэнэр. Дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Хомойуох иһин Иван, баара-суоҕа 21 сааһыгар олус хомолтолоохтук күн сириттэн күрэммитэ.

 

Өрөспүүблүкэ үрдүнэн бу эрэ нэдиэлэҕэ, Дьоруой күнүн чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр буолан түмүктэнэн эрэ эбит буоллахтарына, Чурапчы улууһун бойобуой дьайыы бэтэрээннэрин уопсастыбаннай түмсүүтэ өссө былырыыҥҥаттан саҕалаан күн-бүгүҥҥээҥи диэри тиһигин быспакка оскуола үөрэнээччилэригэр, устудьуоннарга анаан кылаас чаастарын уонна саамай сүрүнэ үйэтитии өттүтүгэр “Саллаат паартата” аахсыйа ыытан бу сылга түмүктээн эрэр. Бүгүн эбиэттэн киэһэ Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар Марьян Посельскай сырдык аатыгар эмиэ паарта туруоруллуоҕа.

Түмүккэ Хатылы оскуолатын үөрэнээччилэрин хоһооннорун хатылыаҕы баҕарыллар:

Күөх халлаан анныгар үүнэбит-үөскүүбүт,

Күөх халлаан анныгар үөрэбит-көтөбүт,

Күөх халлаан анныгар олоҕу тутабыт,

Күөх халлаан анныгар оҕолор сайдабыт,

Күөх халлаан анныгар эйэни таптыыбыт!

 

Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыска5а түһэриитэ